КАРДАШЕВСКАЙ Егор Егорович

КАРДАШЕВСКАЙ Егор Егорович
КАРДАШЕВСКАЙ Егор Егорович

КАРДАШЕВСКАЙ Егор Егорович

(1916-1987)

Воинское звание – сержант, парторг роты

06.42 с. ыҥырыллыбыт, 11.45 с. эргиллэн кэлбит. 1987 с. өлбүт, Покровскайга көмүллүбүт.

1916 с. Хоточчуга төрөөбүтэ. Үстээҕэр ийэтэ, уоннааҕар аҕата өлөннөр оҕо саас диэни билбэккэ улааппыта. Ол да буоллар, оскуоланы бүтэрэн, педтехникумҥа үөрэнэ киирбитэ. Сайын дойдутугар тахсан оттоһоро-мастаһара, кыһынын үөрэнэрэ. Ол кэмҥэ икки сыл саха национальнай байыаннай оскуолатын байыастарын ааҕарга-суруйарга үөрэтиспитэ. Тирии собуотун оробуочайдарыгар уонна ДьЦЭС-и тутааччыларга пропагандистаабыта. Педтехникуму бүтэрэн баран биир сыл Амма Солобуодатыгар, онтон салгыы I Дьөппөн оскуолатыгар математика учууталынан үлэлээбитэ. Егор Егорович бэйэтин предметин эҥкилэ суох билэр, онтун үөрэнээччилэргэ сатабыллаахтык тириэрдэр, бэрээдэги кыайа-хото тутар, үөрэнээччилэр дьиҥнээхтик ытыктыыр учууталлара эбит. Сэрии иннигэр пединститутка икки сыл үөрэммитэ. 1941 с. Хачыкаат оскуолатыгар үлэлээбитэ. Эдэр учуутал нэһилиэнньэ ортотугар элбэх үлэни ыытара. Ол курдук пропагандистыыра, агитпуну үлэлэтэрэ. Ол сыл ССКП чилиэнигэр кандидатынан ылыллыбыта.

1942 с. сайыныгар фроҥҥа ыҥырыллыбыта. Кытаанах байыаннай үөрэҕи ааһан, нөҥүө сылыгар олунньу ыйга фронт инники кирбиитигэр ыытыллыбыта. Харьковы босхолооһуҥҥа бастакы сүрэхтэниитин ылбыта. Итинтэн ыла 15-с, 2-с, 10-с салгын десантнай биригээдэтигэр парашютиһынан сулууспалаабыта. Петрозаводскай-Сибирскэй операцияҕа кыттыбыта, аатырбыт Маннергейм линиятын урусхалласпыта. Манна Е.Е. Кардашевскай отделение хамандыырынан, рота парторунан өрүүтүн инники кэккэҕэ сылдьыбыта. 114-с гвардейскай салгын десантнай дивизиятыгар сулууспалыы сылдьан, Венгрияны, Австрияны, Чехословакияны босхолоспута. Бу дивизия 20-чэ бастыҥ буойуннарыгар, ол иһигэр Кардашевскайга командование махтал суруктара туттарыллыбыттара. Итини таһынан гвардеец бойобуой сырыылара Кыһыл Сулус уордьанынан, «Хорсунун иһин», «Венаны ылыы иһин» мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.

Төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлэн, Егор Егорович өрүүтүн үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. МТС директорынан, араас партийнай дуоһунастарга, ол иһигэр ССКП Бүлүүтээҕи, Орджоникидзевскайдааҕы райкомнарын сэкэрэтээрдэринэн, норуот үөрэҕириитигэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Кэргэнинээн Дария Ивановналыын 5 кыыһы, 2 уолу төрөтөн ииппиттэрэ дьоҥҥо кэрэхсэтэр, республикаҕа биһирэнэр биллиилээх дьон буоллулар, сиэннэр кинилэр дьоһун олохторун салгыыллар.

«… Алгебра, геометрияҕа, физикаҕа Егор Егорович Кардашевскай үөрэппитэ. Оччотооҕуга бэрт эдэр киһи этэ буолан баран, кылааһы тутар, билиини дьиҥ-чахчы иҥэрэр учуутал этэ.»

А.М. Яковлев, 1982 с.

… Оччотооҕу кэмҥэ нэһилиэк оскуолатыгар Саҥа дьылга ёлка туруорбат этилэр. Концерка балалайканан, мандолинанан доҕуһуоллаан үҥкүү буолар этэ. Ити биэчэргэ учууталбыт Дьөгүөр Дьөгүөрэбис оҕолору үөрдээри биир хоруопка сакалаат кэмпиэти атыылаһан барыбытын күндүлээбитэ, ити кини оҕолорго амарах сыһыана этэ дии саныыбын. Ол кэмпиэт хаһан да умнуллубат…

М.Е. Данилова, I Дьөппөн оскуолатын выпускнига.

Кылаас чаастарыгар: «Санааҕытын дьоҥҥо үчүгэйдик тиэрдэ үөрэниҥ, тыл этэргэ кыһаллыҥ, урут оскуола оҕолоро холкуостарга араас агитация үлэтин бэйэлэрэ ыыталлара», — диэн аны кылаас иннигэр тахсан ханнык эмэ темаҕа тыл этэн эрэйдэнэрбит. Учууталбыт, Егор Егорович, ити курдук тыа сирин сэмэй оҕолорун кыбыстыбакка санаабыт санаабытын этэргэ, саҥарарга үөрэтэрэ.

П.Н. Скрябин, Покровскай орто оскуолатын выпускнига