Саха — айылҕа оҕото
25 № -дээх “Туллукчаан” уһуйаан экологическай хайысхалаах үлэтин уопутуттан
Саха киһитэ былыр-былыргыттан айылҕаны кытта быстыспат сибээстээх буолан, айылҕаны олус үрдүктүк тутар, харыстыыр. Ол инниттэн оҕоҕо сири, тулалыыр эйгэни таптыахтааҕын, харыстыахтааҕын туһунан ѳйдѳбүллэр бэрт кыра эрдэҕиттэн иҥэриллэр.
Билиҥҥи кэмҥэ айылҕаны харыстааһын проблематыгар саҥа кѳрүүлэр, саҥа арыйыылар таҕыстылар. Ол курдук, билигин бу кыһалҕаны саҥа таһымҥа таһаарыы үлэтэ барар. Аҕыйах сыллааҕыта айылҕаны харыстааһын кыһалҕалара педагогическай наукаҕа уонна практикаҕа сытыытык киирбит буоллахтарына, кэлиҥҥи сылларга бу боппуруос балачча сыппаата. Экологическай катастрофа сытыырхайан турар кэмигэр эдэр кѳлүѳнэни бу боппуруоска иитии үлэтэ сыппаата.
БиҺиги дойдубутугар – Самыртай хочотугар – элбэх кэрэ бэлиэ, ытык сирдэр бааллар. Ол курдук Кыһыл сыыр, Туруук хайа, Күрүлүүр, Булуус диэн кэрэ сирдэри республикаҕа, оннооҕор тас да дойдуга элбэх киһи билэр, ыалдьыттаан, кѳрѳн-истэн, дуоһуйа сынньанан ааһар. Ол эрэн кэлиҥҥи кэмҥэ киһи хомойуох сорох сирдэрбитин харыстаабакка киртитэн, тэпсэн, аймаан ааһар буоллулар. Аны аҕыйах сылынан бу сиргэ киһи киириэн да куттаныа, кэнчээри ыччаппытыгар туох да хаалыа суоҕа диэн дьиксинэбит. Ол да буоллар, биһиги үксүгэр киһи айылҕа сорҕото буолар, айылҕата суох киһи суох диэн ѳйдѳбүлү оҕоҕо кыайан тиэрдибэппит.
Онон кэрэ айылҕабытын, ытык сирдэрбитин харыстыыр туһугар кэнчээри ыччаты кыра эрдэҕиттэн тѳрѳѳбүт дойдутун таптыыр, кэрэни кэрэхсиир, сэҥээрэр, астынар, ытык сирдэрин ытыктыыр, ѳбүгэ үгэһин тутуһар, саха буоларынан киэн туттар, чѳл туруктаах, киэҥи-ырааҕы толкуйдуур киһи быһыытынан иитиэххэ диэн санаанан кынаттанан, биҺиги, «Туллукчаан» оҕо саадын кэллэктиибэ, ѳр сылларга үлэлээн кэллибит.
Оскуолаҕа киириэн иннээҕи саастаах оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии биир сүрүн сыала-соруга — тѳрѳѳбүт айылҕаҕа тапталы иҥэрии, айылҕаны харыстыырга уһуйуу.
Иитэр үлэҕэ сүрүн болҕомто оҕоҕо «айылҕаны кытта биир ситимнээхпин» диэн ѳйдѳбүлү, санааны иҥэрэргэ ууруллуохтаах. Айылҕаны харыстааһын, аныгы сайдыылаах үйэҕэ айылҕа сатарыйыытын тохтотуу абстрактнай эрэ ѳйдѳбүлүнэн хаалбатын туҺугар оҕоҕо боростуой, ол гынан баран улахан дьайыылаах: «Киһи – айылҕа сорҕото, онон биһиги олоҕу таптыырбыт курдук, тѳрѳѳбүт айылҕабытын эмиэ таптыахтаахпыт, харыстыахтаахпыт» – диэн ѳйдѳбүлү иҥэриэхтээхпит.
