Сахалыы тыыннаах ыччаты иитиэххэ

         Саха ыччата оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын баайын, норуотун үтүө үгэстэрин, дьарыктарын этигэр-хааныгар иҥэринэн, мындыр өйүн, уус тарбаҕын утумнаан, сахалыы сиэргэ-туомҥа уһуйуллан, «мин сахабын» диэн санаанан кынаттанан улааттаҕына эрэ, олоххо бэлэмнээх, үрдүк култууралаах, билиилээх, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буола  үүнэр-сайдар дьылҕалаах.   

        Норуоппут төрөөбүт этигэн ийэ тыла, номоххо киирбит олоҥхото, үйэлэри уҥуордаабыт үтүө үгэстэрэ, сиэрэ-туома – бу баар биһиги духуобунай баайбыт, омук быһыытынан чэчириир,  сайдар  эйгэбит.

         Саҥардыллыбыт Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаардыгар олоҕуран, И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын кэлэктиибэ үөрэнээччини сахалыы тыыҥҥа иитиигэ-үөрэтиигэ биир сүрүн болҕомтотун уурар. Сайдыылаах, киириилээх-тахсыылаах үйэҕэ төрөөбүт ийэ тылынан ыраастык санарар, норуотун үгэстэрин, төрүт култууратын этигэр-хааныгар иҥэринэ улаатар үөрэнээччи элбээтэр ханнык диэн өйдөбүлүнэн салайтаран, “Сахалыы тыыннаах ыччаты иитиэххэ” диэн сыал туруорунан, алын кылаастан саҕалаан араас хайысхалаах бырайыактары айан олоххо киллэрэр туһугар үлэлиибит-хамсыыбыт. Бэйэтин саха омук быьыытынан билинэр, норуотун үйэлэр тухары иитиэхтээн кэлбит төрүт өйдөбүллэрин, төрөөбүт тылын, култууратын толору баһыйбыт, дойдутугар, дьонугар — сэргэтигэр бэриниилээх кэнчээри ыччаты иитэн таһаарыы – бу буолар биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут.

        Бу сүдү сыалга тирэнэн, олорор усулуобуйабытын, эйгэбитин көрүнэн, үөрэнээччилэрбитигэр сөптөөх хайысханы булларан дьарыктыыбыт. Аҥаардас уруогунан эрэ муҥурдаммакка, кылаас таһынааҕы иитии-үөрэтии үлэтэ былааннаахтык уонна ситимнээхтик ыытыллар, хас биирдии учууталтан, оскуола салайааччыларыттан айымньылаах үлэ эрэйиллэр. «өбүгэ үгэһин утума”,  «Мин сахабын – сахабынан кэрэбин», «Сахалыы ааҕар кылаас», «Эркин – аҕа сүбэтэ», «өбүгэлэрбит оонньуулара»   уонна да атын бырайыактары  үлэлэтэбит.  

        Биир улахан суолталаах бырайыакпытынан икки сылга биирдэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар “Өбүгэ үгэһин утума” диэн научнай-практическай кэмпириэнсийэбит буолар. Онно кыттаары өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан үөрэнээччилэр уонна учууталлар мустан, хомуска, олоҥхоҕо, оһуокайга талааннарын көрдөрөллөр, куонкурустарга кытталлар, научнай, методическай дакылааттары ааҕан билиилэрин, уопуттарын  үллэстэллэр.           

        Сылын аайы Ийэ тыл күнүгэр ыытыллар «Аман өс» күрэс оҕолорго кэтэһиилээх кэмнэртэн биирдэстэрэ: эрдэттэн сүүрбэччэ тиэмэни кылаастарынан түҥэтэбит, кыттааччылар биирдиилээн бэлэмнэнэллэр. Биһиги санаабытыгар, бу күрэс аҥаардас оҕону тыл-өс өттүнэн эрэ сайыннарар буолбакка, бириэмэтин табыгастаахтык аттаран, толкуйун тобулан, сытыы балаһыанньаттан сатаан тахсан, ыйытыыларга сөпкө хоруйдуур дьоҕурун сайыннарар, санаатын  сааһылаан саҥарар  сатабылы иҥэрэр.

        “Дьүрүскэн” хомус бөлөҕө, «Ыллык» литературнай куруһуок, “Хаҥаласчаан”образцовай үҥкүү бөлөҕө, сахалыы дебаттар, фольклор куруһуоктара, сахалыы остуол оонньууларын секциялара ситиһиилээхтик үлэлииллэр.

        Биhиги оскуолаҕа “Тобуллаҕас толкуй” диэн төрөппүттэри кытта саха тылын уонна литературатын олимпиадатын ыытыы үгэскэ кубулуйда. Олимпиадабыт үтүө түмүктэрдээх, олортон биирдэстэрэ – Амма Аччыгыйа үбүлүөйүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-ҕа төрөппүттэрбит оҕолорунаан кыттан иккис миэстэни ылбыттара буолар. Бу олимпиаданы уонна атын да күрэстэри ыытарга  “Эркин” – аҕа сүбэтэ» диэн аҕалар түмсүүлэрэ  күүс-көмө  буолар.

         Билиҥҥи оҕо уус-уран айымньыны ааҕара намтаабытын үрдэтэр сыалтан оскуолабытыгар “Дьэргэлгэн” диэн театр-устуудьуйа таһаарыылаахтык үлэлиир. Саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕан, ырытан, үөрэтэн, оҕолор театр эйгэтигэр сысталлар, сценаҕа оонньоон уобарас уратытын тыл-өс, туттуу-хаптыы көмөтүнэн арыйаллар, талааннарын сайыннараллар.

        Кэтэһиилээх, долгутуулаах, төрөппүттүүн, үөрэнээччилиин, учууталлыын ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн күүтэр күммүт – оскуолабыт ыһыаҕа. Бу бары бүттүүн тахсаммыт үөрэ-көтө самаан сайыны көрсөр, кэрэ айылҕалыын алтыһар, сыллааҕы үөрэх дьылын  түмүктүүр, дуоһуйа  сынньанар түһүлгэбит буолар. Бу күн төрөппүттэрдиин бииргэ буолан оҕолоролбутугар саха омук үгэһэ – ыһыах – хайдах ыытылларын дьиҥ – чахчы көрдөрөн, бэйэлэрин бары тэрээһиннэргэ кытыннаран, эттэригэр-хааннарыгар ыһыах туһунан өйдөбүлү иҥэрэргэ кыһаллабыт.

         Ити курдук, биһиги оскуолабыт оҕону сахалыы тыыҥҥа иитэр ситимнээх үлэтэ үөрэнээччилэрбит төрөөбүт төрүт тылларын, өбүгэлэрин үтүө үгэстэрин, талааннарын-дьоҕурдарын, мындыр өйдөрүн утумнаан, бэйэлэрин кыахтарыгар эрэллээх, сиэрдээх, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаһар, дэгиттэр сайдыылаах дьон буола улааталларыгар  олук уурар.

                                                                С.С.Шишигин,  И.М.Яковлев аатынан         

                                                                Покровскай 1 нүөмэрдээх    

                                                                орто оскуолатын дириэктэрэ                          

 

Мин сахабын, сахабынан кэрэбин

Оҕону уус-ураннык сахалыы саҥарыыга угуйуу бырайыага

 

Туругура, тупса тур,

Тирэҕирэ, чиҥии тур,

Тоҕойдору туораан ис,

Арҕастары ааһан ис,

Саргы дьайаан Сахам тыла,

Сарыал санаа – Сахам тыла!

П.Тобуруокап

 

        Бырайыак ааптардара: И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1  №-дээх сорох предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учууталлара.

