ПРОКОПЬЕВ Иван Алексеевич
ПРОКОПЬЕВ Иван Алексеевич
(1920-1970)
07.41 с. ыҥырыллыбыт, 1942 с. эргиллэн кэлбит. 1970 с. өлбүт, Булгунньахтаахха көмүллүбүт
1920 с. III Малдьаҕарга төрөөбүтэ. Тулаайах хаалан II Малдьаҕарга иитиллибитэ.
1937 с. Булгунньахтаах сэттэ кылаастаах оскуолатын кэнниттэн, учуутал техникумун бүтэрбитэ. Үксүн II Малдьаҕарга учууталлабыта, Покровскайга кытаанах иитиилээх кылааһы үөрэппитэ.
Сэрии саҕана 1941 с. армияҕа ыҥырыллыбыта. Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа, Старай Руссаҕа сэриилэспитэ. Сэриигэ Тиит Арыы олохтооҕо, биир дойдулааҕа Софронов Петр Николаевич отделениетыгар разведчигынан сылдьыбыта. Софроновы кытта хас да төгүллээн «тыл» ылыыга сылдьыбыттара. Кинилэр чаастарыттан ханан эрэ саһан кэлэннэр, немецтэр патрулларга саба түһэн «тыл» илдьэр буолтар. Ону Софроновтыын чинчийэн, немецтэр хайыһарынан кэлэр орохтоммуттарын булбуттар. Тоһуур оҥорорго бирикээс ылан, 9 буолан киһи уҥуоҕар хаары хастан сыппыттар. Киэһэ, борук — сорукка, фрицтэр разведкалара бу барыһан кэлбиттэрин ытыалаан охторбуттар, хас да бааһырбыт фашиһы Иван автоматынан ытыалаан өлөртөөбүт, биир офицеры «тыл» ылбыттар.
1942 с. Иван ыараханнык бааһыран госпитальга эмтэнэн баран дойдутугар төннүбүтэ.
1942-1948 сс. Булгунньахтаах оскуолатыгар иитээччинэн, физкультура, начаалынай кылаас учууталынан үлэлээбитэ.
Уус — уран көрүүгэ көрүдьүөстээх оруоллары толорон дьону күллэрэн, олохтоохтору үөрдэр эбит.