МАКСИМОВ Алексей Николаевич

МАКСИМОВ Алексей Николаевич
МАКСИМОВ Алексей Николаевич

МАКСИМОВ Алексей Николаевич

(1915-1944)

Воинское звание — сержант

06.42 с. ыҥырыллыбыт, 10.05.44 с. кыргыһыы толоонугар охтубут. Крымскай уобалас, Севастопольскай оройуон «Большевик» колхуос кылабыыһатыгар көмүллүбүт

 

1915 сыллаахха I Дьөппөн нэһиэлиэгэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата Орто Сайылык хабыллар хаба ортотугар сайылыктаах этилэр. Ийэтэ Мааппа 18 оҕоломмутуттан 3 уол, 1 кыыс ордубута. Оҕолорун барыларын үөрэттэрбиттэрэ. II Дьөппөн начаалынай оскуолатын бүтэрэн баран Ороссолуода 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитэ. Дьокуускайдааҕы педтехникуму ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрээт, улууһугар тахсан үлэлээн барбыта. Үчүгэй билиилээх, үлэтигэр бэриниилээх эдэр учууталы сэрии аҕай иннинэ III Малдьа5ар оскуолатыгар учууталынан анаабыттара.

Алексей Николаевич оройуоҥҥа начаалынай булгуччулаах үөрэхтээһини олоххо көхтөөхтүк киллэрсибит учууталлартан биирдэстэрэ. Үөрэх салаатын инспектордара, үлэлээбит оскуолаларын салайааччылара, учууталлара уонна үөрэнээччилэрэ кини үлэтин сыаналыыллара, үөрэтэр-иитэр үлэни кыайа тутан ыытар амарах сүрэхтээх учуутал уонна табаарыс быһыытынан билэллэрэ. Нэһилиэктэргэ ирдэбиллээх общественник-культармеец этэ диэн махтанан ахталлара.

Алексей Николаевич дэгиттэр киһи этэ: гитараҕа, балалайкаҕа, мандолинаҕа үчүгэйдик оонньуура, спордунан дьарыктанара, атыттары уһуйара.

Кинини кытта III Малдьаҕартан бииргэ ыҥырыллан барбыт Конон Кириллин (Лирскэй) ахтарынан, кини биир дойдулаахтарын баһылаан-көһүлээн, сүбэлээн-амалаан, нууччалыы быһаарсан Челябинскэй уобаласка Чебаркуль куоракка 1942 с. от ыйыгар тиийбиттэр. Онно үөрэхтээх киһи кылгас болдьохтоох хамандыырдар куурустарын бүтэрбит уонна тылланан Сталинград кыргыһыытыгар барбыт. Биир дойдулаахтара, эйигинэ суох хайдах сылдьыахпытый диэн сайыһан барса сатаабыттарын ыыппатахтар. Сталинград кыргыһыытыгар бааһыран госпиталга сыппыт. Онтон үтүөрэн төннөрүн саҕана дьонноругар сурук суруйбутун туһунан кэргэнэ Д.О. Пестерева «Лена маяктара» хаһыакка (1985 с.07.06.) бэчээттэппит ыстатыйатыгар быһа тардан киллэрбит этэ.

«… биһиги кэлэр дьоллоох олох иһин охсуһа сылдьабыт, баҕар кыргыс хонуутугар букатын хаалар төлкөлөөх буолуом… Таптыыр Ийэ дойдубун көмүскүү сылдьаммын өлөр аналлаах буоллахпына, бэйэм норуотум иннигэр ытык иэспин толоруом. Мин кэриэһим мэлдьи тыыннаах буолуоҕа – эн биһиги кыыстаахпыт уонна уоллаахпыт буолбаат! Кытаатан оҕолоргун обществоҕа туһалаах дьон гына иитэлээ…»

Сержант А.Н. Максимов 1943 с. сэтинньи 3 күнүгэр Днепр иһин хабыр харсыһыыга хорсуттар өлүүлэринэн суох буолла диэн биллэрии кэлбитэ.

Онтон улуус «Память» кинигэтигэр: «погиб 10.05.1944 г. Захоронен на кладбище колхоза «Большевик», Севастопольского района, Крымской области», — диэн суруллубут.

Учуутал-саллаат кэриэһин кэргэнэ толорбута. Кыыһа Альбина Алексеевна hеспубликаҕа биллэр учуутал, саха тылыттан английскай тылга олоҥхону тылбаастыыр биллэр тылбаасчыт. Үөрэх кыһатыгар элбэх көмө пособиелары бэчээттэтэр, бэйэтин билиитин, уоппутун тарҕатар учуутал. Уола Альберт Алексеевич инженер-механик үөрэхтээх «Якутсельпромҥа» өр сылларга үлэлээн сэмэй кылааты киллэрсибитэ. 3 сиэнэ олоххо атахтарыгар турбут, үрдүк үөрэхтээх дьон. Хос сиэннэрэ үөрэх үгэнигэр сылдьаллар.