        Бырайыак салайааччыта: Понохова Надежда Николаевна, И.М.Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх сорох предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала.

        Бырайыакка кытталлар: учууталлар, 1 — 4 кылаас үөрэнээччилэрэ.

        Бырайыак сыала:

        Бырайыак соруктара:

  • уус-уран айымньыга интэриэһи үөскэтии, ааҕар баҕаны олохсутуу;
  • төрөөбүт ийэ тылынан бэйэ санаатын толору этэргэ үөрэтии;
  • оҕо тулалыыр эйгэ кэрэтин дууһатынан ылынарыгар олук ууруу;
  • норуот үтүө үгэһин, культуратын, тылын-өһүн иҥэринии, онон киэн туттуу.

        Бырайыак олоххо киирэр кэмэ: 2020-2025 сс.

        Бырайыак сабаҕалааһына: Учуутал төрөөбүт тылы үөрэтиигэ араас хабааннаах сонун үлэлэри утумнаахтык тэрийэн ыыттаҕына, үөрэнээччи дириҥ, чиҥ билиини  иҥэринэр баҕатын көбүтүө, тылын саппааһын байытар суолу арыйыа.

        Бырайыак билиҥҥи кэмнэ суолтата: Төрөөбүт сахабыт тылынан саҥарыы — иҥэрии араас биричиинэнэн мөлтөөтө. Үгүс оҕо нууччалыы тылы кыбытан кэпсэтэр, сорохтор отой да төрөөбүт тылларын билбэт түгэннэрэ элбээтэ. Ол моһоллору туоруурга, тыл саппааһын сайыннарыыга биһиги, учууталлар, улахан болҕомтону уурдахпытына эрэ кэлэр кэнэҕэски ыччаттарбыт төрөөбүт тылларын баһылыахтара. Бу туһунан   өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үгүс кэпсэтии барар. Оҕону төрөөбүт тылын таптыырга кыра эрдэҕиттэн үөрэтиэххэ наада. Оннук биир суолунан оскуолаҕа араас күрэхтэри ыытыы буолар.

        Үлэ былаана:

Бырайыак иһинэн ыытыллар үлэлэр

Сыллар

1.

Бырайыак балаһыанньатын оҥоруу, ырытыы

2020 сыл

2.

Бокуруоскай куорат  оскуолаларын алын сүһүөх кылааһын үөрэнээччилэрин ыккардыгар  күрэхтэһии тэрийии. Ананар: норуот биллэр суруйааччыта Мординов Николай Егорович — Амма Аччыгыйа 115 сааһыгар, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Доруобуйа сылыгар.

2021 сыл

3.

Хаҥалас улууһун  оскуолаларын алын сүһүөх кылааһын үөрэнээччилэрин ыккардыгар  кэтэхтэн күрэхтэһиини тэрийии. Ананар: Саха өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Ийэ сылыгар, И.М. Яколев аатынан Покровскай 1 №-дээх сорох предметтэри дириҥэтэн үөрэтэр уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын 135 сылыгар,  саха норуотун биллэр суруйааччытаД.К. Сивцев-Суорун Омоллоон 110 сааһыгар.

2022 сыл

4.

Хаҥалас улууһун  оскуолаларын  1 — 4 кылааһын үөрэнээччилэрин ыккардыгар   күрэхтэһиини тэрийии.  Ананар: Саха өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит  Үлэ сылыгар, Саха сирин биллэр поэта Петр Тобуруокап 105 сааһыгар.

2023 сыл

5.

Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын алын сүһүөх кылааһын үөрэнээччилэрин ыккардыгар аһаҕас  күрэхтэһиини тэрийии.  Ананар:  Саха литературатын бастакынан олохтооччулартан биирдэстэрэ П.А.Ойуунускай 130 сааһыгар, оҕо суруйааччыта, поэта Иннокентий Сосин 95 сааһыгар.

2024 сыл

6.

Түмүһэхтэргэ биириистээх миэстэҕэ тиксибит оҕолор дакылааттарынан хомуурунньук таһаарыы.

2025 сыл

 

        Күүтүллэр түмүктэр:

  • учуутал үөрэнээччи төрөөбүт ийэ тылын дириҥник, чиҥник баһылыыр баҕатын көбүтэр;
  • үөрэнээччи бэйэтин санаатын сайаҕастык таба этэр, сурукка тиһэр буолуо;
  • ылбыт билиитин айар үлэтигэр, олоҕор сатаан туhаныа;
  • тыл-өс, сурук-бичик култууратын билэр буолуо.

 

«Мин сахабын, сахабынан кэрэбин»  бырайыак (күрэх) ыытыллар бырыгырааммата

Күрэх торумнара:

  • торум: «Киэн тутта кэпсиибин».

      Оҕо биир дойдулааҕын, холобур оҥостор, биллэр-көстөр үлэһит киһитин  туһунан  

       сиһилии санаатын этиитэ.

  • торум: «Поэт Петр Тобуруокап саха литературатын сайдыытыгар кылаата» (дьүбүлүөйдээх суруйааччы аатынан уларыйа сылдьар). Петр Тобуруокап айымньыларын ырытыы.
  • торум: «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах» – уолаттарга күрэс. Уол төрүт дьарыгы утумнаан, айылҕалыын алтыһыыта.
  • торум: «Айымньы түһүлгэтэ» – 1 кылаас оҕолоругар күрэс. Оҕо аахпыт айымньытын геройдарын туһунан бэйэтин ис санаатын кэпсээһинэ.
  • торум: «Төрөөбүт тыл төлкөлөөх» – саха тылын предмет быһыытынан үөрэтэр нуучча кылааһын үөрэнээччилэрин күрэҕэ. Оҕо сахалыы саҥара үөрэнэрин туһунан бэйэтин тус санаатын арыйыыта.
  • торум: «Ийэ тылбынан сэһэргиибин» – нууччалыы суруллубут тиэкиһи    

         тылбаастаан кэпсээһин.

  • торум: «Устар ууну сомоҕолооччу» – оҕо талан ылбыт тиэмэтин тула      

          кэпсээнэ, санаатын арыйыыта.

Тиэмэлэр:

  1. Саха сирин дьикти көстүүлээх биллэр сирдэрэ.
  2. Саха суруйааччыларын айымньылара.
  3. Саха ырыата сатарыа, саха саҥата саргыланыа.

Күрэс сыаналанар ирдэбиллэрэ:

  • бэриллэр тиэмэҕэ бэйэ санаатын сааһылаан уус-ураннык этии;
  • истээччигэ тиэрдии маастарыстыбата;
  • кэпсээччи туттан-хаптан туруута;
  • бириэмэни сөпкө туһаныы.

Санааны этии бириэмэтэ: 2 — 3 мүн.

        Түмүк таһаарар кэмҥэ  сахалыы остуол оонньууларыгар:  хабылыкка, хаамыскаҕа – хамаанданан күрэхтэһии. Оскуола хамаандатыгар 1 уол, 1 кыыс, 1 төрөппүт эбэтэр учуутал киирэр.

        Наҕараадалааһын:  күрэххэ кыттыбыт оҕоҕо туоһу сурук (кэрэһит) бэриллэр. Секция аайы I миэстэ — 1, II миэстэ — 2, III миэстэ — 3 ананар. Кыайыылаахтар дипломнарынан, өйдөбүнньүк бириистэринэн, “Ыраас тыллаах кэпсээччи”, “Истээччи биһирэбилэ” анал биһирэбиллэринэн наҕараадаланаллар. “Устар ууну сомоҕолооччу” секция муҥутуур кыайыылааҕар кубок, сыаналаах бириис туттарыллар. Остуол оонньуутугар кыайбыт хамаандаҕа кубок туттарыллар.

