ЛАРИОНОВ Иван Федорович

ЛАРИОНОВ Иван Федорович
ЛАРИОНОВ Иван Федорович

ЛАРИОНОВ Иван Федорович

(1915-1961) 

Воинское звание — полковник

Призван 08.36 г., демобилизован 11.61 г.

Родился в 1915 г. в Качикатском наслеге Восточно-Кангаласского улуса. Якут. В комсомоле состоял с 1930 по 1941 гг., член партии с 1943 г.

В 1934 г. Ларионов И.Ф. окончил 2 курса советско-партийной школы, работал инспектором райОНО, а затем — заведующим пионерским отделом в родном районе.

В 1936-1937 гг. он успешно учился и окончил Якутскую национальную военную школу. Потом, как один из лучших курсантов-выпускников, был оставлен в школе командиром отделения. Ларионов И.Ф, за хорошую работу в воспитании курсантов ЯНВШ в 1938 г. был награжден Почетной грамотой ЦИК ЯАССР.

В том же году он поступает в Свердловское военно-пехотное училище. Здесь за отличные успехи в боевой и политической подготовке курсант Ларионов И.Ф. постановлением Военного Совета Уральского военного округа был занесен на Доску Почета Военного округа. В декабре 1939 г. он успешно окончил училище по первому разряду с присвоением звания лейтенанта. Командование направил молодого офицера в распоряжение Ленинградского военного округа.

Ларионов И. Ф. сначала командует стрелковым взводом отдельного лыжного батальона 139-й стрелковой дивизии 8-й Армии. Через полгода ему доверяют командование стрелковой ротой.

К началу Великой Отечественной войны лейтенант Ларионов И.Ф. командовал стрелковым батальоном 685-го стрелкового полка 193-й стрелковой дивизии 5-й Армии Юго-Западного направления.

Отражая яростные атаки противника, части 5-й Армии в июне 1941 г. прочно удерживали позиции в 20-30 км от государственной границы. «Вражеское командование особенно волновала активность нашей 5-й Армии, наносившей непрерывные удары по левому флангу группы армий «Юг».

Батальон под командованием Ларионова участвовал при нанесении контрудара в направлении Новгород — Волынский в первой половине июля 1941 г., затем, оказавшись в окружении, прорвал кольцо и отошел на линию Коростеньского укрепленного района и принял непосредственное участие в обороне Киева.

Как батальон Ларионова, так и вся 193-я стрелковая дивизия сражались в очень сложных условиях с превосходящими силами противника. Остатки его батальона с 18 сентября по 4 октября 1941 г., как и вся 193-я стрелковая дивизия, находились в окружении в районе Белошапки Пирятинского района Черниговской области. Только в результате неимоверных усилий воинов и командиров, умелого маневра силами и средствами, они вышли из кольца на 17 день окружения в Гадячском районе Полтавской области. Затем батальон Ларионова И.Ф., пополнив свои ряды, год сражался в составе Юго-Западного фронта.

В октябре 1942 г. командование решило отозвать его с фронта в тыл командиром учебного батальона 31-го запасного стрелкового полка 10-й запасной стрелковой бригады. Эта бригада готовила младших командиров для Юго-Западного, Степного, Донского, Центрального и 1-го Белорусского фронтов.

Вот строки характеристики на командира батальона Ларионова И.Ф. от 14 декабря 1942 г.: «Подготовка курсантов хорошая. Учебный процесс организован правильно… Батальон занял первое место».

от 9 мая 1945 г.:

«Майор Ларионов И.Ф. за исключительное добросовестное отношение к служебным обязанностям в деле подготовки полноценного сержантского состава для действующих частей фронта вполне достоин представления к правительственной награде — ордену Красной Звезды».

Не мог боевой командир отсиживаться в тылу, хотя это была необходимость. Он добился отправки на действующую армию. Он дошел от Волги до Берлина. Встретил Победу командиром моторизованного батальона автоматчиков.