Тѳрүт иитии ньымаларын тутуһан уонна аныгы үйэ ирдэбилигэр эппиэттиир сана ньымалары киллэрэн, “Саха – айылҕа оҕото” диэн Программа оҥорон, 2021 сыл балаҕан ыйыттан улэлээн саҕалаабыппыт. Программабыт Н.А.Рыжова «Наш дом – природа» уонна «Тосхол» региональнай программаларга олоҕуран оҥоһулубута.
Кыра оҕо кѳрѳн-истэн, тутан-хабан оҥордоҕуна ѳйүгэр ордук тиийимтиэлээҕин учуоттаан, сүрүн болҕомтобутун кэтээн кѳрүү, чинчийии, кыра эксперименнары оҥоруу уонна оҕо айылҕаҕа сыһыаннаах тугу эмит бэйэтэ оҥорон таһаарарыгар үѳрэтии ньымаларыгар уурабыт.
Айылҕаны харыстыырга үѳрэтиигэ саамай туһалаах ньыманан тутулу араастаан уларытыы (моделирование) буолар. Бу оскуолаҕа киириэн саастаах оҕо билэр-кѳрѳр кыаҕын уратыта буолар. Маннык сыһыан оҕо тулалыыр эйгэҕэ туох барыта бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээҕин, тутулуктааҕын ѳйдүүрүгэр улахан олук буолар. Моделирование ньымата оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолорго тоҕоостооҕун психологтар А.В. Запорожец, Л.А.Венгер, Д.Б. Эльконин этэн тураллар. Моделирование ньыматын сүрүн тутула солбуйуу принцибэ буолар: кыра оҕо биир эттиги, схеманы атынынан солбуйан билсэр, оонньуур, туһанар.
Программабыт сүрүн сыала: киһи айылҕа сорҕото диэн ѳйдѳбүлүнэн оҕону дойдутун биир кэлимник кѳрѳрүгэр, ылынарыгар, тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаннаах буола улаатарыгар бастакы олуктары ууруу.
Программабыт соруктара:
— оҕоҕо экология бастакы ѳйдѳбүллэрин тиэрдии;.
— айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун билиһиннэрии. Сэрэхтээх буоларга үѳрэтии;
— оҕо саҥарар саҥатын, ѳйдѳѳн кѳрѳр, чинчийэр дьоҕурун сайыннарыы;
— оҕо диалектическай ѳйүн сайыннарыы, ол эбэтэр тулалыыр эйгэҕэ туох барыта бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээҕин, бэйэ-бэйэтиттэн тутулуктааҕын туһунан ѳйдѳтүү;
— тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа уонна бэйэҕэ харыстабыллаах, эппиэтинэстээх сыһыаны үѳскэтэргэ оҕо сайдар эйгэтин тэрийии;
— тѳрѳѳбүт дойдуннан киэн туттарга уһуйуу эйгэтигэр тѳрѳппүттэри кытта бииргэ үлэлээһин.
Үлэбит ыытыллар хайысхалара:
— оҕо билэр-кѳрѳр дьоҕурун сайыннарыы (чинчийиилэр, кыра эксперименнар, бырайыактар);
— оҕо тылын-ѳһүн сайыннарыы (айылҕа туһунан хоһооннор, кэпсээннэр, айыылар);
— оҕо кэрэни ѳйдүүр дьоҕурун сайыннарыы (айылҕа туҺунан музыка, ырыа, уруһуй, айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар);
— оҕо этин-сиинин сайыннарыы (күүлэйдээһин, сыаллаах экскурсиялар, хамсаныылаах оонньуулар);
— оҕо айылҕаҕа сылдьар-алтыһар дьоҕурун сайыннарыы (айылҕаҕа сылдьыы сиэрэ-туома, кыра сорудаҕы, үлэни толоруу).