 

Н.Н.Понохова, И.М.Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылааһын учуутала

 

Өбүгэ оонньуулара 

Хайа баҕарар кэмҥэ хас биирдии норуот үүнэр көлүөнэтигэр бу иннинээҕи көлүөнэлэр муспут олох-дьаһах, оҥорон таһаарыы, култуура, майгы-сигили нэһилиэстибэлэрин тиэрдиини иитии сүрүн сыалынан уонна үүнэр көлүөнэтигэр кыһамньылаах сыһыанынан ааҕара. Маныаха норуот үгэстэрин, абыычайдарын харыстааһын, бөҕөргөтүү уонна сайыннарыы көмө-тирэх буолар.

        Хаҥалас улууһун Покровскай И.М.Яковлев аатынан 1 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ С.С.Шишигин көҕүлээһининэн оскуолаҕа 2017 с. «Өбүгэ ооньуулара» диэн бырайыак үлэлиир.

        Саха норуотугар остуол ооньуулара дириҥ силистээхтэр. Кинилэр өссө 16-17 үйэлэргэ киэҥник тарҕаммыттара. Былыргы сылларга киһи күүстээх илиилээҕэ, имигэс тарбахтааҕа, бэргэн харахтааҕа, сымсата, тулуурдааҕа, булугас-талыгас майгылааҕа ордук сыаналанар этэ.

Сыллар ааһаннар, олохпут оҥкула уларыйан, остуол оонньуулара саха норуотун култууратын чааһа буоллалларын быһыытынан, иккис тыыннаммыттара. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар остуол ооньууларыгар интэриэс сөргүтүллүбүтэ. 1992 сыллаахха саха норуотун остуол оонньууларын Федерацията тэриллибитэ. Ол курдук, Устаап, ооньуу быраабылалара уонна күрэхтэһиини тэрийэр бэрээдэк оҥоһоллубуттара. «Хабылык», «хаамыска» остуол оонньуулара спорт көрүҥүн статуһун ыланнар, «Өбүгэ оонньуулара» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии бырагырааматыгар киирбиттэрэ.   

Уопсай үөрэхтээһин оскуолаларыгар уонна култуура тэрилтэлэригэр бу ооньуулары киэҥник тарҕатыыга сыаллаах-соруктаах, күүстээх үлэ саҕаламмыта. «Хабылык», «хаамыска» остуол оонньууларыгар улахан дьоҥҥо да, оҕолорго да күрэхтэһиилэр ыытыллаллара. Билиҥҥи кэмҥэ өбүгэлэрбит остуол оонньуулара киэҥ эйгэҕэ тарҕанан, дьон-сэргэ сөбүлээн оонньуур, бириэмэ атаарар, күрэхтэһэр биир көрүҥэ буоллулар.

«Өбүгэ ооньуулара» оскуола бырайыага алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр аналлаах: улаатан эрэр оҕолорго норуоттарын туһунан билиилэрин хаҥатарга, оҕолору сахалыы үгэстэргэ олоҕуран иитэргэ көмөлөһөр. «Хабылык», «хаамыска» остуол оонньуулара оҕолор чөл, доруобай олоҕу талалларыгар, өй-санаа өттүнэн эргиччи талааннаах, эт-сиин өттүнэн толору сайдыылаах буола улааталларыгар сүҥкэн улахан суолталаахтар. 

Бырайыак чэрчитинэн «Өбүгэ оонньуулара» куруһуок үлэлиир, алын сүһүөх оҕолоро оскуола боруогун атыллыахтарыттан ылата «хабылык», «хаамыска» остуол оонньууларынан утумнаахтык дьарыктаналлар. Учууталлара үөрэнээччилэрин кытары тэҥҥэ остуол оонньууларын оонньууллар. Оскуола салалтата бу көрүҥ сайдарыгар, оҕолор дьарыктаналларыгар бары усулуобуйаны тэрийэр. Үлэ уруогар бу оонньууларга анаан оҥоһуллубут остуоллар оскуола көрүдүөрдэригэр тураллар, хаамыскалар уонна хабылыктар эмиэ үлэ уруогар оҥоһуллаллар.

Оскуола дириэктэрин бирииһигэр сыл аайы ыытыллар күрэххэ учууталлар, төрөппүттэр, оҕолор үөрэ-көтө кытталлар. Хамаандаҕа кылаас салайааччыта, биир ийэ, биир аҕа, икки уол, икки кыыс киирэн, биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр биир сомоҕо буолан, илин-кэлин түсүһэллэр. Ол иннинэ кылаастарынан хамаандаҕа киирэр иһин күрэхтэһэллэр. Дириэктэр хамаандаҕа көһө сылдьар кубок, бастаабыттарга – мэтээл, муҥутуур кыайыылаахтарга сыаналаах бириис туруорар. Кылаас салайаачылара, төрөппүттэр оҕолоругар анал бириистэри туруоран, өссө күүстээх дьарыкка көҕүлүүллэр.

«Хабылык» уонна «хаамыска» оонньуулар уустук малы-салы, оонньуур площадкалары эрэйбэттэр, спорт бу көрүҥүнэн ким баҕар, доруобуйатыттан тутулуга суох, дьарыктаныан сөп. Остуол оонньуулара оҕону бары өттүнэн сайыннарарга саамай тоҕоостоох «инструмент» буолаллар: оҕо өйүн-санаатын, майгытын-сигилитин, этин-сиинин толору сайыннарар кыахтаахтар.

«Өбүгэ ооньуулара» оскуола бырайыагын төрөппүттэр көхтөөхтүк өйүүллэр, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ оҕолорунаан кытталлар. 2019 сыллаахха 2-4 кылаастар иһинэн ыытыллыбыт күрэххэ хабылыкка уонна хаамыскаҕа көрдөрүү маастар-кылаастар буолбуттара. Холобурдуур буоллахха, маастар-кылааһы успуорт маастарыгар кандидат, төрөппүт Михайлов Альберт Кузьмич эдьиийинээн Алена Кузьминичналыын көрдөрбүтэ.

Оҕолор үлүһүйүүлэрэ уопсай дьиэ кэргэн үлүһүйүүтүгэр кубулуйар. Ол курдук, Василий Дьулустаанович уонна Анисия Федоровна Еремеевтар кыыстара Сайааналыын 2018, 2019 сылларга оскуола чиэһин өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ кыттан көмүскээбиттэрэ, үһүс миэстэ буолбуттара. Оскуолабыт бырайыагын ситиһиилээх кыттааччыларынан ааҕыахпытын сөп Михайловтары (оҕолоро Тайаана, Долун), Ивановтары (оҕолоро Айтал, Айаал) уо.д.а.

Биһиги үөрэнээччилэрбит – остуол оонньууларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирдар уонна «Күн оҕолоро» диэн саха норуотун оонньууларын бэстибээлин кыттааччылара.

