ПАВЛОВ Николай Афанасьевич

ПАВЛОВ Николай Афанасьевич
ПАВЛОВ Николай Афанасьевич

ПАВЛОВ Николай Афанасьевич

(1914-1943)

Воинское звание — майор

Призван 07.41 г. ЯГВК. Пропал без вести 02.43 г., место захоронения не установлено

1914 г. рождения, уроженец 2 Мальжагарского наслега, якут, член ВКП(б), педстаж — 5-й лет (все время в полных ср. школах). Образование — в 1934 г. окончил 1 курс Якутского педтехникума. В Булгунняхтахской неполной средней школе работает с 1936-37 учебного года, преподает якутский язык и литературу, черчение.

Отец расстрелян в 1927 г. по делу Ксенофонтова, когда сыну было 7-8 лет.

Архив Булгунняхтахской школы (Ф 51,оп.2, д.82, 1939 г, 3 и 4 март)

1914 с. 2-с Малдьаҕарга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. 7 саастааҕар аҕатын Ксенофонтов баандатын кыттыылааҕа диэн ытан өлөрбүттэр.

Оскуоланы бүтэрэн баран, Дьокуускайга учууталлары бэлэмниир 2 сыллаах үөрэҕи ситиһиилээхтик бүтэрбит.

Эдэр учуутал 1936-1937 с. Булгунньахтаах оскуолатыгар саха тылын, черчение учууталынан үлэлээбит. 18 саастаах Ольга Степановна диэн кыыһы кэргэн ылбыт.

Кэлин Холболоох (I Маалтааны) 7 кылаастаах оскуолатыгар ананан үлэлии сылдьан 1942 с. бэс ыйыгар фроҥҥа барарга тылламмыт. Борохуотунан Иркутскай уобаласка тиийбит. Үөрэхтээх киһини тута бэлиэтии көрөн политическай састаабы үөрэтэр курска Иркутскайга хаалларбыттар. Балаһыанньа олус ыгым буолан, кылгас кэмҥэ үөрэтэн баран, старшай политрук званиятын иҥэрэн, Арҕаа фроҥҥа ыыппыттар. Сталинград кыргыһыытыгар танковай полка састаабыгар сэриилэһэн, комиссарга тиийэ үүммүт.

Батальон комиссара, майор Н.А. Павлов Сталинград аттыгар сэриилэһэ сылдьан 1943 с. олунньу ыйга өлбүт, ханна көмүллүбүтэ биллибэт диэн «Өйдөбүнньүк» 2-с кинигэтигэр суруллубут.

Николай Афанасьевич соҕотох оҕото Александра Николаевна Гоголева — педакадемия доцена.