ЕФРЕМОВ Кирилл Иванович
ЕФРЕМОВ Кирилл Иванович
III Малдьаҕар нэһилиэгэр 1896 сыллаахха төрөөбүтэ. Аймах дьонун оҕолорун кытта Өктөм оскуолатыгар үөрэммитэ. Дьокуускайдааҕы учууталлар семинарияларын 1917 сыллаахха бүтэрбитэ. Ол сыл Харыйалаахха убайын Дьяконов Петр уонна Никандр оҕонньор чааһынай дьиэлэригэр, бастакы оскуола арыллыбытыгар, учууталынан үлэлээбитэ. 1922-23 үөрэх дьылыгар 3-с Малдьаҕар Сэбиэскэй оскуолатын отчуотугар суруллубут: учууталлар – Ефремов К.И. (педстаж 6 сыл), Данилов С.Н. (бастакы сылын үлэлиир). Үөрэнээччилэр – Николай Платонов, Степан Анастатов, Василий Филиппов уонна да атыттар. Уопсайа 47 үөрэнээччи – бэлэмнэнии уонна 3 отделение (кылааска) үөрэммиттэр. Үөрэх сыла алтынньы ый 18 күнүттэн саҕаламмыт (Ф.933.Оп.1.д.2.л.1. Отчет 3 Мальжагарской Советской школы 1 ступени за январь месяц 1923 г.).
1923-1927 сс. Кирилл Иванович ЯОИК-ка (Якутский окружной исполнительный комитет) зав. ЯОНО (Якутский отдел Народного образования), ЯОИК президиумугар үлэлээбит (Ф.933.Оп.1.д.41 на 9 листах, Ф.57.Оп.1.д.58.лл.8-27).
Бу кэмнэргэ үлэтин дуоһунаһынан Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр II (10-15.12. 1923 г.), III (15-22.12.1924 г.), IV (2-13.02.1926 г.), V (17.02.-02.03.1927 г.) съезтэрин делегата буолбут.
Кэргэнэ Вера Ивановна (1900 с.т.) (Ф.70.Оп.38.д.425.лл.19,20,21. Посемейный список на 1927-1928 г. Наслег 3-й Мальжагарский. Составлен в августе 1928 г. На 55 листах) — 28 саастаах, Кирилл «арестован» — диэн суруйбуттар. Вера — Антипин Уйбаан атыыһыт маҥнайгы кэргэниттэн төрөөбүт кыыс этэ. Сыылкаҕа барсыбыт, онно өлбүт.
Элбэҕи эрэннэрэр эдэр киһини, Ксенофонтов П.В. биир дойдулааҕа диэн конфедералистар дьыалаларыгар туппуттар, көскө ыыппыттар (Список лиц, привлеченных к уголовной ответственности особо-уполномоченными Коллегии ОГПУ СССР по Якутии в 1927-1928 гг. по ст. 59-3 и по ст. 17-59-3 УК РСФСР) диэн дьыалаҕа испииһэккэ 42 № маннык суруллубут:
«Ефремов Кирилл Иванович, 31 год, 3-й Мальжегарский наслег Западно- Кангаласского улуса, якут. инструктор Адм. отдела ЯЦИК, 29.12.27 г. – к 3 годам в ссылку в Нарым».
Болдьоҕун боруостаан Сахатын сиригэр кэлбитигэр, олорор сирин уларытан Өлүөхүмэ куоратыгар ыыппыттар. Онно олохтоох дьахтары кэргэн ылан икки уол оҕоломмут, уолаттар эдэр саастарыгар быстах дьылҕаламмыттар.