Оскуолабыт иһинэн сыл ахсын ыытыллар остуол оонньууларыгар турнирбыт улуус таһымыгар ыытыллар буолан эрэр. Ол курдук, 2020 сыл олунньу 1 күнүгэр оскуола дириэктэрэ С.С.Шишигин бирииһигэр хабылыкка, хаамыскаҕа 1 Улуустааҕы аһаҕас турнир ыытыллыбыта. Күрэхтэһиигэ 8 хамаанда, 58 кыттааччы курэхтэспиттэрэ. Покровскай 1 сокуолата (2 хамаанда), Покровскай 4 оскуолата, Ой, Мохсоҕоллоох, 2 Дьөппөн, Булгунньахтаах, Хоточчу оскуолалара. 1-3 уонна 4-6 кылаастарга арахсан күрэхтэспиттэрэ. «Манчаары» саха спордун национальнай көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Г.М.Мохначевскай ыҥырыылаах ыалдьыт буолбута. Бу турнирга биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ: Михайлов Долун уонна Еремеева Сайаана — абсолютнай чемпион аатын ылбыттара. Хамаанданан киирсиигэ оскуолабыт 1 миэстэни ылыан ылбыта. 2-с миэстэ – Покровскай 2 нүөмэрдээх оскуолатыгар, 3-с миэстэ – Ой орто оскуолатыгар тиксибиттэрэ.

Хамаандалар салайааччылара, кыттааччылар уонна төрөппүттэр 1 Улуустааҕы аһаҕас турнир үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын бэлиэтээбиттэрэ уонна: «Спорт бу көрүҥэ Хаҥалас атын да оскуолаларыгар көхтөөхтүк сайдыахтаах», – диэн баҕа санааларын эппиттэрэ.

Оскуолабыт иһинэн турнирдар үтүө үгэскэ кубулуйан ыытыллалларын бэлиэтээн этиэххэ наада. Ол түмүгэр учууталларбыт сахалыы остуол оонньууларыгар ситиһиилэрэ сылтан сыл үксээн иһэр. Ону Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, учууталлар Учууталлара, СӨ физическэй култууратын туйгуна Д.Д.Гуляев сырдык кэриэһигэр ананан ыытыллар комплекснай Спартакиадаҕа оскуолабыт хамаандата 2019, 2023 сылларга чаҕылхайдык кыайбыта туоһулуур.

Хамсык ыарыытын хааччахтарын кэмигэр күрэхтэри дистанционнайдык ыытан проекпыт үлэтин тохтоппотохпут. Араас оскуола оҕолоро үөрүүнү кытары оонньуулларын видеоҕа уһулан, дьүүллүүр сүбэҕэ ыыталаабыттара. Аныгы информационнай, технологическай үйэҕэ саха норуотун остуол оонньуулара: хабылык уонна хаамыска – син биир тоҕоостоох, оҕолорго интэриэһинэй буолаллар.

Ол курдук, «Өбүгэ ооньуулара» оскуола бырайыага үлэтин сылын ахсын күүһүрдэр, тэтимирдэр уонна оскуола кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин уонна төрөппүттэри өбүгэлэрбит үгэстэрин сайыннарыыга көҕүлүүр.

 

С.Г.Михайлова, Покровскай И.М.Яковлев аатынан 1 №-дээх оскуолатын алын кылааһын учуутала

 

Ааҕар кылаас

Сахалыы айымньылары бэрэбиэркэлиир тиэстэр 

 Бырайыак ааптара:  педагог-бибилэтиэкэр  Кириллина Сардана Алексеевна.

Бырайыак тиэмэтэ:“Ааҕар кылаас” бырайыак иһинэн сахалыы айымньылары бэрэбиэркэлиир тиэстэр.

Сыала: оҕо саха тылынан ааҕар дьоҕурун, сатабылын сайыннарыы.

Соруктара:

  1. Үөрэнээччилэри уус уран айымньы жанрдарын кытта билсиһиннэрии.
  2. Үөрэнээччи ааҕар таһымын, ааҕыыга интэриэһин үрдэтии.
  3. Оҕо ааҕарыгар төрөппүт, дьиэ кэргэн болҕомтотун тардыы.
  4. Үөрэх босуобуйаларын сөпкө туттууга үөрэтии.
  5. Тиэст көмөтүнэн оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы.

Үлэ тоҕооһо: Кэнники кэмҥэ оҕо ааҕыыга болҕомтото, интэриэһэ түстэ. Аныгы оҕолор кэпсэтэр, алтыһар эйгэлэрэ үксүн нууччалыы буолла. Социальнай ситимнэр, интернеккэ араас көрөр, аралдьытар сайтар, оонньуулар барыта кэриэтэ нууччалыы тылынан. Онон бу ыытыллар бырайыак иһинэн сахалыы тылынан айымньылары ааҕыы оҕо сахалыы саҥарар, ааҕар, кэпсиир дьоҕурун сайыннарар, айымньыга, кинигэҕэ болҕомтотун, интэриэһин тардар.

Туттуллар матырыйаал: Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова “Бэйэ ааҕыыта”, “Ыалынан ааҕыы” үөрэх босуобуйалара.

Дьарык ыытыллар көрүҥнэрэ: компьютернай презентация, Google сыһыарыынан тиэстэр.

Сыһыарыылар: 23 тиэс.

Киириитэ

        И.М. Яковлев аатынан Покровскай 1 №-дээх орто оскуолата Покровскай куоракка биир соҕотох сахалыы тыыннаах үөрэх тэрилтэтэ буолар. Куорат атын оскуолаларыттан уратыта диэн биһиги оскуолабытыгар саха тыла, литературата дириҥэтэн үөрэтиллэллэр, тэрээһиннэрбитин сахалыы тыынынан, саха тылынан ыыта сатыыбыт. Фольклор, хомус, театр, үҥкүү курдук эбии дьарыктар  ситимнээхтик сахалыы тыынынан үлэлииллэр.

       Бибилэтиэкэ эмиэ оскуола иитэр, үөрэтэр былааныгар сөп түбэһиннэрэн элбэх сахалыы тэрээһиннэри  ыытар. Кэнники кэмҥэ оҕо ааҕыыга болҕомтото, интэриэһэ түстэ. Аныгы оҕолор кэпсэтэр, алтыһар эйгэлэрэ үксүн нууччалыы буолла. Социальнай ситимнэр, интернеккэ араас көрөр, аралдьытар сайтар, оонньуулар барыта кэриэтэ нууччалыы тылынан. Онон саха тылынан ааҕар оҕо лаппа аҕыйаабыта барыбытын дьиксиннэрэр.

        Бибилэтиэкэр быһыытынан оскуолабар оҕолору ааҕарга уһуйаары, ааҕар интэриэстэрин тардаары 2014 сыллаахтан “Бастыҥ ааҕар кылаас” диэн уруок таһынан ааҕыыга бырайыак тэрийэн үлэлэтэбин. Бу үлэ чэрчитинэн сылы быһа 2-4 кылаас үөрэнээччилэрэ ый ахсын икки айымньыны ааҕаллар: биир айымньы нуучча тылынан, иккиһэ – сахалыы.  Ый бүтүүтэ ол аахпыттарын бэрэбиэркэлээн тиэс ыытабын. Сыл бүтэһигэр бырайыак түмүгүнэн кыайбыт кылаас “Бастыҥ ааҕар кылаас” диэн ааты ылан, көһөрүллэ сылдьар бэлиэнэн наҕараадаланар. Уопсай түмүккэ кылаас үөрэнээччилэрэ бибилэтиэкэҕэ төһө көхтөөхтүк сылдьыбыттара, бибилэтиэкэ ыытар тэрээһиннэригэр кыттыспыттара кытта киирсэр, ааҕыллар.

        Сахалыы айымньыларынан үлэҕэ Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова “Бэйэ ааҕыыта”, “Ыалынан ааҕыы” диэн үөрэх босуобуйаларыттан тиэстэри оҥорон ыытабын.

Айымньыны кытта үлэ барыла:

  1. Айымньыны болҕомтолоохтук ааҕыы.
  2. Суруйааччы олоҕун кытта билсии.
  3. Айымньыга баар ыарахан тыллары быһаарыы.
  4. Тиэһи толоруу.

