ПАВЛОВ Николай Николаевич
ПАВЛОВ Николай Николаевич — Тыаһыт
Кырдьык иһин туруулаһара
П. Харитонов,
«Өлүөнэ очуостара» xahыam, 14.07.1994 с.
Хаҥалас улууһуттан тахсыбыт уонна саха литературатыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт биһиги тумус туттуохтаах дьоннорбутуттан биирдэстэрэ — Николай Николаевич Павлов — Tыahыт буолар. Кини бөдөҥ, толуу мастардаах, дьон номоҕор киирбит уус тутааччылардаах, бултаах, балыктаах быйаҥ дойдуга — I Маалтааны нэһилиэгэр, орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүт. Төрөппүт аҕатын аата Васильев Николай Павлович диэн эбит. Кини кэргэнинээн алтата оҕоломмуттар, бастакылара Миитээ (кини эрэ Васильевынан ааттаммыт), иккистэрэ Ньукулай (Тыаһыт), Дьэбдьиэй, Охонооһой, Маша, бу кыыс уончатыгар сылдьан өлбүт уонна кыралара Григорий. Ийэлэрэ бу уолу төрөтөөт, үс хонон баран өлбүт, инньэ гынан кинини чугас аймахтара Павлов Петр Иванович, оҕото суох киһи, ылан иитэр уонна бэйэтин аатын биэрэн Григорий Петрович Павлов дэттэрэр. Тыаһыт улаатыар диэри Васильевынан сылдьар, кэлин аҕабыыт сүрэхтээбит миэтэрэпкэтин булан, Павлов буолан хаалар. Миитээттэн уратылара бары Павловтарынан ааттаналлар.
Маалтаанылар бука бары бөдөҥ-садаҥ дьон этилэр. Тыаһыт ону: «Биһиги үрэх, тайҕа баһын дьоно оппутун-маспытын батан, бука бары даҕаны бөдөҥмүт», — диирэ. Оннук дойдуга төрөөн улааппыт киһи, оҕолуу ыраас сүрэхтээх, мас хайдыбытыныы көнө майгылаах, өҕүллүбэт санаалаах буолара чахчы. Көр, оннук ийэ айылҕатынан, ийэ өйүнэн сылдьыбыт киһи этэ — Тыаһыт. Дьэ, ол да иһин кини олоҕо оччотооҕу тыйыс кэм тыыныгар хаайтарар муҥун көрөн, илиитэ-атаҕа баайыллан, арай санаата бүлгүрүйбэккэ өрүүтүн сырдык хоту тардыһа сылдьыбыта.
Н.Н.Павлов — Тыаһыт саха литературатыгар бастаан кэпсээннэринэн, хоһооннорунан, фельетоннарынан уонна саха суруйааччыларын айымньыларыгар аналлаах литературнай-критическэй ыстатыйалары суруйар автор быһыытынан киирбитэ. Ити 1923-1925-сс. этилэр. Маны таһынан Л. Толстой, Н. Островскай, М. Горькай, В. Гюго, М. Зощенко, А. Дейч уо.д.а. айымньыларын сахалыы саҥардыбыт тылбаасчыт. Кини литератураҕа хоннохтоохтук киирсэн испитин автор икки айымньыта: «Кууһума» диэн романа (1940 с.) уонна «Кыстаанык» (1968 с.) диэн сэһэнэ кэрэһилииллэр. Бу икки айымньытын ааҕааччылар бэркэ диэн умсугуйан, көрдөөн туран ааҕаллара. Оттон «Кууһумата» саха литературатыгар бастакы роман этэ. Маны таһынан «Долгуннаах күннэргэ» диэн саҥа сэһэни суруйан хаалларбыта биллэр.
Ол да буоллар Тыаһыт Суруйааччылар союзтарыгар чилиэн буолбатаҕа. «Ити сүрүн биричиинэтэ Николай Николаевич бэйэтэ олус сэмэйинэн, советскай суруйааччы үрдүк аатын наһаа бочуоттаах, эппиэттээх дьыаланан ааҕарынан быһаарыллар»,- диэн биллэрбитэ, кини доҕоро, саха народнай поэта Күннүк Уурастыырап.
