Кэнчээри хомусчуттара

 

31 нүөмэрдээх “Кэнчээри” уһуйаан уопутуттан

 

        Саха оҕото аныгы кэмҥэ сахалыы дорҕооннору чуолкайдык саӊарбат, саныыр санаатын сөпкө сааһылаан төрөөбүт ийэ тылынан кэпсээбэт түгэнэ элбээтэ. Ити кыհалҕаны быһаарарга оҕо саҥарар аппаратын, тыынар уорганнарын, дорҕооннору сөпкө истэр дьоҕурун сайыннарыыга ситимнээх үлэҕэ улахан болҕомто ууруллуохтаах.      

        Итиннэ олоҕуран мин 31 нүөмэрдээх “Кэнчээри” уһуйаан иһинэн “Кэнчээри хомусчуттара” диэн чөмчүүк саастаах оҕолору хомуска уһуйуу куруһуогун 2004 сылтан салайан ыытабын. Хомус – уус киһи иэйбит санаата иҥэн, Үрдүк Айыылар ыйаахтарынан, норуокка улахан өҥөлөөх күүс түмүллүбүт тэрилэ буолар. Хомус алыптаах тыаһын кытта  иэйиилээх күүс тэҥҥэ холбостохторуна, киhи ис туругар үтүө санаа, эрэл, бөҕөх турук кыыма күөдьүйэр.

Үлэ теоретическэй олоҕо

        Оҕо айар – тутар, ыллыыр – туойар, хомуска дьүhүйэр дьикти кэрэ кэмэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи чөмчүүк сааhа буолар. Бу кэми мүччү туппакка, оҕо саамай баҕаран уран дьарыктанар кэмигэр уhуйуохха, үөрэтиэххэ наада. Хомус тыаhа ыраастыыр, эмтиир айылгылаах. Оҕолор хомуhу сөпкө тутан тыына үөрэннэхтэринэ, тыынар органнара сайдар, тыҥаларын үлэтэ тупсар. Маны таhынан, хомус оҕо дууhатын сылаанньытар дьикти абылаҥнаах. Сахалар хомустыаhынан былыр — былыргыттан эмтэнэллэр.

Үлэ тоҕооհо

        Ытыс ымыыта буолбут кыракый хомуспут нөҥүө оҕо бары өттүнэн сайдар:

— оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдар;

— хомус кэрэтыаhа оҕо уйулҕатын уhугуннарар;

— оҕо айар, өйүгэр оҥорон көрөр толкуйа сайдар;

— тарбахтарын бытархай былчыҥнара сайдаллар;

— оҕо улаханкиhи саҥатын болҕойон истэ үөрэнэр;

— оҕо тыынар органнарын үлэтэ тупсар;

— оҕо доруобуйата тупсар.

Үлэ туհаайыыта

        Бу үлэм оҕолору хомуска уһуйар баҕалаах иитээччилэргэ уонна төрөппүттэргэ аналлаах.

        Үлэм сыала: оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору ѳбүгэбит тѳрүт музыкальнай инструменыгар – хомуска – оонньуурга уhуйуу.

        Үлэм соруктара:

  • оҕоҕо хомус туһунан өйдөбүлү биэрии;
  • сахалыы музыкальнай инструменнары кытта билиһиннирии;
  • хомус уустарын тустарынан информацияны тиэрдии;
  • айылҕа уhуктуутун, көтөр — сүүрэр саҥатын өйдөөн истэргэ үөрэтии;
  • хомуска оонньуу араас ньымаларын кытта билиһиннэрии;
  • оҕо истэр дьоҕурун, тыынар органнарын сайыннарыы, доруобуйатын тупсарыы;
  • оҕону кыра сааһыттан төрөөбүт тылыгар, төрөөбүт дойдутугар, саха норуотун култууратыгар тапталы иитии;
  • айылҕаҕа чугас буоларга такайыы.

