ВАРЛАМОВ Михаил Иннокентьевич

ВАРЛАМОВ Михаил Иннокентьевич
ВАРЛАМОВ Михаил Иннокентьевич

ВАРЛАМОВ Михаил Иннокентьевич

(1924-2004)

08.43 с. ыҥырыллыбыт, 06.47 с. эргиллэн кэлбит. 2004 с. өлбүт, Покровскайга көмүллүбүт.

1924 с. Хаҥалас улууһун Хоточчутугар төрөөбүтэ. Нөөрүктээйи начаалынай оскуолатын бүтэрэн, I Дьөппөн сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. 1943 с. Дьокуускайдааҕы педрабфагы ситиһиилээхтик бүтэрбитэ уонна армияҕа ыҥырыллыбыта. Забайкальскай фроҥҥа ат депотугар 4 сыл сулууспалаабыта, Японияны утары сэриигэ кыттыбыта.

Дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлэн, идэтинэн Өктөм, I Малдьаҕар, I Дьөппөн оскуолаларыгар учууталлаабыта. Эппиэтинэстээх, дьаһаллаах эдэр киһини таба көрөн, 1959 с. Ленин аатынан бөдөҥсүйбүт холкуос парткомун сэкэрэтээринэн анаабыттара. Үлэтин биһирээн, үөрэҕин үрдэттэрэ Иркутскайга холкуос, совхуос салайар кадрдарын бэлэмниир үөрэххэ ыыппыттара. Онтон ыла сындылҕаннаах, сылайары билбэт үлэтэ саҕаламмыта. 1964-1966 сс. «Өктөм» совхуос парткомун сэкэрэтээринэн, 1966-1967 сс. Ленин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлинэн, онтон совхуос директорынан үлэлээбитэ. 1974-1979 сс. I Дьөппөн Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан таһаарыылаахтык, дьон туһа диэн үлэлээбитэ. Сытыары сымнаҕас майгылаах, дьоҥҥо сайаҕас сыһыаннаах, эппит тылын толорор салайааччы, аҕа, эһэ.

Михаил Иннокентьевич кэргэнинээн 7 оҕону төрөтөн, дьон оҥорбуттара. 10 сиэн, 2 хос сиэн эһэтэ буолар дьолго тиксэн, 2004 с. олохтон барбыта.

Кини үлэтин сыанабыла: «Бочуот Знага» уордьан (1971), «Үлэ ветерана» (1979) мэтээл, Орджоникидзевскай оройуон бочуоттаах гражданина аат (1987), «СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат (1995).

Сэрии кыттыылааҕа быһыытынан наҕараадалара: «Японияны кыайыы иһин», кыайыы үбүлүөйдэрин мэтээллэрэ, «Аҕа дойду сэриитин II степеннээх» уордьан.