Хамсаныылаах оонньуу көмөтүнэн оҕо саҥарар сатабылын сайыннарыы

“24 №-дээх “Кэскил” уһуйаан уопутуттан

 

Киирии тыл

        Сахалар былыр-былыргыттан иллэҥ кэмнэрин оонньоон-көрүлээн атааралларын астыналлара. Кыһын кылгас күннээх, уһун түүннээх буолан, түүн хойукка диэри оонньуу арааһын оонньууллара. Саха киһитэ ыалдьытымсах үгэһинэн, хоноһо кэллэҕинэ ирэ-хоро кэпсэтэ-кэпсэтэ, өбүгэлэрин оонньууларынан оонньоон тургутуһан көрөр буолаллара.

        Билиҥҥи олоххо техническэй прогресс күүскэ киирбитинэн, аныгы оҕо компьютер, телевизор (интернет, сотовай) иннигэр олороро элбээтэ. Yгүс төрөппүт билиҥҥи кэмҥэ оҕотун кыра эрдэҕиттэн этин-хаанын эрчийэн, ис дьиҥ кыаҕын билинэр, тулуурдаах, кыахтаах киһини иитэр-үөрэтэр таһыма өссө даҕаны ситэ кыалла илик. Сахалыы өбүгэлэрбит хамсаныылаах оонньууларын төрөппүт, иитээччи туһанарыгар тустаах литература аҕыйах. өбүгэлэрбит эти-сиини, мындыр өйү-санааны иитэр хамсаныылаах оонньуулара умнуллан эрэллэр.

        Онон сибээстээн, иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр иннилэригэр төрүт култуураны, норуот умнуллан эрэр үгэстэрин, сиэрин-туомун тилиннэрии соруктара ордук сытыытык тураллар. Уһуйаан үлэтигэр өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын, дьарыктарын оонньуу көмөтүнэн үөрэтии-иитии ыытыллара көдьүүстээх.

Үлэм сыала

        Үлэм сыала – саха хамсаныылаах оонньууларын нөҥүө оҕо саҥарар сатабылын сайыннарыы, сымса, тулуурдаах, дьулуурдаах, бэйэтин кыанар буоларыгар,  норуотун сиэрин-туомун, мындыр өйүн  этигэр-хааныгар иҥэринэригэр иитии-үөрэтии.

Үлэм суолтата

        Хамсаныылаах оонньуу оҕо этин-сиинин, сиһин тоноҕоһун уҥуоҕун сайыннарар эрэ буолбакка, өйүн-санаатын, ахсаан ааҕар үөрүйэҕин кытта сайыннарар, тулалыыр эйгэҕэ интэриэһи үөскэтэр. Оонньуу көмөтүнэн оҕолор болҕомтолоро, өйдөөн хаалар дьоҕурдара сайдар. Оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ оонньуу эмиэ олус туһалаах. Саха киһитэ киэн туттар, кэрэхсиир хаачыстыбаларыгар: чиэһинэй, кырдьыксыт, тулуурдаах, мындыр, булугас өйдөөх буоларга үөрэтэр, эрчийэр.

        Ону таһынан, хамсаныылаах оонньуу оҕо куолаһын эрчийэр, сатаан тыынарга үөрэтэр, санаатын сөпкө сааһылаан, тыл суолтатын өйдөөн саҥарар дьоҕурун сайыннарар, тылын саппааһын байытар. Оҕо тылын сайыннарыы оонньуу көрүҥүнэн ыытыллара улахан көдьүүстээх, тоҕо диэтэххэ, оонньууттан кини дуоһуйууну ылар. Оҕо кыра сааһыгар хамсанара, оонньуура син биир аһыырын-сиирин, утуйарын курдук, айылҕаттан бэриллибит туруга буолар. Хамсанар оҕо түргэнник сайдар, аҕыйахта ыалдьар, билэ-көрө сатыыра, интэриэһэ үрдүүр. Онтон төрөөбүт сахабыт тылын, хоһооннорун хамсаныылаах оонньууга дьүөрэлээн үөрэттэххэ, оҕо ону тургэнник, бигэтик ылынар.

Үлэм ис хоһооно

        Күннээҕи үлэбэр үгэс быьыытынан сахалыы хамсаныылаах оонньуулары наардаан киллэрэбин, оҕолору биирдиилээн уонна бөлөхтөрүнэн оонньотобун. Уһуйаан оҕолоро кыраларын быһыытынан, арыый чэпчэки гына уларытан туһанабын. Ыытар ооннььууларбыттан холобурдуохха:

