«Буккроссинг» технология – дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үгэстэрин сөргүтүү ньымата
30 №-дээх «Кэскил» уһуйаан уопутуттан
Бырайыак ааптара: С.В.Кривошапкина, иитээччи.
Бырайыак кыттыылаахтара:
- уһуйаан иитиллээччилэрэ;
- уһуйаан үлэһиттэрэ;
- төрөппүттэр.
Бырайыак сыала: «Буккроссинг» инновационнай технология көмөтүнэн оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин эйгэтигэр оҕоҕо кинигэҕэ интэриэһи үөскэтэр, дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үгэстэрин сөргүтэр сыаллаах нэһилиэк бибилэтиэкэтин, төрөппүттэри, педагогтары түмэр уһулуччу эйгэни тэрийии.
Бырайыак соруктара:
- «Буккроссинг» инновационнай технологияны бырайыак бары кыттыылаахтарыгар билиһиннэрии;
- төрөппүт оҕотугар кинигэ ааҕарын көҕүлээһин;
- оҕо күннэтэ кинигэни кытта алтыһар үөрүйэҕин үөскэтии, кинигэҕэ харыстабыллаах сыһыаны иитии;
- оҕо кэпсэтэр, билэр-көрөр баҕатын, тулуйан истэр, айымньы ис хоһоонун өйдүүр сатабылын, иэнийиитин, кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы;
- төрөппүттэргэ уонна педагогтарга аналлаах оҕону кинигэҕэ сыһыарар методическай тэрээһиннэри ыытыы;
- уһуйааҥҥа кинигэлэри элэхтээбит киһи баҕа санаатын, аатын-суолун билиһиннэрэр QR-кодтары оҥоруу.
Бырайыак билинни кэмнэ суолтата.
Бырайыак олоххо киирбит сыллара: 2022 — 2023 сс.
Бырайыак оҥоһуллубут төрүөтэ
2021 сыллаахтан миигин, эдэр үлэһити, уопуттаах иитээччи С.П.Соломонова идэбэр уһуйан, такайан, сүбэлээн-амалаан, араначчылаан, бииргэ үлэлээбит үлэбит таһаарыылаах, элбэх ситиһиилээх буолан үөрдүбүтэ. Кылгас кэм иһигэр айар-тутар сатабылым арыллан, араас педагогическай күрэхтэргэ кыттан ситиһиилэнэн, уһуйааччыбар махталым улахан. Киниэхэ туох уратыны, интэриэһинэйи, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылары утары уунуохпун сөбүй диэн санаа санаа үүйэ-хаайа туппута.
Уһуйаан бибилэтиэкэтин үлэтин уһуйааччым Сардана Петровна иилээн-саҕалаан ыытар, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар аналлаах «Ааҕыахха» куруһуогу ситиһиилээхтик үлэлэтэр. Ол да буоллар, кэнники кэмҥэ кинигэҕэ интэриэс, дьиэ кэргэнинэн ааҕыы лаппа намтаабытын бары бэлиэтиибит. Ол иһин кинигэҕэ, ааҕыыҕа сыһыаннаах сонун бырайыак толкуйдаан үлэлэппит киһи диэн баҕа санаа киирбитэ. Ол түмүгэр «Буккроссинг» технологияҕа олоҕуран, дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны тилиннэрэр сыаллаах-соруктаах саҥа бырайыак үөскээн тахсыбыта.
Бырайыак ис хоһооно
Оҕо кинигэҕэ интэриэһин күөдьүтэргэ көдьүүстээх түмүгү ситиһиэхпитин баҕарар буоллахпытына, оҕо, төрөппүт, педагог биир тэҥҥэ үлэлиэхтээхпит. Маннык дьаһаныы бырайыак сүрүн биириминэн кинигэни буолбакка, дьиэ кэргэни таһаарар, онон бырайыак икки хайысханы хабар буолан тахсар: дьиэ кэргэнинэн ааҕыы сыһыан бөҕөргүүрүгэр көмөлөһөр, онтон дьиэ кэргэн кинигэ туһатын арыйар сыалланар. Ону таһынан, оҕо кинигэттэн аҥаардас билиини эрэ ылар буолбатах, кинигэ оҕо иэнийиитин, үчүгэйи-куһаҕаны араарар сатабылын, тылын сайыннарар. Онон бу талыллыбыт тиэмэ уһулуччу суолталанар.