        Үлэ сүрүн хайысхата айымньы ис хоһоонун ааҕааччы төһө өйдөөбүтүгэр эрэ буолбакка, айымньы ааҕааччыга дьайар күүһүн кистэлэҥнэрин сыыйа өйдөөһүҥҥэ, кинини бэйэ өйө-санаата, дууһата хайдах ылыммытын билгэлэнэн көрө үөрэнэригэр туһуланар. Ол түмүгэр үчүгэй айымньыттан оҕо үөрэрин, долгуйарын тэҥэ, ол үөрүүнү доҕотторун кытта сатаан үллэстэ, үөрүү төрүөтэ айымньы ситиһиититтэн тутулуктааҕын арааран өйдүү үөрэнэр.

       Уус-уран йымньыны ааҕан, оҕо геройдарын кытта тэҥҥэ үөрэн, киэн туттан эбэтэр хомойон, курутуйан, абаран, сиэр-майгы өйдөбүллэрин иҥэринэр. Оҕону бу сааһыгар быһылааннаах сырыылаах, эрэйи-моһолу кыайыылаахтык туоруур, үтүө дьулуурдаах, кэрэҕэ тардыһыылаах геройдар ордук умсугуталлар. Оҕолор аахпыт айымньыларын геройдара дьоҥҥо-сэргэҕэ, буола турар быһылааҥҥа, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа хайдах сыһыаннарын, тугу быһаарыналларын төрүөтүн  өйдүү, ырыта үөрэнэр. Онон хас биирдии тиэскэ бэриллэр айымньы оҕо киһи быһыытынан иитиллиитигэр улахан суолталаах.

        Итини таһынан оҕо суруйааччыны кытта билсэ үөрэнэр. Мин тиэс ыытарбар хайаан даҕаны бастаан кылгастык суруйааччы олоҕун, үлэтин сырдатабын, мэтириэтин көрдөрөбүн.

        Айымньыны ааҕарга ыарырҕатар түгэннэргэ төрөппүт көмөтө ирдэнэр. Кэлин бэлиэтээн көрөрбүнэн, төрөппүт ааҕыы бырайыагар эмиэ интэриэстээх. Сорох төрөппүт айымньы туһунан, эбэтэр ыарырҕатар түгэннэргэ ыйыталаһар, сүбэ көрдүүр. Оҕолор сылы быһа ыытыллар бырайыак күрэс буоларын өйдүүллэр, ол иһин бэриллибит сорудаҕы толорого кыһаллаллар, айымньыны болҕомтолоохтук ааҕан, үрдүк сыанабылы ыларга дьулуһаллар. Онон бу ааҕыы бырайыага кылаас биир санаанан салайтаран, хас биирдии оҕо кыһамньылаах, эппиэтинэстээх, толоругас буолар бастыҥ хаачыстыбаларын сайыннарар.

        Эрдэ кылаастарынан кэрийэн билиилэрин суругунан тургутан презентация көмөтүнэн уруоктары ыытар этим. Бу кэнники кэмҥэ ыарыы туран,  элбэх тиэһи Google сыһыарыынан оҥорор буоллум.  Олус көдьүүстээх, оҕо төһө сөпкө эппиэттээбитэ, ханна сыыспыта арылхайдык көстөр, бэрэбиэркэлииргэ олус түргэн. 

Түмүк

        Маннык кылаас таһынан ааҕыы бырайыагын үлэтин үчүгэй өрүттэрин, оҕону иитэр-үөрэтэр суолтатын бэлиэтээн ааһар тоҕоостаах.  Ол курдук:

  1. Оҕо айымньы аатыгар, ааптарыгар уонна жанрыгар олоҕуран ис хоһоонун сабаҕалыыр, өйдүүр, болҕомтолоохтук ааҕыы көрүҥүн баһылыыр.
  2. Уус-уран айымньы сүрүн санаатын быһаарар, суруйааччы аатын, дьоруойдары билэр, буолар быһыыны-майгыны өйүгэр ойуулаан көрөр, бэйэтин тус санаата сайдар.
  3. Истэр, саҥарар, ааҕар уонна кылгастык тиэкис формалаах ыйытыктарга хоруйдуу үөрэнэр.
  4. Дьиэ кэргэн сыһыана бөҕөргүүр, төрөппүт оҕотугар болҕомтото, ирдэбилэ үрдүүр.
  5. Оҕолор бибилэтиэкэҕэ сылдьаллара элбиир, саха тылынан кинигэҕэ интэриэс улаатар.
  6. Коллектив быһыытынан доҕордоһуу, өйөнсүү, бодоруһуу сайдар.

 

Айымньыларынан оҥоһуллубут тиэстэр

2        кылаас

1

“Төбөтө дуу, төрдө дуу?”  Британия остуоруйата. (“Бэйэ ааҕыыта”).

2

Тимофей   Егорович Сметанин  «Куоскалар уонна саһыл» (“Бэйэ ааҕыыта”)..

3

Суорун Омоллоон «Иҥсэлэриттэн иэдэйбиттэр» (“Бэйэ ааҕыыта”).

4

Суорун Омоллоон «Тымныы муоһа»  (“Бэйэ ааҕыыта”)

5

П.Н.Харитонов-Ойуку «Бурҕаллай» хоһоонунан  (“Бэйэ ааҕыыта”).

6

“Ыт бэйэтигэр хайдах доҕору көрдөөбүтэ”ненец остуоруйата (“Ыалынан ааҕыы”).

7

Иннокентий Сосин  «Ыт утуйа мээрик буолбута» (“Ыалынан ааҕыы”).

8

Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон. “Чиэһинэй быһыы” (“Ыалынан ааҕыы”).

9

Моисей Ефимов «Сэргэхчэй уонна Бэргэнчэй» (“Ыалынан ааҕыы”).

10

Егор Макаров «Кулунчук» (“Ыалынан ааҕыы”).

3 кылаас

1

Норуот остуоруйата  «Уустук үллэрии». (“Бэйэ ааҕыыта”).

2

“Саhыл, эhэ, киhи”, саха остуоруйата. (“Бэйэ ааҕыыта”).

3

Егор Макаров«Кырынаасалҕаһа» («Бэйэ.ааҕыыта»).

4

Софрон Данилов «Манчаары оҕо эрдэҕинээҕитэ» («Бэйэ.ааҕыыта»).

5

Михаил Заболоцкай «Ымыы уонна Чооруос»(“Ыалынан ааҕыы”).

6

Михаил Заболоцкай«Каратист»  (“Ыалынан ааҕыы”).

7

Николай Лугинов «Иэстэспит» кэпсээнинэн. («Ыалынан ааҕыы»).

4 кылаас

1

“Куһаҕан кусчаан” (Дания суруйааччыта Ганс Христиан Андерсен “Гадкий утенок” остуоруйатын тылбааһынан), (“Бэйэ ааҕыыта”).

2

Далан “Тыгын Дархан” (“Бэйэ ааҕыыта”).

3

Иван Николаев «Чаҕылхай олох» (“Бэйэ ааҕыыта”).

4

Николай Габышев “Өлүөскэ” (“Бэйэ ааҕыыта”).

5

Варвара Фёдорова  «Киhи тыла — ох» («Ыалынан ааҕыы»).

6

Реас Кулаковскай. Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор (олоҥхо-остуоруйа) (“Ыалынан ааҕыы”).

 

Бары ыйыллыбыт тиэстэргэ компьютернай презентация, ону таһынан нууччалыы тылбаас баар.