За заслуги в годы Великой Отечественной войны майор Ларионов И.Ф. был награжден двумя орденами Красной Звезды, орденом Боевого Красного Знамени, 6 боевыми медалями — «За боевые заслуги», «За оборону Сталинграда» и др.

Полковник. Умер 1961 г., захоронен в Якутске

 Ахтыылартан

Мин 1952 сыл Дьокуускайдааҕы музыкальнай-художественнай училище студена буолбутум. 1953 сыллаахха саас хаардаахха Сысолятиннар диэн ыалга тиийбитим. Дойдубуттан, Кыһыл Үрүйэттэн, Тарасов Испиэр диэн оҕонньор киирэн олороро. Таһырдьаттан байыаннай папахалаах, полковник погоннаах синиэллээх лас курдук доруобай, нууччалыы көрүҥнээх хара бараан сирэйдээх киһи киирэн кэлбитэ. Дорооболоһуу, кэпсэтии буолла. Били Испиэри киирбит киһи биллэ. Сахалыы олуттаҕас соҕустук саҥарар. Испиэр оҕонньор сүрдээҕин үөрдэ, долгуйда. “Дьэ, үчүгэй киһи буолбуккун. Сахаҥ тылын умнубатаххын”, — диэтэ, бэйэтин биир уола сэрииттэн эргиллибэтэх оҕонньор хараҕыттан уу бычалыйан туран. Мин улахан дьон кэпсэтиитигэр мэһэйдээмээри, дьиэбит да кыараҕаһа бэрт, таһырдьаны былдьастым.

Иккиһин И.Ф. Ларионовы 1958 сыллаахха училищебын бүтэрэн, аны бэйэм армияҕа ыҥырыллар буолан, куорат ипподромугар көрбүтүм. Кини онно армияҕа барыахтаах призывник уолаттары үрдүк томторго кыһыл таҥас сабыылаах кыра остуол аттыгар олоппоско олорон, байыаннай — учетнай карточкаларбытын көрө — көрө бэрэбиэркэ оҥорбута. Кэнники байыаннай комиссардар оннук оҥорбуттара дуу, суоҕа дуу, билбэтим. Бүтүн түөрт сүүсчэкэ киһини.

И.Ф. Ларионов сырдык аатын кэриэстээн биир дойдулаахтара, кыһыл үрүйэлэр, дэриэбинэлэрин биир уулуссатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ. Үөрэммит оскуолатыгар советскай кэмҥэ оскуола пионерскай дружината кини аатын сүгэрэ. Оскуолаҕа өр сылларга старшай пионербаһаатайынан ситиһиилээхтик үлэлээбит А.Н. Полуэктова (Платонова) үтүөтүнэн оскуолаҕа кини бюһа туруоруллубута. И.Ф. Ларионов туһунан республика, улуус хаһыаттарыгар хаста да суруллубута.

Г. Герасимов

12.08.2004 с.

Саллааттан полковникка тиийэ

Мас ороҥҥо сааһырбыт эр киһи суорҕанынан саптан сытара. Кини утары мас ороҥҥо олорор киһиэхэ нэһиилэ саҥа таһааран эппитэ: ”Уйбаан, ыарыһах буоллубут, оҕолорбут өссө кыралар, кинилэр тулаайах хаалыахтара. Эн биһиги чугас аймахтарбытыттан биирдэстэринэн буолаҕын, онон кинилэри бэйэҕэр ылан, киһи буолалларыгар көмөлөһөр кыахтааххын…”

Маннык ыар кэпсэтии 1926 сыллаахха Качыкаат нэһилиэгэр Мундулаах күөл аттыгар олорор саха дьадаҥыта Федор Ларионов дьиэтигэр буолбута. Сотору кини өлбүтэ, онтон аҕыйах сыл буолаат кэргэнэ Дария өлбүтэ. Үс оҕо төгүрүк тулаайах хаалбыттара. Улаханнара, кэнники полковник буолбут, биһиги ааҕааччыларга кэпсиэхпитин баҕарар киһибит, Иван оччотооҕута — 13, быраата Петя — 7, балта 5 саастаахтара.