Куруһуок үлэтин сүрүн хайысхалара

  • Хомус уустара
  • Хомус анала
  • Хомус тутула
  • Хомуска охсуу ньымалара
  • Хомусотерапия (хомус алыптаах тыаհынан ыраастаныы, уоскуйуу)
  • Алгыс
  • Норуот ырыалара
  • Тойук

“Өбүгэ ситимэ” куруһуок үлэтэ

        Чөмчүүк саастаах оҕолору хомуска уһуйарга оҕо бэйэтин баҕа санаатыттан ылынара улахан суолталаах.  Баҕалаах оҕо чэпчэкитик үөрэнэр. Бу тугэни мүлчү туппат сыалтан оҕону маҥнайгы күнтэн ылата үчүгэй тыастаах, сөпкө оҥоһуллубут маастар хомуһугар үөрэтэр ордук. Онно төрөппүттэр утары баран көмөлөһөллөрө улахан суолталаах.

        Быйылгы үөрэх сылыгар куруһуокка 4-6 саастаах 14 оҕо сылдьар. Дьарыктарга оҕолор саха хомуһун аналын уонна тыаһатар ньымаларын кытта билсэллэр, хомуска оонньуурга үөрэнэллэр.

        Дьарыкпыт нэдиэлэҕэ иккитэ ыытыллар. Манна оҕолор сөпкө тыына, ыллыы, сахалыы саҥара, алгыс тылын этэ, хомуска оонньуу үөрэнэллэр, хомус арааһын, хомус уустарын кытта билсэллэр. Маны барытын оҕолор саастарыгар сөп түбэһиннэрэн, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго “Чөмчүүк саастаах оҕолору хомуска уһуйуу” – диэн анал үлэм тосхолун оҥостон дьарыктыыбын.

        Хас биирдии саха оҕото төрүүрүгэр айылҕаттан иһигэр кылыһахтаах уонна айдарыылаах буолар эбит, ол миигин сөхтөрөр уонна үөрдэр.  

        Маҥнайгы көрсүһүүбүтүгэр оҕолорго сахалар былыргы музыкальнай инструменнарын – хомус – туһунан бастакы өйдөбүлү биэрэбин, хомуһу көрдөрөбүн, хомус тыаhын оонньоон иһитиннэрэбин, хомуска охсор ньымалар тустарынан сиһилии кэпсиибин.

        Онтон кэлэр дьарыктарга хомус туохтан турарын кэпсиибин, көрдөрөбүн: хомус сирэйдээх, сыҥаахтаах. чыычаахтаах, тыллаах диэн өйдөбүлү үөскэтэбин, хомус тутулун көрдөрөр араас уруhуйдары быhааран биэрэбин. Төрөппүттэргэ хомус туhунан бэсиэдэ ыытабын.

         Салгыы былаан быhыытынан дьарыктар салҕанан бараллар. Хомус араастарын кытары билиhиннэрии ыытыллар (биhилэхтээх хомус, оhуор хомус, мас, муос хомустар, 2 тыллаах, 3 тыллаах хомустар тустарынан). Онно хомус араас уруhуйдарын көрдөрөбүн, аудиозапись иhитиннэрэбин, хомустары уруhуйдатабын, араас хомус атын-атын тыастааҕын тэҥнииргэ үөрэтэбин.

        Салгыы оҕолорго алгыс, норуот ырыалара, тойук тустарынан өйдөбүллэри биэрэбин. Оҕолору хомуска оонньуурга уhуйабын.Төрөппүттэри кытта үлэ сүбэ биэрии   быhыытынан салҕанар.

        Уонна да атын араас хайысхалаах, үлэ былаанынан ыытыллар (сыллааҕы былаан торумун 1 сыһыарыыга  көрүҥ).

Үлэм түмүктэрэ

        Оҕолор хомуска оонньуур сатабылларын кэтээн кѳрүү сылга иккитэ – күhүн уонна саас – ыытыллар. Кэнники үс сыллар түмүктэрин тэҥнээн кѳрдѳххѳ, оҕолор хомуска ооннуур сатабыллара  күhүн үксүгэр намыhах уонна орто буоллаҕына, саас – орто уонна үрдүк буолар: намыһах көрдөрүү – 0 %, орто көрдөрүү – 40 %, үрдүк көрдөрүү – 60 %  (2 сыһыарыыны көрүҥ).   

