КОНСТАНТИНОВ Прокопий Алексеевич

КОНСТАНТИНОВ Прокопий Алексеевич
КОНСТАНТИНОВ Прокопий Алексеевич

КОНСТАНТИНОВ Прокопий Алексеевич

(1920 — 1970)

06.42 с. ыҥырыллыбыт, 11.43 с. эргиллэн кэлбит. 1970 с. өлбүт, Тиит Эбэҕэ көмүллүбүт.

1920 сыллаахха от ыйын 20 күнүгэр Арҕаа Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннигэр Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитэ. 1942 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллыбыта. Сиһигэр, илиитигэр бааһыран сэрии толоонуттан төннүбүтэ. 1949 сыллаахха I Дьөппөн оскуолатыгар үлэ учууталынан ананан кэлбитэ. Ол саҕана оскуолалар политехническэй хайысханан үлэлииллэрэ, ол эбэтэр оскуолаттан барыны-бары сатыыр, оҥорор уус идэлээх ыччат уһуллан тахсыахтаахтара.

Прокопий Алексеевич айылҕаттан бэриллибит уруһуйдьут, уус талааннааҕа. Оччотооҕуга оскуола оҕолоро холкуоска кыраабылы, атырдьаҕы, туора күрдьэҕи, саах күрдьэр күрдьэҕи, ынах ыыр олоппостору оҥорон биэрэллэрэ. Тимиртэн аан боробуойун, тээпкэни уо.д.а. оҥороллоро. Уруһуйга дьоҕурдаах оҕолору талан куруһуок ыытара. Оройуоҥҥа буолар оҥоһук быыстапкаларыгар оскуола мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьара. Үлэ уруогун учууталын быһыытынан үлэтин уоппутун республикаҕа брошюра таһааран тарҕаппыттара. Аҕабыт өссө начаалынай кылаастарга учууталлыыра, математиканы, физкультура уруогун кытта үөрэтэрэ. Кини үлэлиир кэмигэр оскуола үөрэнээччилэрэ хайыһарга оройуон чиэһин көмүскүүллэрэ. Кини үлэтигэр бэриниилээҕэ, ыалдьа-ыалдьа үлэтигэр бара турара. 1970 сыллаахха от ыйыгар ыалдьан олохтон барбыта. Кини олоххо сэмэйэ бэрт буолан сэриигэ сылдьыбыт суолун кэпсээбэккэ, сурукка-бичиккэ түһэрбэккэ биһиги кэккэбититтэн туораабыт. Сэрииттэн кэлэн баран баастарын оһорунан куоракка санаторийга сыппытын туһунан улуус үөрэҕин салаатын архыыбыгар бирикээс кинигэлэригэр бэлиэтэммит.

Кини учуутал быһыытынан олоххо туттуллар элбэх сатабылы, дьоҕуру иҥэрбитин туһунан үөрэнээччитэ Мария Федулова маннык ахтар: “Мин тулаайах улааппытым. Учууталым Прокопий Алексеевич элбэх да сатабылга миигин үөрэппитэ. Мин тоһоҕону олус үчүгэйдик саайар эрэ буолбакка, маһы алдьаппакка эрэ сатаан туурарбын, эрбиирбин, сүгэнэн туттарбын эр дьоннор сөҕөллөрө, онно барытыгар учууталым барахсан үөрэппитэ диэн киэн тутта кэпсиибин”.