Атын өттүттэн ылан көрөр буоллахха, Тыаһыт биир киһи олоҕор баппат уустук эриирдээх олоҕу олорон ааспыта. Дойду үрдүнэн ааҥнаабыт-сааҥнаабыт репрессия сыллара кини үрдүгэр үрүт үөһэ сааллыбыттара. Бастаан 1939—1941 сс, иккиһин 1942—1945 сс, үcүһүн 1949 — 1950 сс. хаайыллан, олорон тахсыбыта. 58-с ыстатыйа 10-с пуунунан иккитэ ытылларга ууруллан баран, тыыннаах хаалбыт киһи. «Дьэ, ол барыта кини наһаа өс киирбэх, ahaҕac, дэлэгэй дууһалаах, санаатын иһигэр тута сылдьыбат, көнөтүнэн этэриттэн буолбута», — диэн Сардаана Ойунская «Тирэх буолбут ытык дьоммут» ыстатыйатыгар ииппит аҕатын туһунан иһирэхтик ахтар. Тыаһыт хаайыыга олорон И.И. Попову кытта нууччалыы-сахалыы 2 томнаах тылдьыты оҥорбута 1948—1949 сс. тахсыбыта. Бу тылдьыт учууталларга, хаһыат үлэһиттэригэр күннээҕи үлэлэригэр туттуллар олус табыгастаах остуол кинигэтинэн буолар. Дэҥҥэ көстөр сэдэх кинигэлэргэ киирсэр.
Олортолоон тахсыбыт «буруйа» суола-ииһэ суох хаалбатаҕа. Реабилитацияланан да баран өр кэмҥэ үлэ булбакка сылдьыбыта. 1945-1948 сс. Дьокуускай куорат научнай библиотекатын кытта дуогабардаһан, аны «Саха сирин уус-уран литературата» диэн библиографический ыйынньык оҥорор. Бу ыйынньыгар кини саха норуотун литературатын эрэ буолбакка, ahapa баран 1904 сылтан 1948 сылга диэри сыһыаннаах бары историятын, культуратын туох баарынан кырдьыктаахтык киллэрэн туран суруйар. Ити кэмҥэ норуоттарыттан былдьаммыт уонна репрессияламмыт суруйааччылары И.Е. Слепцову (Арбита), В.Н. Леонтьевы, Г.В. Баишевы (Алтан Сарын), А.Ф. Бадровы, К.О. Гавриловы (Тыа Оҕото) уонна да атыттары тэҥҥэ киллэртиир. Оччотооҕу кэмҥэ бу бүтүн системаны утары туруу буолара. Тыаһыт бэйэтэ иккитэ олорон тахсыбыт киһи ону билбэт буолуох тyha cyoҕa, ол эрээри кырдьык туһа диэн, ол xahaн эрэ син биир күөрэйиэхтээҕин курдук суруйбута. Бу кэнниттэн кини үcүhүн хааллыбыта.
Н.Н. Павлов — Тыаһыт атын кэмнэ төрөөбүт эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох кэриэтэ. Хаһан даҕаны тус бэйэм олоҕум диэн оҥостумматах, туой норуотум уонна дьон тyha диэн бэйэтин илиннэммит киһи. Маныаха мин эмиэ Сардаана Ойунская ахтыытыттан аҕалыахпын баҕарабын: «Дьэ, кырдьык, «норуот өстөөҕө буолбут дьон дьиэ кэргэттэрин үгүс киһи тумна хаамар буолбут кэмигэр, үс оҕолоох, доруобуйатынан да мөлтөх дьахтары ылыы — кэрээнэ суох хорсун быһыы. Бу эмиэ Николай Николаевич киһилии майгыта-сигилитэ» («Чолбон» 10 №-рэ, 1993 с., 46 стр).
Тыаһыты төрөөбүт сиригэр эмиэ үтүөнэн көрсүбэтэхтэрэ, үлэҕэ ылбатахтара, хомоппуттара, өр сыл Чурапчыга олорон уонна үлэлээн норуот үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ буолбута. Кини ханнык да үлэни ылыстын, онуоха дьүөрэ бэйэтэ туспа санаалаах эбит. Холобура, педагогикаҕа үөрэнээччигэ, «иккини» туруоран, иккис сылын хаалларары олох сыыһанан ааҕар, иистэнньэҥ, детсад үлэһитэ, медсестра буолар кыргыттарга алгебра, физика төрүт да наадата суох, тракторист, суоппар буолар уолаттарга гуманитарнай предметтэр эмиэ туһалара суохтарын этэр эбит. Оҕолор оскуоланы хайаан да бүтэриэхтээхтэрин уонна дьэ олоххо дьоҕурдарын көрдөрөр, сөптөөх идэни талан ылыахтаахтарын бэрт эрдэ өйдөөбүт. Ити барыта Н.Н. Павлов — Тыаһыт дэгиттэр дьоҕурдааҕын, ырааҕы көрөрүн бэлиэтииллэр. Киһиэхэ дьоло — бэйэҥ албыннаппакка, түһэн биэрбэккэ, тус эрэ тyhyн көрүммэккэ, көҥүлү, кырдьыгы, сырдыгы, үтүөнү норуотугар баҕаран туран тypyyлahaн улэлээһинэ, кэс тылын кэбиһэн хаалларыыта, кэлэр кэнчээри ыччаты көҕүлүүр илинниир буоллаҕына, ол буолар Тыаһыт дьоло.