Бырайыагы үс түһүмэҕинэн үлэлэттибит: тэрээһин, сүрүн үлэ, түмүк.
I түһүмэх 2022 сыл балаҕан ыйыгар саҕаламмыта. Аан бастаан үлэ хайысхатын быһаарар, үлэ былаанын ылынар сыаллаах төрөппүттэргэ «Бииргэ ааҕабыт» аҥкыата ыыппыппыт, кинилэр маннык ыйытыыларга эппиэттээбиттэрэ:
- Эһиги дьиэҕитигэр бибилэтиэкэ баар дуо, хайдаҕый?
- Оҕоҕор төһө элбэхтэ кинигэ ааҕаҕын?
- Оҕоҥ сөбүлүүр кинигэлэрин ааттаа.
- Аахпыт кинигэҥ туһунан оҕоҕун кытта кэпсэтэҕин дуо?
- Уһуйаан бибилэтиэкэтигэр сылдьыбытыҥ дуо?
- «Уһуйааҥҥа кинигэтэ бэлэхтээ» аахсыйаҕа кыттыбытыҥ дуо?
- Уһуйааҥҥа бибилэтиэкэ наада дуо?
- Эн санааҥ.
Аҥкыатаҕа 25 дьиэ кэргэн кыттыбытыттан маннык түмүк тахсыбыта:
- Баар – 22 (88%); суох – 3 (12%).
- Мэлдьи – 1 (4%), сороҕор – 10 (40%), хаһан эмит – 10 (40%), аахпаппын – 4 (16%).
- Эппиэттээтилэр – 10 (40%), эппиэттээбэтилэр – 15 (60%).
- Кэпсэтэбин – 15 (60%), суох – 10 (40%).
- Сылдьан – 17 (68%), суох – 8 (32%).
- Кыттыбытым – 16 (64%), суох – 9 (36%).
- Наада – 23 (92%), суох – 2 (8%).
- –
Эппиэттэри ааҕан баран түмүк оҥорбуппут: төрөппүт (сокуоннай бэрэстэбиитэл) үгүс өттө оҕо кыратыгар кинигэҕэ сыстарын суолталааҕын бэлиэтиилэр эрээри, ааҕыыга интэриэһи үөскэтэллэрэ ситэтэ суох эбит. Элбэх дьиэ кэргэҥҥэ кинигэни хаһан эмит ааҕаллар эбит. Аахпыт кинигэлэрин үксүн ырыппаттар, ол туһунан кэпсэппэттэр эбит, ол кинигэ дьоруойдарын холобурунан иитэр кыаҕы куоттарар. Элбэх дьиэ кэргэн бибилэтиэкэҕэ биллэр интэриэстээх эбит, ол гынан баран, хомойуох иһин, туһамматтар эбит. Элбэх дьиэ кэргэн кинигэ ылалларыгар үптэрэ тиийбэт, бибилэтиэкэҕэ сылдьар бириэмэлэрэ суох эбит.