Иван Гаврильевич Ноевтаах бокуонньук Ларионов чугас аймахтарыттан биирдэстэрэ этилэр. Кинилэр тулаайах хаалбыт оҕолору көрбүттэрэ-харайбыттара, биир тылынан эттэххэ, өлбүт төрөппүттэрин солбуйбуттара.

Иван барыны-бары билэ-көрө сатыыр уонна сайаҕас уолчаан буола улааппыта. Кини 1930 сыллаахха Качыкаат начаалынай оскуолатын бүтэрбитэ, комсомолга киирбитэ. Эмиэ ол сыл ЫБСЛКС райкомун путевкатынан Дьокуускайдааҕы советскай-партийнай оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ уонна 1934 сыллаахха бүтэрбитэ. Советскай-партийнай оскуолаттан Иван Ларионов ситэн-хотон тахсыбыта, Тиит-Арыытааҕы ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, онтон райОНО инспекторынан, ЫБСЛКС райкомун пионерскай үлэҕэ отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1936 сыл эдэр Иван Федорович олоҕор ураты кэрэ-бэлиэ дьыл. Кини бэйэтин олоҕун дойду Сэбилэниилээх Күүстэрин кытта мэлдьи быстыспат ситимнээбитэ…

… И.Ф. Ларионов уопуттаах бойобуой хамандыыр буолан, элбэх бойобуой дьайыыларга кыттыбыта. Волгаттан Берлиҥҥэ тиийбитэ. Кини Германияҕа автоматчиктар моторизованнай батальоннарын хамандыырын быһыытынан тиийбитэ. Кини 1943 сыллаахха кырыктаах өстөөҕү кытта өлөр-тиллэр кыргыһыы уотугар сылдьан, ССКП кэккэтигэр киирбитэ. И.Ф. Ларионов фашистскай Германияны кыайыы кэнниттэн Германияҕа Советскай Армия сэриилэрин бөлөхтөрүн кэккэтигэр сулууспалаабыта. Офицерскай састаап билиитин үрдэтэр кууруска үөрэммитэ, Украина Станиславскай уобалаһыгар Жабиевскай оройуон байыаннай комиссарынан үлэлээбитэ.

И.Ф Ларионов төрөөбүт Сахатын сиригэр 1953 сыллаахха төннүбүтэ, бастаан отдел начальнигынан, Саха АССР байыаннай комиссарын солбуйааччынан үлэлээбитэ.

1957 сыллаахха бэс ыйыгар кини Саха АССР байыаннай комиссарын дуоһунаһыгар өрө таһаарыллыбыта, онно кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбитэ. Бу үлэҕэ Иван Федорович улахан тэрийээччи, социалистическай Ийэ дойдуга, Коммунистическай партия дьыалатыгар тиһэҕэр тиийэ бэриниилээх сэмэй коммунист быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ, табаарыстарыгар улахан тапталынан уонна ытыктабылынан туһанара. Кини Саха АССР Верховнай Советын депутатынан, ССКП обкомун чилиэнинэн быыбардана сылдьыбыта.

1961 сыллаахха ахсынньыга Иван Федоровиһы күүһүн-уоҕун саамай үгэнигэр өлүү биһиги кэккэбититтэн былдьаабыта. Кини үгүс түбүктээх, үөрүүлээх уонна баай дириҥ ис хоһоонноох олоҕу олорбута.

Курскай уобаластан төрүттээх нуучча кыыһын Вера Николаевнаны кэргэн ылбыта. Үс уол оҕоломмуттара.

Н.Едисеев,

революционнай, бойобуой уонна үлэҕэ албан аат кулуубун чилиэнэ

“Лена маяктара” хаһыат, 1972 с. муус устар 9 күнэ, N 43.