Тиэстэргэ сыылкалар

https://cloud.mail.ru/public/7ZhP/K28LNW4Kv

https://cloud.mail.ru/public/gfNb/yHKhiKhXH

https://cloud.mail.ru/public/5h2W/49e5p3Zmr

Тиэскэ холобур компьютернай презентация

https://cloud.mail.ru/public/NFMe/6bcHwQ8Kk

 

“Өбүгэ үгэһин утума” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэ – бэстибээл бырайыага

       Хаҥалас улууһугар 2010-2013 сыллар Духуобунас сылларынан биллэриллибиттэрэ. Ити үлэ чэрчитинэн И.М.Яковлев аатынан Покровскай бастакы нүөмэрдээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатыгар улуус администрациятын үбүлээһининэн “Өбүгэ үгэһин утума” диэн  бырайыак оҥоһуллан, региональнай-практическай кэмпириэнсийэ-бэстибээл 4 сылга биирдэ ыытыллан  кэллэ. 2014 сылтан үөрэх министиэристибэтиттэн көҥүл ыламмыт, кэмпириэнсийэ-бэстибээлбит   өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыытыллар буолбута.

       Бырайыак ааптардара Горохова Л.М. уонна  Федорова Т.Г., Покровскай бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталлара.

       Кэмпириэнсийэ-бэстибээл ыыттыллыбыт сыллара: ………………………………..

       Бырайыак сүрүн сыаллара-соруктара:

 

  1. Саха омук үйэлэргэ хаалларбыт үгэстэрин, ырыаларын-тойуктарын билиҥҥи көлүөнэ ыччакка салгыы тиэрдии.
  2. Оҕолор бэйэлэрин түөлбэлэригэр олорон ааспыт, олорор дьоннорун-сэргэлэрин хасыһан үөрэтэн, киэҥ эйгэҕэ таһааралларын ситиһии.
  3. Хас биирдии үөрэнээччи бэйэтин ылсыбыт үлэтин ырытан, суруйан үлэтин суолтатын дириҥник өйдөөн, сахабыт тыла, култуурата, духуобунаһа  сайдыытыгар бу үлэтэ олук буолуон сөптөөҕүн билии.
  4. Кэмпириэнсийэ-бэстибээлгэ талааннаах үөрэнээччилэри кытыннаран, салгыы дьоҕурдарын  сайыннарыы.
  5. Саҥа саҕахтары арыйан, аныгы технология ньымаларын туһанан, бырайыак кэҥээн иһэригэр үлэ хайысхатын кэҥэтии.

       Кэмпириэнсийэ — бэстибээл барыта алта сиэксийэнэн үлэлиир.

       Бастакы сиэксийэ – научнай — практическай кэмпириэнсийэ. Бу сиэксийэҕэ оскуола үөрэнээччилэрэ икки бөлөҕүнэн бэйэлэрин түөлбэлэрин олоҥхоһуттарын, оһуокайдьыттарын, хомусчуттарын, хомус уустарын туһунан үөрэтиилэрин, чинчийиилэрин, ырытыыларын, тус көрүүлэрин дакылаад суруйан көмүскүүллэр.

       Иккис сиэксийэ – хомус тардыыта.Хомуска биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн хомуска тардыы ньымаларын, сатабылларын, тута айан тардыы үөрүйэхтэрин көрдөрөллөр.

       Үһүс сиэксийэ – олоҥхо. Олоҕурбут ньыманан олоҥхону толоруу ирдэнэр. Олоҥхоһут оҕо уус-уран ааҕыыны ааҕан, тыл дэгэтин билэн, суолтатын өйдөөн, тохтор тойугунан олоҥхо дьоруойдарын араастаан уларытан  этэрэ-тыынара  биһирэнэр.

       Төрдүс сиэксийэ – оһуокай. Үөрэнээччи бэриллибит тиэмэлэринэн тута хоһуйан оһуокайы этиэхтээх, оһуокай үйэлээх үгэстэрин толоруу маастарыстыбатын тутуһуохтаах. Дьиэрэтэн саҕалаан, оһуокай сүрүн чааһыгар (хаамыы оһуокай) көтүтүүтэ, уоскутан түмүктээһинэ буолар.

       Бэһис сиэксийэ – хабылык уонна хаамыска. Манна кыттааччылары саастарынан бөлөххө арааран, сэрэбиэй тардыытынан   күрэхтэһии быраабылатын тутуһуннаран, түһүмэхтэринэн анал судьуйалар оонньотоллор.

       Алтыс сиэксийэ – маастар кылаастар. Учууталлар, иитээччилэр, уһуйааччылар норуот тылынан уус-уран айымньытын үөрэтии үөрүйэхтэрин, ньымаларын, сатабылларын, бэйэлэрин уопуттарын,  үлэлэрин билиһиннэрэллэр. Бу сиэксийэ үгүс өрөспүүбүлүкэ учууталларын сэҥээриитин ылла.

      Маннык улахан тэрээһин чиҥ тирэхтээх, сүбэлиир уонна сүбэлэтэр дьонноох буоллаҕына үрдүк таһымнаахтык барар уонна кэҥиир. Бастаан кэмпириэнсийэбитин саҕалаан ыытарбытыгар ХИФУ профессора И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан, оччотооҕу кэмҥэ култуура уонна духуобунас салаатын салайааччыта Скрябина Н.Д., улуус дьокутааттарын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Протодьяконов Б.Н. күүс-көмө, сүбэ-ама  буолбуттара Тэрээһиммитин саҕаланыаҕыттан баччааҥҥа диэри оскуолабыт дириэктэрэ Шишигин С.С., научнай үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Олесова З.С.салайан кэллилэр

       Биһиги кэмпириэнсийэ – бэстибээлбитигэр дьүүллүүр сүбэҕэ улахан учуонайдары ыҥыран үлэлэтэбит, ол курдук, Саха өрөспүүбүлүкэтин наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, психология наукатын кандидата, социология наукатын доктора, профессор У.А.Винокурова, Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала,  педагогика наукатын кандидата, оскуолаҕа олоҥхону үөрэтиини көҕүлээччи уонна үгүс кинигэ ааптара Е.П.Чехордуна, филологическай наука кандидата Багдарыын Ньургун — Сүлбэ уола  уо.д.а.

Бу үлэбит түмүгүнэн бииргэ үлэлиир биир идэлээхпин Федорова Т.Г. кытары икки хомуруунньугу бэчээттэтэн таһаардыбыт, хомуруунньуктарга кэмпириэнсийэ -бэстибээлбитигэр ситиһиилээхтик кыттыбыт оҕолор, учууталлар үлэлэрин хомуйан, сааһылаан киллэрбиппит. Бу ыытар тэрээһиммитигэр Сахабыт сирин араас улуустарыттан, ол курдук, Дьааҥы, Кэбээйи, Орто Халыма, Ньурба, Бүлүү, Горнай, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас, Амма улуустарыттан кэлэн кыттыыны ылаллар. Оҕолор билиилэрэ-көрүүлэрэ элбэҕэ, бэйэлэрин омуктарынан киэн туттуулара, олоххо тардыһыылара күүстээҕэ сөхтөрөр. Төрөөбүт дойдуларыгар, норуоттарыгар бэриниилээх буола улааталларыгар «Өбүгэ үгэһин утума ”кэмпириэнсийэ — бэстибээл тирэх буолар. Бу тэрээһин – биһиги, сахалар, омук быһыытынан тыыннаах хаалан, сайдан, бэйэбит култууралаах, үтүө үгэстэрдээх, тыллаах-өстөөх норуот буолан атын омуктардыын сомоҕолоһуубут бэлиэтэ.