Онон дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга төрөппүт болҕомтотун тардар, оҕо тылын саппааһын байытар сыаллаах үлэни кэҥэтэргэ, дириҥэтэргэ быһаарбыппыт. Биир сыллаах үлэ былаанын оҥорбуппут, бигэргэппиппит. Бырайыак кыттыылаахтарыгар «Буккроссинг» технология ис хоһоонун, устуоруйатын сиһилии билиһиннэрбиппит. Билигин бу кинигэни сөбүлээччилэр хамсааһыннара Арассыыйаҕа күүскэ үлэлээн эрэр. Үлэ девиһинэн «Кинигэни аахтыҥ – атын киһиэхэ биэр» диэн этии буолар. Хамсааһыны аан бастаан Рон Хорнбекер диэн Эмиэрикэ олохтооҕо толкуйдаабыт: анал бэлиэнэн бэлиэтэммит кинигэни дьон араас сиргэ атын дьоҥҥо анаан хаалларан баран, куйаар ситиминэн биллэрии ыыталлар эбит. Ол курдук, аҕыйах ый иһигэр хамсааһын кэҥээн барбыт уонна соторунан аан дойдуга тарҕаммыт. Бу хамсааһын олус ураты, хатыламмат буолан тахсыбыт, тоҕо диэтэххэ, бу иннинэ ким да кинигэҕэ маннык сыһыаннаспатах эбит: кинигэ илииттэн илиигэ көһө сылдьар буолбут.
Төрөппүттэргэ «Буккроссинг» – билиини иҥэрии саҥа көрүҥэ», «Оҕо сайдыытыгар кинигэ оруола», «Кинигэ ааҕыытын үтүө үгэскэ кубулутуу», «Дьиэ кэргэнинэн бииргэ ааҕыахха» о.д.а. тиэмэлэргэ бэсиэдэлэри ыыппыппыт, сүбэлэри биэрбиппит. Оҕолорго өйдөнөрүн курдук судургу тылынан кэпсэтиилэри ыыппыппыт. Сорох дьиэ кэргэн кинигэ кыайан атыыласпатын, кинилэргэ көмө оҥоруохха сөбүн өйдөппүппүт, ыал аайы аахпыт кинингэлэрэ, сурунааллара долбуурга быыллыйа сыталларын хомуйан уһуйааҥҥа аҕалан атын дьону кытта кытта үллэстэллэрин көҕүлээбиппит.
Иккис түһүмэххэ былааннаммыт үлэ толору ыытыллыбыта. Оҕо суруйааччыларын үбүлүөйдэригэр анаммыт тэрээһиннэр, көрсүһүүлэр, күрэхтэр көхтөөхтүк ааспыттара. Хоһоон ааҕыытын күрэхтэрэ, остуоруйалары оонньоон көрдөрүү, тарбах, остуол тыйаатырдарын оҥоруу бырайыак бары кыттыылаахтарын түмсүүлээхтик үлэлииргэ сыаллаабыта. Төрөппүттэри уонна оҕолору «Буккроссинг чымадаанын» толорууга кытыннарбыппыт. Эрдэ аахпыт, атын дьону кытта үллэстиэн баҕарар кинигэлэрин уһуйааҥҥа аҕалалларын туһунан куйаар ситиминэн, уһуйаан сайтыгар ыҥырыы сурук таһаарбыппыт. Аҕалбыт кинигэлэригэр бэлиэ (логотип) сыһыарбыппыт уонна, төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн, ким кинигэтэ буоларын, хаһан аҕалбытын бэлиэтээн иһэргэ сурунаал арыйбыппыт. Кинигэ аҕалбыт киһи, бастатан туран, кинигэни анал иһиккэ угар. Дьиэттэн аҕалбыт кинигэлэрэ бастаан «кирдээх» буолаллар, онон анал иһиккэ үс күн сыталлар. Ол кэнниттэн 30 мүнүүтэ кварцевай лаампанан ыраастаналлар. Кинигэни дьиэҕэ ылан ааҕан баран аҕалан эмиэ анал иһиккэ угаллар. Хас биирдии кинигэҕэ QR-кодтары оҥорбуппут, төлөпүөнү чугаһатан анал сыһыарыынан киирэн бэлэхтээбит киһи баҕа санаатын, аатын-суолун билсиэххэ сөп.
