БОРИСОВ Пантелеймон Петрович

БОРИСОВ Пантелеймон Петрович
БОРИСОВ Пантелеймон Петрович

БОРИСОВ Пантелеймон Петрович

(1901-1976)

Воинское звание – младший лейтенант

Призван 07.41 г., демобилизован в 1946 г. Умер в 1976 г., захоронен в с. Октём.

Он до войны работал учителем, когда началась война, в числе первых в районе добровольцем записался  на фронт на первый призыв. В своем письме учитель Ойской школы Алексеев Николай Федотович в 1941 г. пишет: «… Учитель Борисов Пантелеймон Петрович остался учиться в городе Сретенске …». В городе Сретенске обучали на младших командиров…

 Аҕабыт туһунан иһирэх тыл

Биһиги аҕабыт, Пантелеймон Петрович Борисов 1901 сыллаахха Дьокуускай куоракка Борисов Петр Николаевич (Нуучча Бөтүрүүскэ) диэн баайдарга үлэлиир киһиттэн төрөөбүтэ. Инньэ гынан куорат эйгэтигэр иитиллибитэ. Ииппит ийэтэ Пелагея Егоровна баайдарга кухаарканан үлэлээбит. Уоллара соҕотох буолан, аймахтарыттан кыыс ылан уолларыгар доҕор гына ииппиттэр. Уоллара үөрэнэн, 1921 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учительскай семинарияны ситиһиилээхтик бүтэрэн, учуутал идэтин ылар. Өр кэмҥэ Таатта, Мэҥэ-Хаҥалас, Арҕаа Хаҥалас начаалынай оскуолаларыгар сэбиэдиссэйинэн, Хаптаҕайга детдом директорынан, начаалынай кылаас учууталынан, 1961 — 1964 с. Кыыл — Бастаах начаалынай оскуолатыгар үлэлээбитэ, уопсайа үүнэр көлүөнэни иитиигэ 42 сылы анаабыта уонна 1964 сыллаахха сааһынан пенсияҕа тахсыбыта. Tөhө да пенсияҕа таҕыстар аҕабыт таах олорботоҕо. Оскуолаҕа учууталлары солбуйара, сибээс Өктөмнөөҕү отделениетыгар почтальонунан өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

Кыайыылаах — хотуулаах үлэтин иһин «Коммунистический үлэ ударнига» бэлиэлээх.

Үлэтин бастакы сылларыгар, үрүҥ бандьыыттар өрө турууларынан сибээстээн, элбэх күчүмэҕэйдэри көрсүбүтэ. Оскуола аналлаах дьиэтэ суоҕа, дьиэлэри кэрийэ сылдьан иккилии-үстүү оҕону көмүлүөк сырдыгар үөрэтэрэ. Тэтэрээт, харандаас, үөрэнэр кинигэ суоҕуттан төрөппүттэр оҕолоругар кумааҕы оннугар туohу хастаан биэрэллэрэ. Маны аҕабыт хараастан олорон кэпсиирэ.

1941 сыллаахха фашистскай Германия Советскай Союзка саба түспүтүгэр, аҕабыт Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Офицерскай оскуолаҕа үөрэнэн лейтенант званиетын ылан I Белорусскай уонна II Украинскай фроннарга сэриилэспитэ. Немецкэй-фашистскай халабырдьыттары утары сэриигэ хорсунун уонна эр санаатын иһин лейтенант Пантелеймон Борисов Кыһыл Сулус ”Албан аат” III степеннээх уордьаннарынан, «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Японскай самурайдары үлтүрүтүүгэ кыттыыны эмиэ ылбыта. «Японияны кыайыы иһин» мэтээллээх этэ. Дойдутугар 1945 сыллаахха күһүн кэлбитэ.

Сэрииттэн кэлэн баран хараастыбыта диэн, кэргэнэ Мария Елисеевна өлөн, 3 оҕото тулаайах хаалбыттар этэ. Онтон 1945 сыллаахха биһиги ийэбитин — Акулина Кириковна Макарованы кэргэн ылар. Ол саҕана биһиги ийэбит 4 оҕону (аймахтарыттан хаалбыт тулаайах оҕолору) иитэ сылдьыбыт. Холбоһон 7 оҕолоох улахан ыал буола түспүттэр. Ол саҕана ийэбит Маалтааныга, Эргискэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыт. Бииргэ олорон 4 оҕону төрөппүттэр, уопсайа 9 оҕону иитэн-аһатан үөрэттэрэн, барыбытын ыал оҥорон, элбэх сиэн тапталлаах эһэтэ буолан олорон 1978 сыллаахха оһолго түбэһэн олохтон туораабыта. Кыра сырыттахпытына барыбытын саахымакка, дуобакка үөрэтэрэ. Дьоһуннаах дьон буоларга ииппитэ.

Пантелеймон Петрович оҕолоро билигин эйэлээх олоххо олорорбутунан аҕабытыгар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэбит. Биһиги аҕабыт Ийэ дойдутун көмүскээн, кэлэр көлүөнэ кэскилин кэрэһэлээбитэ.

Аҕабыт төрөппүт да, үөрэппит да оҕолорун мөҕөр диэни билбэт этэ. Куолаһа биир кэм этэ, наар сүбэлээн-амалаан биэрэрэ. Оҕолору дьиссипилиинэлээх, улахан киһини убаастыырга, үөрэхтээх дьон буоларга үөрэтэрэ. Үөрэппит оҕолоро соҕуруу араас үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьан учууталларыгар сурук суруйаллара, араадьыйанан эҕэрдэлээн ырыа ыыталлара. Ону наар түбэһэн истэрэ, сүрдээҕин үөрэрэ. Араас идэлээх буолан олорон, учууталларын умнубат этилэр. Өлбүтүн да кэннэ умнубат этилэр, биир скульптор идэтин ылбыт үөрэнээччитэ уҥуоҕар бюһун оҥорбута билиҥҥээҥҥэ дылы үөрэппит оҕолорун махталларын саната сылдьар. Онон биһиги, төрөппүт оҕолоро, аҕабытынан киэн тутта саныыбыт.

М.П. Олесова, кыыһа