Л.М.Горохова, И.М.Яковлев аатынан Покровскай бастакы нүөмэрдээх орто  оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала

 

Система мотивации как средство повышения результативности образовательного процесса

 Учение, лишенное всякого интереса и взятое только силой принуждения, убивает в ученике охоту к овладению знаниями. Приохотить ребенка к учению — гораздо более достойная задача, чем приневолить.  

                                                                                                                           К.Д. Ушинский

        Любая деятельность протекает более эффективно и дает качественные результаты, если при этом у личности имеются сильные, яркие мотивы, вызывающие желание действовать активно, с полной отдачей сил, настойчиво продвигаться к намеченной цели,  преодолевая неизбежные затруднения. Отсутствие мотивации часто ведет к стойкой пассивности личности.

        Одна из основных проблем современной педагогики – отсутствие желания и интереса детей учиться, получать знания. Школьные успехи и неудачи – это не показатель исключительно умственного развития и способностей школьника, скорее, это сумма знаний, умений, навыков и желания учиться. Ребенку, не заинтересованному в обучении, очень сложно получить знания и суметь их применить на практике.

        Как в такой ситуации сформировать мотивацию к обучению у школьника, которому скучно учиться?  

        Одним из действенных факторов повышения мотивации школьников к учению является система работы по повышению стимулирования (поощрения) обучающихся.

        В Покровской СОШ с УИОП им. И.М. Яковлева сложилась своя система мотивационной работы, состоящая  из различных компонентов. Первый компонент данной системы – это тренинги по повышению мотивации, индивидуальные беседы, родительские лектории, диагностика и мониторинг. Для обучающихся, нуждающихся в поддержке, проводятся дополнительные занятия, в случае необходимости прикрепляются наставники.

        Следующий компонент мотивационной системы – традиционные мероприятия, направленные на поощрение обучающихся за высокие достижения в учебе, предметных олимпиадах, научно-исследовательской деятельности.

        Так, в школе ежегодно проводится «Слет отличников и хорошистов», на котором коллектив в торжественной обстановке чествует лучших учащихся – гордость школы. Не менее значимо мероприятие «Звезды зажигаются в школе», на котором отмечаются учащиеся, имеющие успехи в системе дополнительного образования: победители и призеры творческих конкурсов и фестивалей, интеллектуальных состязаний, чемпионатов «Молодые профессионалы», активистов детского и волонтерского движения и др.

        «Бал чемпионов» – это праздник успешных спортсменов, на котором чествуются победители и призеры спортивных соревнований различных уровней.

        На празднике Последнего звонка отмечаются наиболее отличившиеся выпускники школы: им вручаются Благодарственные письма Хангаласского РУО, Главы улуса, Главы города, районного совета депутатов. Народный депутат Госсобрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия), меценат школы, генеральный директор ОАО ПО «Якутцемент» Алиш Забид-оглы Мамедов с 2007 года ежегодно на Последнем звонке вручает денежные премии лучшим выпускникам школы.

        В конце учебного года традиционно каждый педагог-предметник награждает лучшего по своему предмету ученика. Кроме того, в школе учреждена номинация «Лучший ученик кафедры», которого выбирают все учителя предметной кафедры и вручают награду наиболее отличившемуся ученику – именной сертификат кафедры.

        С 2007 года ежегодно вручается премия победителю предметной олимпиады по якутскому языку, учрежденная родными И.Н.Рожина, Заслуженного учителя школы РСФСР, отличника народного просвещения РФ, участника ВОВ, работавшего в Покровской школе учителем якутского языка и литературы. Лучшему выпускнику начального звена с 2009 г. ежегодно вручается премия от имени Екатерины Ивановны и Семена Николаевича Анисимовых, основателей известной педагогической династии, ветеранов тыла и педагогического труда, учрежденная молодыми представителями династии.  

        В последние годы также стало практиковаться вручение именных премий классными руководителями – выпускникам, отличившимся в учебе и в общественно-полезных делах.

       Еще один важный компонент системы мотивации – семейные мероприятия, направленные на усиление взаимодействия школы и родителей, активизацию участия родителей в образовательно-воспитательном процессе. Так, в начальных классах существует традиция: по результатам мониторинга активности детей и родителей вручается престижная номинация – «Лучшая семья».

        Одним из традиционных форматов сотрудничества школы и семьи является лично — командное первенство по якутским настольным играм хабылык и хаамыска на призы директора школы С.С.Шишигина. Состав команд — участников: классный руководитель, родители, двое мальчиков и две девочки. Такие креативные совместные мероприятия школы и семьи, безусловно, благоприятно сказываются на детях: у них формируются чувство гордости за своих родителей, настойчивость в достижении цели, активность и решительность в преодолении трудностей; стремление к улучшению своих образовательных результатов.

        Существует в школе и система мотивации педагогов, инициированная профсоюзным комитетом школы. Победителям и призерам профессиональных конкурсов профком вручает памятные сувениры. В Год Педагога и Наставника победителям и номинантам муниципального этапа конкурса «Я и мой наставник» были вручены именные премии учителей-ветеранов, отмеченных высокими ведомственными наградами и званиями, в знак признания профессиональных достижений коллег.

        В последние годы директор школы С.С.Шишигин в День Учителя лично от себя вручает нагрудные знаки признания и благодарности лучшим педагогам школы: учителю — предметнику, классному руководителю и педагогу дополнительного образования.

        В связи с празднованием 120-летия со дня открытия школы решением общего собрания коллектива был учрежден нагрудный знак «За вклад в развитие Покровской СОШ № 1», который вручается педагогам за многолетний и плодотворный труд в школе, а также родителям, выпускникам и представителям общественности – за активное сотрудничество со школой, обучающимся – за достижения на уровне республики и за ее пределами, содействующие повышению престижа Покровской СОШ № 1.

        Таким образом, администрация и педагогический коллектив МБОУ «Покровская СОШ № 1 с УИОП им. И.М.Яковлева» стремятся создать образовательное пространство школы, насыщенное стимулирующими факторами для обучающихся и педагогов, при которых повышается мотивация к учению и успешной педагогической деятельности, к улучшению результативности образовательного процесса в целом.   

 

                                                       С.Е.Корякин, педагог-психолог, советник директора           

                                                    Покровской СОШ № 1 по воспитательной работе

 

«Эркин»– аҕа сүбэтэ» (Совет отцов) как форма вовлечения родителей в образовательно — воспитательный процесс

Автор проекта — Корякин Семен Егорович,  педагог-психолог,  зам председателя Совета отцов МБОУ “Покровская СОШ № 1 с УИОП им. И.М. Яковлева; соавтор – Дьячковский Василий Егорович, председатель Совета отцов «Эркин».


            Теоретическое обоснование проекта

      

       За последние годы в социальной жизни общества произошли значительные изменения, связанные с пересмотром прежней системы образования, возникновением принципиально нового феномена: действующих институтов гражданского соучастия в выработке и осуществлении образовательной политики. При этом ведущим социальным институтом формирования и развития личности, утверждения социально значимых ценностей и установок, социализации подрастающих поколений была и остается семья.

       Особую актуальность в наше время глобальной цивилизации приобретает проблема усиления роли отцов в воспитании детей. Сегодня ученые и публицисты повсюду констатируют рост безотцовщины, частое отсутствие отца в семье; незначительность и бедность отцовских контактов с детьми по сравнению с материнскими. Между тем особенности  формирования у подрастающего поколения, в первую очередь, у мальчиков и юношей,  здорового патриотизма, лидерских качеств, общественно одобряемых моделей поведения, активной жизненной позиции требуют активизации роли отцов. Именно отец должен выступать моральной силой, «высшим судом», главой семьи.  Недаром слово «отечество» происходит от слова «отец». Дети должны осознавать значимость роли отца в семье, школе, социуме.