Оҕолор чымадааҥҥа баар кинигэлэри тута интэриэһиргээбиттэрэ, киэһээ дьиэлэригэр бараары төрөппүттэрин онно илдьэр буолбуттара. Аахпыт кинигэлэрин, сурунаалларын аҕалан, кинигэлээх чымадаан үлэтэ күүһүрбүтэ. Оҕолор кинигэҕэ сыһыаннара уларыйбыта, харыстыыр, абырахтыыр, ыраастык тутар буолбуттара. Аттыгар сылдьар доҕоруҥ, уһуйаан үлэһитэ саҥарбыт баҕа санаатын истэр олус үөрдэр. Төрөппүт «Буккроссинг чымадааныгар» араас тиэмэлээх кинигэни булуон сөп, онон сөбүлээн ааҕар, атастаһар буолбуттара. Ол курдук биһиги кинигэҕэ, ааҕыыга тапталы иҥэрэбит. Бырайыак түмүктэнэрин саҕана төрөппүт көмөтө биллэр буолбута, чымадаан элбэх кинигэнэн туолбута.
Онон биһиги билигин «Буккроссинг» технологияны дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны сөргүтэр уонна оҕо саҥатын сайыннарар, оҕону уус-уран айымньыга сыһыарар ньыма быһыытынан ылынабыт.
III түһүмэххэ үлэ түмүгүн таһаарар сыаллаах хонтуруоллуур «Бииргэ ааҕабыт» аҥкыатаны иккистээн ыыппыппыт Аҥкыатаҕа 25 дьиэ кэргэн кыттыбыттарыттан маннык түмүк тахсыбыта:
- Баар – 25 (100%); суох – 0 (0%).
- Мэлдьи – 15 (60%), сороҕор – 5 (20%), хаһан эмит – 5 (20%), аахпаппын – 0 (0%).
- Эппиэттээтилэр – 20 (80%), эппиэттээбэтилэр – 5 (20%).
- Кэпсэтэбин – 22 (88%), суох – 3 (12%).
- Сылдьабын – 25 (100%), суох – 0 (0%).
- Кыттан – 21 (84%), суох – 4 (16%).
- Олус наадалаах – 25 (100%), суох – 0 (0%).
- Бырайыагы салҕыы үлэлэтиҥ, кэҥэтиҥ.
Аҥкыата түмүгэ олус үөрдүбүтэ: хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ дьоҕус да буоллар, бибилэтиэкэ баар буолбут. «Буккроссинг чымадаана» дьиэ кэргэнинэн кинигэни тиһигин быспакка ааҕарга көмөлөспүт, аахпыт кинигэлэрин тиэмэтэ кэҥээбит. Оҕону кытта аахпыт кинигэлэрин ырытар, кэпсэтэр буолбуттар, элбэх дьиэ кэргэн хоһоон үөрэтэри үгэскэ кубулуппут. Бибилэтиэкэ формулярдарын ырытан көрдөххө, бибилэтиэкэҕэ сылдьыбыт, кинигэ уларсыбыт киһи ахсаана биллэ элбээбит.
Бырайыак түмүгэ
Үһүс түһүмэх бүтүүтэ кинигэлээх «Буккроссинг чымадаана», араас дидактическай оонньуу, тарбах тыйаатыра, оҕо суруйааччыларын уонна бэйиэттэрин картотеката, сахалыы остуоруйаларга ойуулар курдук бэлэм оҥоһуктар баар буоллулар. Ону таһынан араас презентациялар, семинардар, сүбэлэр кэниспиэктэрэ мунньулунна.
Онон бырайыак түмүгэ маннык буолла:
- оҕолор «Буккроссинг чымадаанын» олус сөбүлээтилэр, күннэтэ кинигэни кытта алтыһар баҕалара уһугунна;
- төрөппүттэргэ оҕолору, педагогтары кытта бииргэ үлэлииргэ үчүгэй сыһыан олохтонно.
- Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы, бибилэтиэкэҕэ сылдьыы саҥалыы сайынна;
- «Буккроссинг» инновационнай технология оскуола үлэтигэр, олохтоох бибилэтиэкэҕэ киирэрэ былааннанна.
Онон дьиэ кэргэнинэн аҕыы үгэстэрин тилиннэрэр үлэ салҕаныаҕа, салҕыы сайдыаҕа.
Бырайыак кэскилин, инники сайдыытын педагогтар бу хайысханан үлэни дириҥэтэн, кэҥэтэн иһэллэригэр көрөбүт. Ол эбэтэр нэһилиэккэ алын сүһүөх кылааһын оҕолоругар, олохтоох бибилэтиэкэҕэ бу бырайыак хотуулаахтык үлэлиэн сөп. Инникитин бырайыак нэһилиэк үрдүнэн сайдар, тарҕанар кыахтаах.
Түмүк тыл
Уһуйаан үлэтигэр «Буккроссинг» технологияны туттубуппут дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны сөргүтэргэ көҕүлүүр күүс буолла. Төрөппүт оҕутугар кинигэни доргуччу ааҕан, иэнийиитин уһугуннарыахтаах, тылын сайыннарыахтаах. Кинигэ араас дьоруойун куолаһынан саҥаран, оҕо интэриэһин тардыахтаах. Оҕо бэйэтэ ааҕа үөрэннэҕинэ даҕаны, маннык дьиэ кэргэнинэн ааҕыыны тохтоппот ордук. Маннык доргуччу ааҕар кэм – оҕо уонна төрөппүт бииргэ буолар кэмэ, онтон оҕо дуоһуйар, астынар, айымньы ис хоһоонун ордук чугастык, дириҥник ылынар. Бу хатыламмат бириэмэ оҕоҕо олоҕун тухары үтүө өйдөбүл буолан хаалыа уонна кэнэҕэскитин бэйэтин дьиэ кэргэнигэр үгэскэ кубулуйуо диэн бигэтик эрэнэбит.
Оҕолору, төрөппүттэри, педагогтары биир интэриэстээбит, иэнийии араас кырааскатын арылыччы арыйбыт, бииргэ түмпүт үлэбит тохтоон хаалбакка, ситимнэнэн, кэҥээн иһэригэр дьулуһабыт уонна атын уһуйаан педагогтара үлэлэригэр “Буккросинг” технологияны ситиһиилээхтик киллэрэллэригэр, үлэлэтэллэригэр баҕарабыт.
С.В. Кривошапкина, 30 №-дээх
«Кэскил” уһуйаан иитээччитэ
Сыһыарыы
Бырайыак иһинэн ыытыллар тэрээһиннэр
Ыытыллар ыйа |
Ыытыллар тэрээһин |
Балаҕан ыйа |
Төрөппүттэргэ аҥкыата. «Уһуйааҥҥа кинигэтэ бэлэхтээ» аахсыйа. Уһуйаан бибилэтиэкэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы. «Уһуйааҥҥа Буккроссинг» хамсааһыны тэрийии. Төрөппүттэргэ анаан «Уһуйааҥҥа Буккроссинг»буклеттары бэлэмнээһин. |
Алтынньы |
Ийэ туһунан айымньылары оҕо сааһынан талан бэлэмнээһин, ааҕыы (Саха Өрөспүүлүкэтигэр бэлиэтэнэр Ийэ күнүгэр анаан). Орто, улахан, бэлэмнэнии бэлэх оҕолоругар «Мин ийэм» хоһоон ааҕыытын күрэҕэ. |
Сэтинньи |
Нуучча бэйиэтэ, драматурга уонна тылбаасчыта Самуил Яковлевич Маршак 135 сааһын көрсө литэрэтиирэ хоһугар ыалдьыттааһын (1887–1964). С.Я. Маршак оҕолорго аналлаах хоһооннорун, остуоруйаларын оҕо сааһынан талан бэлэмнээһин, ааҕыы. «С.Я. Маршак төрөөбүт күнэ» стендэни бэлэмнээһин, оҥоруу. «Буккроссинг» диэн тугуй?» төрөппүттэри кытта кэпсэтии. «Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үгэстэрэ» төрөппүттэргэ мунньах. «Акаары кутуйахчаан туһунан остуоруйа» илиинэн үлэ – сыһыарыы. «Кэпсээн – литэрэтиирэ биир көрүҥэ» оҕолору кытта кэпсэтии. |