        Саха хомуhун музыката киhи аймах бүттүүн култууратын ураты көстүүтэ буолар. Оҕо кыра сааһыттан хомуска уһуйуллара хомус тардыыта өссө киэҥник Аан дойдуга тарҕанарыгар, сайдарыгар бөҕө тирэх, үтүө холобур буолар.

        “Кэнчээри” кыракый хомусчуттара араас таһымнаах (российскай, республиканскай, улуснай) музыкальнай күрэстэргэ кыттаннар лауреат, дипломант үрдүк аатын ылаллар, төрөөбүт түөлбэлэрин, уһуйааннарын, улуустарын  аатырдаллар (3 сыһыарыыны көрүҥ).

        “Кэнчээри хомусчуттара” куруһуок үлэтин уопутугар олоҕуран «Чөмчүүк саастаах оҕолору хомуска уһуйуу» диэн ааттаах методическай пособие тахсыбыта (Чөмчүүк саастаах оҕолору хомуска уһуйуу / Саха республикатын «Хаҥалас улууһа» муниципальнай бюджетнай тэриллии 31 №-дээх оҕо уһуйаана [хомуйан оҥордо — Ефремова А.И., Покровскай куорат, 2019. — 36 с.).

.

                                                                                             А.И. Ефремова, оҕолору музыка

                                                                                              кэрэ эйгэтигэр уհуйааччы                                                             

                                                                    

                                                                         

                                                                                                                               1 сыһыарыы

Сыллааҕы былаан торума

Буолар кэмэ

Тиэмэтэ

Сыала — соруга

Ньымата

Туттуллар матырыйааллар

Төрөппүтү кытары  үлэ

Балаҕан ыйа

Хомус – сахалар былыргы

Музыкальнай инструменнара

Хомуhу билиhиннэрии, хомус туհунан бастакы өйдөбүлү биэрии

Хомус тыаhын иhитиннэрии, охсор ньымалары көрдөрүү

       Тимир хомус

Төрөппүтү кытары  кэпсэтии

Алтынньы

1-2 нэдиэлэ

Хомус туохтантурарый?

Хомуссирэйдээх, сыҥаахтаахчыычаахтаах, тыллаахдиэнөйдөбүлү үөскэтии

Хомустутулун көрдөрөр уруhуйдарыбыhааранбиэрии

Араасхомустаруруhуйдара, тимирхомустар

Төрөппүттэргэхомустуhунанбэсиэдэ

3-4 нэдиэлэ

Хомус араастара

Хомус араастарын кытары билиhиннэрии (биhилэхтээх хомус,

Оhуор хомус, мас, муос хомустар, 2 тыл-х,  3 тыл-х хомустар)

Хомусараастарынуруhуйдатыы, тыастарынтэӊнээниhитиннэрии.

Хомустаройуулара, араастара, аудиозапись

Төрөппүттэргэ сүбэбиэрии, хайдаххомуhуылалларыгар сүбэлээhин

Сэтинньи

1-2 нэдиэлэ

Хомустуохтуhунанкэпсиирий?

Хомуска күөрэгэй, кэҕэ, хаассаҥатыниhитиннэрии, арааран

истэргэүөрэтии

Харахтарынсимтэрэнолоронхомустыаhыниhитиннэрии

Магнитафон №9, №10 диискэлэр, көтөрдөр уруhуйдара

Төрөппүттэргэ

«хаастатыы»,

«күөрэгэйдэтии»,

«кэҕэлэтии» нымаларын көрдөрүү, үөрэтии

3-4нэдиэлэ

Таай, ханныкмузыкальнай инструмент тыаhыырый?