Федеральнай государственнай үѳрэх стандардын ирдэбилигэр сѳп тубэһиннэрэн, бу программа куннээҕи олох режимыгар киирэн биэрэр. Оҕолор тулалыыр эйгэни киртитии туһунан билсэллэр уонна кѳҥүл бириэмэлэригэр чинчийэн, ырытан кѳрѳн тулалыыр эйгэни харыстыырга үѳрэнэллэр.
Дьиэ кэргэни кытта үлэ
Оҕо от-мас, кѳтѳр-сүүрэр хайдах үѳскүүрүн, үүнэрин, сайдарын туһунан уонна айылҕаны харыстааһын туһунан ѳйдѳбүллэри улахан дьонтон, тѳрѳппүттэриттэн ылбыт билиититтэн, кинилэр кѳрдѳрѳр холобурдарын кѳрѳрүттэн ылар. Ити барыта кини сиэр-майгы ѳттүнэн сайдарыгар улахан суолталаах.
Уһуйаан дьиэ кэргэни кытта биир ситимнээхтик үлэлээтэҕинэ эрэ, дьиҥ чахчы тѳрѳѳбүт дойдутун туһугар долгуйар, харыстыыр, сүүрэр-кѳтѳр киһини иитэн таһаарыахха сѳп. Онон үлэбитин дьиэ кэргэни кытта ыкса ситимнээхтик ыытабыт.
Тѳрѳппүтү кытта үлэ сүрүн сыаллара:
— оҕо дьиэ кэргэн айылҕаны, тулалыыр эйгэни харыстааһын туһунан билиитин кэҥэтии;
— ону олоххо киллэрэр туһугар дьулуһуу;
— тѳрѳппүттэр оҕолоругар айылҕаҕа сыһыан үтүѳ холобура буолалларын ситиһии.
БиҺиги дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ үгэс буолбут уонна саҥа ньымалары тэҥҥэ туттан үлэлиибит. Ол курдук, ыйытыктары, анкеталары ыытабыт, тѳрѳппүт мунньахтарын саҥа кѳрүҥнэринэн ыытабыт (экологияҕа сыһыаннаах ток-шоу, дьыалабай оонньуу), дьиэ кэргэн уруһуйдарын, плакаттарын, оҥоһуктарын быыстапкаларын, араас темаларга иһитиннэриилэри, консультациялары ыытабыт. Дьиэ кэргэни кытта мас уонна сибэкки олордооһунугар, тэлгэһэни киэргэтээһиҥҥэ, чыычаах уйаларын оҥорон ыйааһыҥҥа, айылҕаны харыстааһыҥҥа аналлаах акциялары тэрийэбит.
Сыл устатыгар оҕо тѳрѳѳбүт дойдутун айылҕатын, сирин-уотун, отун-маһын кытта билсэр. Тыынар тыыннаах, хамсыыр-харамай уонна киһи – айылҕа оҕолоро буолалларын быһыытынан, – биһиги бары айылҕаны кытта быстыспат сибээстээхпит, кини дьайыытыттан тутулуктаахпыт диэн ѳйдѳбүлү иҥэринэр. Ол иһин айылҕаны харыстыахтаахпыт, кѳрүѳхтээхпит-харайыахтаахпыт, бүѳбэйдиэхтээхпит, таптыахтаахпыт, киниэхэ сүгүрүйүѳхтээхпит диэн бигэтик ѳйдүүр. Айылҕаҕа сыһыан сокуоннарын, быраабылаларын, сиэрин-туомун билэр, тутуһар буолар.
Онон «“Саха – айылҕа оҕото” диэн программа туһалаах уонна ситиһиилээх диэн санаанан кынаттанан, үлэбитин салҕыыбыт, кэҥэтэбит, дириҥэтэбит.
А.Н.Леонтьева, иитээччи,
К.М.Лебедева, иитээччи