Ахсынньы |
Нуучча суруйааччыта Эдуард Николаевич Успенскай 85 сааһын көрсө литэрэтиирэ хоһугар ыалдьыттааһын (1937–2018). Э.Н. Успенскай оҕолорго аналлаах остуоруйа кэппсээннэрин оҕо сааһынан талан бэлэмнээһин, ааҕыы. «Кинигэни ааҕыы – оҕо сайдыытын биир көрүҥэ» төрөппүттэри кытта кэпсэтии. «Гена харахадьыыл уонна кини доҕотторо» илиинэн үлэ – уруһуй. |
Тохсунньу |
Саха остуоруйатын нэдиэлэтэ. Саха сирин оҕо суруйааччылара. Быыстапка «Оҕолорго аналлаах сахалыы кинингэлэр». Оҕо суруйааччыта Шарль Перро 395 сааһын көрсө литэрэтиирэ хоһугар ыалдьыттааһын (12 января 1628 г.). Шарль Перро остуоруйаларын оҕо сааһынан талан бэлэмнээһин, ааҕыы. «Кинигэни тоҕо ааҕыахтаахпытый?» төрөппүттэри кытта кэпсэтии. «Күлчээнэҕэ карета» илиинэн үлэ – сыһыарыы. Тыйаатырдыын алтыһан – «Кыһыл бэргэһэчээн» остуоруйаны оҕолор уонна педагогтар бииргэ туруоруулара. |
Олунньу |
Олунньу 13 күнэ – төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. Уһуйаан үлэһиттэригэр «Таптыыбын төрөөбүт дойдубун» хоһоон айыытыгар күрэх. «Мин сахабын – сахалыы саҥарабын» төрөппүттэри кытта төгүрүк остуол. |
Кулун тутар |
А.И. Притузов аатынан Уулаах-Ааннааҕы орто оскуола бибилэтиэкэтигэр ыалдьыттааһын. Нуучча суруйааччыта, педагога Константин Дмитриевич Ушинскай 200 сааһын көрсө литэрэтиирэ хоһугар ыалдьыттааһын (1823–1871). К.Д. Ушинскай остуоруйаларын оҕо сааһынан талан бэлэмнээһин, ааҕыы. «Ааҕабыт, аахпыппытын ырытабыт» төрөппүттэри кытта кэпсэтии. Суруйааччы Аан дойдутааҕы күнүгэр аналлаах «Остуоруйа дойдутунан» викторина (кулун тутар 3 күнэ). Неделя, посвященная ко Дню театра. |
Муус устар |
Кинигэ нэдиэлэтэ (25.03-04.04.2023) Уруһуй күрэҕэ, аахсыйа. Улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро олохтоох бибилэтиэкэҕэ ыалдьыттыыллар. Нуучча бэйиэтэ Валентин Дмитриевич Берестов 95 сааһын көрсө литэрэтиирэ хоһугар ыалдьыттааһын (1928–1998). Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго кэтэхтэн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон күрэҕэр кыттыы. «Буккроссинг» алын сүһүөх кылаастарыгар ыалдьыттыыр. |
Ыам ыйа |
Түмүк таһаарыы. «Буккроссинг» инновационнай технология уһуйааҥҥа үлэлээтэ» төрөппүттэргэ мунньах. «Литэрэтиирэ жанрдара» викторина – түмүктүүр тэрээһин. |