Хомустыаhынатынмузыкальнайинструменнартанарааранистэргэ

үөрэтии

Маракас, румба, ксилофон, бубен, хомус, колокольчик — 

инструменнартыастарыниhитиннэрии

Араасмузыкальнайинструменнар,

хартыыналар, видеосюжет.

Ханныкуусхомуhунхантан

атыылаhартуhунан сүбэлэhии

Ахсынньы

1-2нэдиэлэ

Ырыаҕа ылламмыт, хоhооӊӊо

холбоммутхомуhумбарахсан

Хомустыаhынумсугуйанолоронистэллэринситиhии

Харахтарынсимтэрэнолорониhитиннэрии, онтонтугу көрбуттэринкэпсэтиннэрии

Видеозапись, аудиозапись,хомустаруруhуйдара

Саха таҥаhынтуhунан сүбэлэhии, тиктэрии

3-4нэдиэлэ

Хомусуустара

Хомуhууусдьоннор оҥороллорункэпсээhин

И.И. Христофоров ыалдьыттыыр, хомустарын

көрдөрөр

Видеозапись, хартыыналар, Иван Ильич

хомустара

Төрөппүттэргэ видеозапись

көрдөрүү, хомус

атыылаhал-ларыгар сүбэлээhин

Тохсунньу

1-2нэдиэлэ

«Кэскил»

Хаҥаласулууһун

Төхтүр нэһилиэгин

хомуснароднайансаамбыла

Төрүт түөлбэлэринхомусчуттарынбилиhиннэрии

А.Д. Перловская- ансаамбылсалайааччытаыалдьыттыыр

А.Д. Перловскаяхомустарынарааhа,

ансаамбылхаартыскалара, видеосюжет

Төрөппүттэр

«Кэскил» хомусансаамбылынкытары көрсүһүүлэрэ.

3-4нэдиэлэ

Хомускаохсууараастара

Хомускаохсууараастарыниhитиннэрии, көрдөрүү, үөрэтии

«Табыгыр», оhуохай, норуотырыалара, «хаастатыы»,

«күөрэгэйдэтии», «кэҕэлэтии» тыастарыниhитиннэрии

Хартыыналар, хомустар, диска, магнитофон

Охсууньыматын көрдөрүү

Олунньу

1-2нэдиэлэ

Ырыаматыыбынтардаргахолонуу

Хомуhу сөпкөтутанохсоллоругарүөрэтии, такайыы

Ырыаматыыбын, тылларынүөрэтии

Араасхомустар

Төрөппүттэргэ

дьиэлэригэр

дьарыктаналларыгар сүбэлээhин

3-4нэдиэлэ

Бастыӊ

хомусчуттар

Бастыӊхомусчуттартустарынанкэпсэтии

С.С. Шишигин, Альбина

Дектяреватустарынанкэпсэтии

Хаартыскалар, кинигэлэр, видеосюжеттар

  —

Кулунтутар

1-2нэдиэлэ

Хомускатардыыараасньымалара

Араасньыманы көрдөрүү, охсоргохолонуу

Оҕолорбиирдиилээнохсууньыматынүөрэтэллэр

Магнитафон, диискэлэр,видеосюжет хомусараастара

Төрөппүттэргэ көрдөрүү, иhитиннэрии

3-4нэдиэлэ

Ыллаа-туойхомуhумбарахсан

Хомускүрэҕэр бэлэмнэнии, биирдиилээн оҕонудьарыктааhын

Хомус

күрэҕэр

кыттыы

Хомусараастара

Төрөппүттэргэтаӊастиктэрии

Муусустар

1-2нэдиэлэ

Хомускааналлаахаралдьытыы

Аралдьытыыгабэлэмнэнии, тэрээhинүлэтиныытыы

Аралдьытыыхайдахтаhымнаахбарарынсүбэлэhии

Хомустар, хартыыналар, сахалыыиhит-хомуос, олбохтор

Төрөппүттэраралдьытыыгакытталлар

3-4нэдиэлэ

Хомускаохсууараасньымаларыгарэрчиллиилэр

Бэлэмнэнииүлэтиныытыы

Ыhыаххабэлэмнэнии, дьарыктаныы үлэтэбарар

Хомустар, уруhуйдар

Төрөппүттэри көмөлөһүннэрии

Ыамыйа

1-4нэдиэлэ

Сыллааҕыүлэ түмүгэ (ыhыах)