  • «Дьөһөгөй оҕолоро». Бу ооньууга сылгылар тустарынан оҕолору кытта эрдэ кэпсэтиһэбин, сылгыһыттар туттар тэриллэрин кытта билиһиннэрэн, тылларын саппааһын байытабын. Сымсатык, сылбырҕатык тутталарыгар, дьулуурдаах, тулуурдаах буолалларыгар үөрэтэбин.
  • «Балыксыт» оонньууга оҕолорго уу иччитин, олоҥхо тылын-өһүн туһунан кэпсиибин. Булт сиэрин-туомун өйдөтөбүн.
  • «Байанайдаах Булчут» оонньуу оҕо ааҕар, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарар, тылын саппааһын байытар, күндү түүлээх кыыллары, Баай Байанайы кытта билиһиннэрэр.
  • «Орто дойду иччилэрэ уонна Дьыл оҕуһа» оонньууга Орто дойду, от–мас иччилэрэ, оторой–моторой уолаттар, эрэкэ–дьэрэкэ кыргыттар, чэчик — сибэкки иччилэрэ араҥаччылыыр суолталарын быһааран, оҕолор тылларын саппааһын байытабын. Оҕолору хардарыта көмөлөһөргө, дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга үөрэтэбин.

        Бу хамсаныылаах оонньуулары дьарыктарбар ситимнээн киллэрэбин, тылы сайыннарыы дьарыгын кытта дьүөрэлээн эбэтэр көҥүл оонньуу кэмигэр ыытабын. Хас биирдии оонньууга оруолларынан тус-туспа хоһооннору наардаан киллэртиибин. Оонньуулары ыытыам иннинэ эрдэттэн оҕолорго өс хоһооннорун уонна тэттик хоһооннору үөрэтэбин. Хас биирдии оонньууга оруолларынан тус-туспа хоһооннору наардаан киллэртиибин. Оонньуу саҕаланыан иннинэ оҕолор оруолларынан арахсан, хоһооннору өйгө хатаан ааҕаллар. Оонньуу кэмигэр хоһоону доргуччу этэллэрин, ыйытыктарга толору хоруйдары биэрэллэрин ирдиибин.  

        Оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдыыларын, кыахтарын көрөммүн эрчийэбин. Оҕо күннээҕи олоҕун тэрийиигэ сарсыардааңы эрчиллиилэртэн саҕалаан, хамсаныылаах оонньуулары күн устата тэрээһиннэр быыстарыгар, таһырдьатааҕы дьаарбайыыга, көргө-нарга, сынньалаң кэмигэр киллэрэбин. Хайаан да оҕо саңарар саңатын сайыннарар үлэ көрүңнэрин, ньымаларын кытта дьүөрэлээн ыытабын.

        Үөрэппит оонньууларбын араас аралдьытыыларга, төрөппүтү кытта үлэҕэ кытта киллэрэбин. Холобур, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аҕалары кытта күрэх ыытабын. Сайыҥҥы ыһыах үгэс быһыытынан үөрэх дьыла бүтэригэр ыытыллар, онно өбүгэлэрбит сахалыы оонньууларыгар: «Хапсаҕай», «Ойбонтон уулааһын», «Ат сүүрдүүтэ» диэн оонньууларга күрэстэр тэриллэллэр. Маннык оонньуулары аҕалар, ийэлэр олус сэргииллэр, көхтөөхтүк кытталлар. Оҕолор оонньууттан, күрэхтэн дуоһуйаллар, үөрэллэр-көтөллөр (оонньуулары сыһыарыыга көрүҥ).

Түмүк

        Сахалыы хамсаныылаах оонньуулар оҕону бары өттүнэн сайыннарар, өбүгэлэрин араас өрүттээх оонньууларын кытта билиһиннэрэр, оҕо төрөөбүт сиригэр-уотугар сайын атах сыгынньах сүүрэн-көтөн, сөтүөлээн айылҕаны кытта алтыһарыгар, тулалыыр эйгэтин таптыырыгар, киһи быһыытынан сайдыытыгар олук уурар көрүҥүнэн буолаллар

         Мин санаабар, оҕо тыла-өһө, саңарар сатабыла сайдыытыгар ыытыллар улэҕэ хамсаныылаах оонньуулары киллэрдэххэ, үлэ көдьүүһэ биллэрдик үрдүүр.

        Итини этэн туран, былыргы сахалар оҕолорун эт-хаан, өй-санаа, тыл-өс өттүнэн иитиигэ болҕомто ууралларын умнумуоҕуң, ол үтүө угэһи салҕыаҕың диэн ыңырабын.

        Саха оҕотун эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга өбүгэ оонньуулара, спорт сахалыы көрүҥнэрэ оҕону бары өттүнэн иитэллэр, сайыннараллар. Чэгиэн доруобуйалаах эрэ оҕо доруобуйата бөҕүргүүр, ситиһиилээхтик үөрэнэр, иллэҥ кэмин таһаарыылаахтык атаарар, бэйэтин дьылҕатын сатабыллаахтык дьаһанар.

А.А.Скрябина,

эти-хааны сайыннарар иитээччи

 

 

Сыһыарыы  оҕо саҥарар Сатабылын сайыннарар ООННЬУУЛАР « Дьөһөгөй оҕолоро»

Сыала:  Дьөһөгөй туһунан билиилэрин кэҥэтии. Тулалыыр эйгэни кытта билиһиннэрии, тылларын саппааһын байытыы, саҥарар, кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыы. Сымсатык, сылбырҕатык туттарга, дьулуурдаах , тулуурдаах буоларга иитии.

