ОМОРУСОВ (Ефремов) Петр Гаврильевич
ОМОРУСОВ (Ефремов) Петр Гаврильевич
20-с үйэ 20-с сылларынааҕы Саха интеллигенциятын чулуулара ханнык баҕарар киһи уопсай сайдыыта ханнык историческай кэмҥэ, ханнык государственнай тутул баһылаан-көһүлээн олорор кэмигэр төрөөн-үөскээн кэлбититтэн, бэйэтин көрдөрбүтүттэн улахан тутулуктаах. Ол да буоллар, ханных баҕарар кэмҥэ айылҕа барахсан уһулуччулаах дьоннору туохтан да тутулуга суох күөрэтэн, арчылаан таһаарар. Оннук дьонунан буолаллар биир дойдулаахтарбыт, кэргэннии Оморусовтар Петр Гаврильевич уонна Анисия Михайловна.
В.В. Никифоров, бырааттыы Ксенофонтовтар, М.К. Артемьев, Р.И. Оросин, уо.д.а. уонунан, сүүһүнэн ааҕыллар бэйэлэрин кэмнэрин чаҕылхай, дьиҥ-чахчы дуулаҕа санаалаах дьоннорбут ааттара-суоллара, кинилэр олорбут олохторо, охсуспут охсуһуулара норуокка иһиллэр-биллэр, кэрэхсэнэр, кэриэстэнэр буолбуттара ыраатта.
Онтон кинилэри кытта бииргэ сылдьыспыт, репрессияҕа түбэспиттэр, биллибэккэ-көстүбэккэ «бандьыыттар» диэн дьаралыктаах хаалбыттар, сурахтыын сүппүттэрэ, имниин эстибиттэрэ. Оннук ыар дьылҕаламмыт дьоммут күн бүгүн ааттара ааттанар буолла.
Онон биир дойдулаахтарбыт (II Малдьаҕар нэһилиэгэ), үөрэхтээх дьоммут, кэргэннии Петр Гаврильевич уонна Анисия Михайловна Оморусовтар (Ефремовтар) тустарынан эдэр көлүөнэ билэрэ наада.
Петр Гаврильевич (Бүөтчээн) 1900 с. Арҕаа Хаҥалас улууһун II Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕата II Малдьаҕар нэһилиэгин, Ойуун аҕа ууһуттан төрүттээх Ефремов Гаврил Петрович — Хайытар Хабырыыс — бэдэрээччит эбит. Ийэтэ — Акулина Прокопьевна Петрова, Уус Алдан Бээрийэтиттэн төрүттээх, Дьөппөн таҥаратын дьиэтин оскуолатыгар учууталлаабыт.
Петр эрдэ учуутал семинариятын бүтэрэн, атын нэһилиэккэ учууталлаабыта чуолкай.
Ол туоһута «Группа учителей» диэн суруктаах хаартыска, Сунтаар кырдьаҕас учуутала, коллекционер Георгий Васильевич Данилов Ярославскай аатынан музейга туттарбыт альбомугар баар.
Бүөтчээн 1924 сыллаахха сайын, бэс ыйыгар Куоһаҕаска сыбаайбалаабыта. Кэргэнэ Оморусова (Артамонова) Анисия Михайловна эмиэ орто үөрэхтээх этэ, Хачыкааттан төрүттээх кыыс этэ. Оччотооҕу кэмҥэ Оморусовтары, орто үөрэхтээх дьоннору, улахан үөрэхтээҕинэн ааҕаллара, ыйтан кэлбит курдук саныыллара.
1924-1925 үөрэх дьылыгар Оморусовтар II Малдьаҕар оскуолатыгар Арыыга учууталлаабыттара. Петр Гаврильевич улахан уолаттары үөрэппитэ, Анисия Михайловна 1-2 кылаастары үөрэппитэ. Кини оскуоланы Семен Новгородов аатынан ааттаппыта. 1926-1928 сс. III Малдьаҕар оскуолатыгар учууталлаабыта.
Литератураҕа, дьон кэпсээнигэр, ахтыыларга олоҕуран көрдөххө, Петр Гаврильевич учуутал үөрэхтээх, сүрдээх хорсун-ходуот, олоххо активнай позициялаах дьиҥнээх эр бэрдэ, иллэһэри кытта иллэһэр, охсуһары кытта көрөн турбакка охсуһар, кырдьыктаах дьыала өрөгөйдүүрүн туһугар харса суох киирсэр саха саарына эбит.
Оморусовтар II Малдьаҕар нэһилиэгэр олордохторуна, Анисия Михайловна иккитэ оҕолонор. Ол курдук Акулина 1925 сыллаахха, Парасковья 1926 сыллаахха күн сирин көрбүттэрэ.
Ол сылдьан Павел Васильевич Ксенофонтовы кытта билсибиттэр, до5ордоспуттар, Павел Васильевич биир санаалаахтара буолбуттар.
1926−1927 сыл кыһынын Павел Васильевич Ксенофонтов оскуола учууталыгар Ефремов (Оморусов) Петр Гаврильевичка олорон, Саха АССР суверенитетын теориятын, конфедералистар Программаларын уонна Уставтарын суруйбута − диэн суруллар. [3]
Оморусов (Ефремов) П.Г. Малдьаҕар нэһилиэктэрин кэрийэн дьону хомуйан 25−тэн тахса киһилээх этэрээт тэринэн конфедералистар хамсааhыннарыгар тэрийээччи быһыытынан кыттыыны ылбыта, кэргэнэ Анисия Михайловна штабка үлэлээбитэ. Саха сирин бары муннуктарыттан икки сүүстэн тахса киһи холбоспута.
II Эргискэ Бор диэн алааска конфедералистар баартыйаларын съезтэрин ахсынньы ыйын 4 күнүгэр 1927 сыллаахха арыйбыттара. Делегаттар биир санаанан Павел Васильевич Ксенофонтовы Генеральнай сэкирэтээринэн талбыттара. Ону таһынан 9 киһилээх Киин комитет чилиэннэринэн буолбуттара: Михайлов С.М., Михайлов С.И., Оморусов П.Г., Данилов С.Н., Афанасьев Г.В., Павлов Г.П., Белолюбскай И.Л., Слепцов В.М., Ефимов Д.Н. Онтон хонтуруоллуур Киин хамыыһыйаҕа — М.К. Артемьевы, И.Г. Кирилловы, А.М. Оморусованы талбыттара.
Бу кэмҥэ табаарыстара П.В. Ксенофонтов бэйэтэ тутуллуор дылы, Оморусовтар нэһилиэктэрин тыатыгар Сахсааҕа саһан олорбуттара.
Петр Гаврильевич Оморусовы ОГПУ-лар тутан киллэрэн, сордоон-муҥнаан доппуруостаан, 28 сааһыгар кулун тутар 27 күнүгэр 1928 сыллаахха ытан өлөрбүттэрэ.