ПАВЛОВ Василий Петрович
ПАВЛОВ Василий Петрович
(1920-1987)
Воинское звание – старшай лейтенант
09.39 с. Дьокуускай к. байанкамаатынан ыҥырыллыбыт, 1946 с. эргиллэн кэлбит., 1987 с. Капитоновкаҕа өлбүт.
1920 с. төрөөбүт.
1939 с. балаҕан ыйыгар армияҕа сулууспаҕа ыҥырыллыбыт. Сэрии иннинэ сыл аҥара Ленинградка 14-с туспа хайыһар батальонугар сылдьыбыт. Онтон, 1940 с. кулун тутар ыйтан ыам ыйыгар дылы, 114-с Забайкальскай военнай округ курсана буолбут, младшай лейтенант званиетын ылбыт. Салгыы, сылтан ордук 1941 с. от ыйыгар дылы Черкасскай пехотнай училищаҕа үөрэммит. Арҕаа фроҥҥа 729-с истребительскай противотанковай полкаҕа рота хамандыырынан сэриилэһэ сылдьан 1942 с. муус устарга бааһырбыт уонна от ыйыгар дылы госпиталга сытан эмтэммит. 1942-1944 сс. Иркутскай уобаласка Усть-Кутка байыаннай инструктардаабыт, 1944-1945 сс. Райвоенкомат 4-с отделын начальнига. 1945 с. тохсунньу ыйтан от ыйыгар дылы пулеметнай взвод хамандыырынан сэриини түмүктээн, 1946 с. дойдутугар старшай лейтенант званиелаах эргиллибит. «Аҕа дойду сэриитэ» II степенэ уордьаннаах, «Хорсун иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрдээх. (Булгунньахтаах оскуолатын архивыттан)
Кэлээт да Покровскайга военкомакка үлэлии сырыттаҕына кэргэниҥ Бицура Галина Дмитриевна «Норуот өстөөҕүн кыыһа» диэн ууратан кэбиспиттэр. Ити курдук Кыыл Бастаахха ойуур учаастагын парторгуттан, Булгунньахтаах оскуолатын физкультура учууталын дуоһунаһыттан эмиэ уураппыттар. Кэлин ханна да үлэ булбакка балыктааһынынан, булдунан дьарыктаммыт.