       В этой ситуации педагогическому коллективу школы предоставляется возможность при содействии отцов и при участии государственных структур организовать совместную деятельность для достижения эффективности воспитательного процесса.  В этом и  заключается   педагогическая целесообразность создания сообщества отцов, способного ответить вызовам времени, готового взять на себя ответственность за решение вопросов воспитания детей, формирования крепких супружеских отношениях в браке.

       Отцы учащихся Покровской СОШ № 1 им. И.М. Яковлева в преобладающем большинстве  обладают мощным потенциалом: интеллектом, социальной активностью, трудолюбием, способностью к воспитанию детей. Однако эти ресурсы использовались до определенного времени  крайне слабо. В связи с этим назрела необходимость создания проекта, направленного на формирование эффективной системы взаимодействия школы и родителей, вовлечение и максимальное использование потенциала отцов в образовательно-воспитательном процессе.  Проекта, отличительной чертой которого является направленность на открытое свободное взаимодействие школы с родителями, предусматривающее выполнение принятых обязательств обеими сторонами. Такая стратегия является важным фактором позитивного сотрудничества всех субъектов образовательных отношений, создания системы обратной связи с семьей, в конечном счете — повышения качества образовательной деятельности в целом.

 

Цель проекта: создание активного родительского сообщества отцов, ориентированного на конструктивные формы участия родителей в образовании и воспитании своих детей и  готового транслировать собственные идеи и инициативы далее в родительскую общественность.

Задачи проекта:

— создание условий для активного сотрудничества семей со школой, деятельного участия родителей, прежде всего, отцов в образовательно-воспитательном процессе;

— оказание помощи семьям в проявлении собственных инициатив в совместной деятельности;

— формирование актива родителей, обладающих необходимыми компетенциями в образовании и воспитании детей;  

— организация медиа-поддержки проекта, развитие информационного сопровождения     различных форм совместной работы школы и родительского актива; 

— подключение партнеров проекта к организации родительского просвещения; 

— содействие формированию позитивного отношения родителей и учащихся к школе;

—  реализация совместных инициатив и проектов школы и родителей.

       Участники проекта: родители или законные представители обучающихся, учащиеся школы, администрация школы, педагоги, педагог-психолог, социальный педагог, классные руководители, библиотекарь, медицинский работник, социальные партнеры: представители правоохранительных органов,…………..

 

       Ожидаемый конечный результат проекта: обобщение и распространение опыта работы Совета отцов «Эркин» – аҕа сүбэтэ”; издание методического сборника.

 

Краткое содержание работы, проведенной в рамках реализации проекта

       На данном этапе сформирован актив родителей – Совет отцов, обладающих необходимыми компетенциями в образовании и воспитании детей, действующий  на основе Положения о «Совете отцов «Эркин» МБОУ «Покровская СОШ №1 с УИОП им. И.М. Яковлева» Совет отцов создан  на добровольных началах сроком на 1 год, его состав  утвержден Советом родителей школы. В состав Совета отцов  входят председатель, его заместитель, секретарь и члены Совета – всего 30 человек: по 1 родителю от каждого класса.  Председателем Совета отцов на 2022-2023 уч. год избран Дьячковский Василий Егорович. Составлен план работы Совета отцов.  

       Направления работы Совета отцов: содействие в патриотическом воспитании учащихся; участие в работе школы по ранней профориентации, психолого-педагогическому просвещению родителей, профилактике правонарушений среди несовершеннолетних, по формированию у обучающихся ЗОЖ, бережного отношения к родному городу, школе и т.д.

       Формы работы Совета отцов:

 —     акции «Собери ребенка в школу», «Три картошки», «Цветущая школа», «Елка Добра»,    

       «Ветеран живет рядом» и др.;

—          организация работы родительского патруля;

—          организация конкурса отцов и детей «Папа и Я»;

—          родительские собрания;

—          тематические классные часы;

—          круглые столы, конференции, дискуссии;

—          участие в волонтерском движении школы;

—          участие в реализации школьных проектов: «Старший-младшему», «Читающая семья», «Семейная математическая олимпиада» и др.;

—          участие в организации традиционного школьного национального праздника «Ысыах»;

—          участие в проведении военизированной эстафеты;

—          судейство на спортивных мероприятиях;

—          участие в традиционных соревнованиях учащихся и родителей по национальным играм

            «Хабылык», «Хаамыска» на кубок директора школы С.С. Шишигина;

      —     реализация проекта ранней профориентации «Профессии наших родителей»;

      —     организация субботников на Набережной города Покровска.

       Кроме того, члены Совета отцов ежегодно помогают в оформлении школьного двора к Новому году; в прошедшем учебном году совместно с НП «Ленские столбы» организовали конкурс поделок,  на котором отцы со своими детьми подготовили и продемонстрировали  свои творческие работы. Также отцы сыграли очень большую роль в строительстве школьного сквера, ставшего достойным украшением города Покровска и одним из брендов школы.

       Что касается тех сторон деятельности Совета отцов «Эркин», которые требуют усиления, то это — активное привлечение родителей к использованию электронных ресурсов как средства поддержки связи с педагогами, специалистами, администрацией школы и получения оперативной информации о достижениях ребенка и возникающих проблемах.

  

                                                Результативность проекта

        

      Реализация проекта «Эркин» аҕа сүбэтэ» (Совет отцов) как форма вовлечения родителей в образовательно — воспитательный процесс» дала возможность продуктивно организовать сотрудничество школы и родителей, сделать их союзниками в воспитании детей, повысить эффективность  воспитательного процесса в целом. Можно отметить следующие положительные изменения, касающиеся взаимодействия школы и родителей:

  • увеличились показатели родительского участия в образовательно- воспитательном процессе, в решении многих школьных повседневных проблем;
  • существенно изменилась позиция некоторых семей по отношению к школе;
  • улучшился микроклимат в школе;
  • улучшилась культура общения взрослых и детей.

       На протяжении нескольких лет в школе периодически проводится мониторинг родительской удовлетворенности качеством образовательной деятельности  школы. Результаты мониторинга доводятся до педагогического коллектива, обсуждаются на педсоветах, служат основанием для разработки дальнейших действий коллектива по достижению качества образования, соответствующего вызовам времени. Мониторинг проводится в форме анкетного опроса родителей.

       В таблице представлены результаты мониторинга, проведенного в 2 этапа: 1 этап – 15.10.2022-15.11.2022 г.; 2 этап — 15.03.2023 – 15.04.2023 г.

 

                                                                                С.Е.Корякин,  педагог-психолог МБОУ  

                                                                                “Покровская СОШ № 1 с УИОП

                                                                                 им. И.М. Яковлева”

 

 

 

 

В целом наблюдается положительная динамика – родители удовлетворены качеством предоставления образовательных услуг, организацией педагогической, внеурочной и внеклассной  деятельности в школе, организацией медицинского обслуживания, коррекционной и реабилитационной помощи детям со стороны социально-психологической службы школы.

 

Заключение

 

       Реализация проекта «Совет отцов «Эркин» дала возможность продуктивно организовать сотрудничество школы и родителей, сделать их союзниками в деле воспитания детей, повысить эффективность образовательного процесса в целом. Совместные добрые дела отцов и детей объединяют всех участников образовательного процесса в устремлении к единой цели — воспитать достойных граждан своей страны в наше сложное время.

       Школьные годы – важнейший период человеческой жизни, яркая, самобытная, неповторимая жизнь. И школа, и родители призваны  сделать эту жизнь счастливой.