АЛЕКСЕЕВ Михаил Михайлович

АЛЕКСЕЕВ Михаил Михайлович

(1903-1988)

07.42 с. сэриигэ ыҥырыллыбыт, 09.43 с. дойдутугар эргиллибит, 1988 с. өлбүт.

Биһиги аҕабыт Алексеев Михаил Михайлович Мэҥэ-Хаҥалас улууһун I Тыыллыма нэһилиэгэр 1903 сыл сэтинньи 7 күнүгэр төрөөбүтэ.

Кини oҕo эрдэҕиттэн үөрэниэн олус баҕалаах буолан, аҕатыттан көрдөһө сатыыр эбит. Ол бириэмэҕэ кинилэр дэриэбинэлэригэр кэргэннии нуучча политсыылынайдара олорбуттар. Кинилэргэ сылдьан, буукуба үөрэтэн, аҕатыттан көҥүллэтэн, ийэтэ сөбүлээбэтэр да, оскуолаҕа үөрэнэ барбыта.

Аҕам ол политсыылынайдары нahaa сөбүлээн кэпсиир этэ: «Үчүгэй да дьон быһыылаахтара, ырыа ыллыыллара, үҥкүүлүүллэрэ, бэчиэнньэ биэрэллэрэ, бииргэ салаасканан хатааһылыыллара», — диэн.

Оскуоланы бүтэрэн баран, былаас уларыйар бириэмэтэ, бандьыыттааһын буолан, кыайан ханна да барбатаҕа. Онтон сэбиэскэй былаас буолбутун кэннэ, Дьокуускайга киирэн учууталлар куурустарыгар үөрэнэр. Ол бириэмэҕэ олох уларыйыыта, араас миитиннэр буолар кэмнэрэ этэ, онно аҕам: «Биирдэ П.А. Ойуунускай тыл этэрин истибитим, сүрдээх күүстээх этиилээх киһи этэ», — диэбитэ.

Үөрэҕин бүтэрэн баран, 1929 сыллаахха Apҕaa Хаҥалас улууһугар III Малдьаҕар нэһилиэгэр (кэлин Тиит Арыы Чкалов дэриэбинэтигэр) учууталынан ананан тахсыбыта. Оччотооҕуга оскуола суох буолан, Гаврил Васильевич Ксенофонтов дьонун дьиэтигэр аҕыйах оҕону мунньан үлэтин саҕалаабыта. Ол кэмҥэ кини Слепцов Бүөтүргэ дьиэлэммитэ уонна эһиилигэр кинилэр кыыстарын Нинаны кэргэн ылбыта. Онон биһиги ийэлээх аҕабыт 1930 сыл ыам ыйын 4 күнүгэр ыал буолбуттара.

Онтон сэрии буолбутугар, кэргэнин икки оҕотун кытта хаалларан, 1942 сыл от ыйыгар армияҕа барбыта. Бурятия Кяхта диэн станциятыгар фроҥҥа аттары бэлэмнээһиҥҥэ сылдьыбыта уонна доруобуйатынан сыыллан 1943 сыл күһүн дойдутугар эргиллибитэ. Онтон үлэлээн, араас ыарахан сыллары туораан «Аҕа дойду сэриитин сылларыгар үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Уопсайа 35 сыл тухары учууталлаан, Чкалов уонна Харыйалаах дэриэбинэлэригэр оҕолору үөрэтэн, дьон буолалларыгар элбэх сыратын биэрбитэ, хаста да грамоталарынан наҕараадаламмыта, Өктөөп 50 сылыгар сыаналаах бэлэх ылбыта. Кини үөрэппит оҕолоро араас үөрэхтээх үлэһит дьон буолан, норуот хаһаайыстыбатыгар үлэлээн-хамсаан кэллилэр.

Аҕабын «сэмэй майгылаах, үтүө санаалаах, кыыһырар диэни билбэтэх, сытыары сымнаҕас сыһыаннаах, дьиҥнээх учуутал этэ» диэн билиҥҥэ диэри үөрэппит оҕолоро истиҥник саныыллар.

Ол курдук 49 сыл биир олоххо олорон, үс үрдүк үөрэхтээх учуутал аҕам 85 сааһыгар олохтон барбыта.

Степанова В.И., кыыһа, үлэ бэтэрээнэ, Россия үөрэҕириитин туйгуна. Мохсоҕоллоох.