Ыhыаххабэлэмнэнииүлэтиныытыы

Ыhыахсиэрин-туомунтутуhууүлэтэыытыллар

Сахалыыиhиттэр, олбохтор, уруhуйдар,

хартыыналар, хомусараастара

Төрөппүттэриыhыахха

кытыннарыы, таҥас тиктэрии.

                                                                                                                             2 сыһыарыы

Оҕолор хомуска оонньуур сатабылларын кэтээн көрүү

Буолар кэмэ

2018-2019с

(10 оҕо)

2019-2020с

(12 оҕо)

2021-2022с

(11 оҕо)

2022 -2023с

(14 оҕо)

Күһүн

Намыһах көрдөрүү – 35%

Орто көрдөрүү – 60%

Үрдүк көрдөрүү – 5%

Намыһах көрдөрүү – 25%

Орто көрдөрүү –60%

Үрдүк көрдөрүү –5%

Намыһах көрдөрүү – 25%

Орто көрдөрүү –65%

Үрдүк көрдөрүү –10%

Намыһах көрдөрүү – 20%

Орто көрдөрүү –60%

Үрдүк көрдөрүү –20%

Саас

Намыһах көрдөрүү-0%

Орто көрдөрүү – 70%

Үрдүк көрдөрүү – 30%

Намыһах көрдөрүү – 0%

Орто көрдөрүү – 65%

Үрдүк көрдөрүү –35%

 

Намыһах көрдөрүү – 0%

Орто көрдөрүү –60%

Үрдүк көрдөрүү –40%

 

Намыһах көрдөрүү – 0%

Орто көрдөрүү –40%

 Үрдүк көрдөрүү –60 %

 

                                                                                                                               3 сыhыарыы

Биhиги сэмэй ситиhиилэрбит  (2018 – 2023 сс.)

  • V открытый смотр – конкурс реализации проекта «Музыка для всех»: хоровой коллектив  — диплом Лауреата IIIcтепени, 2018г.
  • Республиканский конкурс «Көмүлүөк тула»: фольклорный ансамбль «Кэнчээри» -Лауреат III степени,2019г.
  • «ϴбүгэбыстыбатситимэ»IX –с республикатааҕы фольклор фестивала: «Кэрэхсэбиллээх толорооччу» аналаатиҥэриллэр «Кэнчээри» фольклор ансамбылыгар, 2020с.
  • Республиканский конкурс «Хомус иэйиитэ»: Саввина Вика, 6 лет -лауреат I степени, 2020г.
  • Республиканский конкурс «Таланты Якутии»: ансамбль «Күнчээн» — лауреат Icтепени, 2020г.
  • Всероссийский конкурс «Зима начинается с Якутии»: ансамбль «Күнчээн» -лауреат II степенив номинации «Инструментальное исполнительство», 2020г.
  • VIII Республиканский конкурс игр юных исполнителей классической и национальной музыки « Алыптаах дорҕоон. Чарующие звуки Якутии» среди дошкольников: Попова Сайнаара 6 лет — диплом Лауреата I степени, 2023г.
  • VIвсероссийский конкурс «Гордость страны»: ансамбль «Күнчээн» — диплом Лауреата I степени,  2023г.
  • Всероссийский конкурс: Ушницкая Амина 6 лет — диплом лауреата I степени в номинации инструментальное исполнительство «Хомус алыптаах дорҕооно»2023 г.
  • Республиканский конкурс фольклора в номинации «Хомус»: Попова Сайнаара 6 лет- лауреат I степени, 2023г.
  • Республиканский конкурс фольклора в номинации «Хомус»:Ушницкая Амина 6 лет -лауреат IIстепени, 2023г.