Оонньуу барыыта: Сылгыһыт талыллар, онтон атыттар «аттар» буолаллар, оонньууну са5алыыллар:

 «Сыспай  сиэллээхпин,

Түөрт төгүрүк туйахтаахпын,

Субуллар уһун кутуруктаахпын,

Иилистибэт уһун тыыннаахпын»- диэн тобугу өрө тардан сүүрэллэр.

Онтон сылгыьыт:

« Күн оҕото- көлөм,

Айыы оҕото – атым,

Айаннаан биэриий,

Алааспар тиэрдиий!»-  диэн хардаран оонньууну саҕалыыр.

«Сылгылар» кэннилэригэр «кутуруктаахтар», «сылгыһыт» кутуруктарын ыла сатыыр, онон оҕо тутуллубута быһаарыллар. Оонньууну сытырҕатан араас мэһэйдэри туруоруллар (күөл, тыа, күрүө)

Оонньуу «Балыксыт»

Сыала: Оҕолорго уу иччитин , олоҥхо тылын – өһүн билиһиннэрии. Сиэри – туому өйдөтүү. Билиилэрин – көрүүлэрин дириҥэтии.

 Туттуллар тэрилэ:  Оҕо аайы атаҕар балак баайыллар (балык көрүҥүнэн көрөн халыҥ хордуонтан кырааскалаан оноһуллар: собо, сордоҥ уо.д.а)

Оонньуу барыыта: 2–3 оҕо балыксыт буолар. « Бүгүн кимиэхэ байанайа тосхойуон, күөх далай иччитэ Күөх Боллох оҕонньор кими күндүлүөн быһаарар күннэрэ үүннэ» — диэн оонньуу саҕаланар.

Балыксыттар тэҥҥэ этэллэр:

« Күөх ньамах бытыктаах

Курун Хара Дьүһүннээх

Күөх далай иччитэ

Күөх Боллох оҕонньор

Чороох туубар

Лоһуор собо барахсаны

Көмүс хатырыктааҕы

Толору уган кулу даа!

Күндүөбэй балыккынан

Күндулээ даа!

Көрдөһөбүт! Көрдөһөбүт!»

 “Күөлгэ” киирэн атахтарыгар баайыллыбыт балыктары балыксыттар атахтарынан үктээн сабын быһа сатыыллар. Быһыллыбыт балыктарын анал иһиттэригэр уган иһэллэр. Балыксыттар тус туһунан иһиттээхтэр. Балыгын быстарбыт оҕо оонньууттан туоруур. Түмүгэр Ким бултуйбутун, байанайдаммытын быһаараллар. Элбэх балыгы ылбыт оҕо кыайыылааҕынан ааҕыллар.

 

Оонньуу: « Байанайдаах Булчут»

                    Сыала: Оҕо толкуйдуур, ааҕар дьоҕурдарын сайыннарыы. Тылларын саппааһын байытыы. Баай Байанай туһунан билиһиннэрии. Күндү түүлээхтэри билэллэрин чиҥэтии.

           Оонньуу барыыта. Оонньууну булчут саҕалыыр (2–3 оҕо):

«Хара тыам иччитэ

Баай Барыылаах Байанай Тойон!

Күндү түүлээххиттэн күндүлээ,

Саарбаҕыттан бэрис.

Көрдөһөбүн, көрдөһөбүн, көрдөһөбүн!»

          Атын оҕолор бары «кыыллар» буолаллар хардараллар:

«Сонордоон суоллуон, байанайга тиксиэн» — диэн оонньууну саҕалыыллар.

«Байанайга тиксиэн» диэн тыл кэнниттэн оҕолор булчуттар куотан төгүрүктэргэ киирэн быыһаналлар. Тутуллубут оҕо оонньууттан туоруур. Булчут тутта5ына: «Оо, Байанай Тойон эһэбэр махтал!» — диэн махтанар. Оонньуу түмүгэр хайа булчут байанайа тосхойбутун бултарын ааҕан быһаараллар.

 

Оонньуу «Орто Дойду Иччилэрэ уонна Дьыл Оҕуһа»

Сыала:  Орто дойду туһунан оҕолор билиилэрин кэҥэтии. Дьыл уларыйыытын, айылҕаны кытта билиһиннэрии. От–мас иччитэ, оторой–моторой уолаттар, чэчик– сибэкки иччилэрэ, эрэкэ–дьэрэкэ кыргыттар араҥаччылыыр суолталарын быһаарыы. Оҕолору хардарыта көмөлөһөргө, дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга иитии. Оҕолору хардарыта көмөлөһөргө, дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга иитии. Оҕолор тылларын саппааһын байытыы.

Оонньуу барыыта: «Тымныы оҕус талыллар», атыттар бары от – мас, сир симэҕин  иччилэрэ буолаллар.

О5олор:

          «Эрэкэ дьэрэкэ кыргыттар,

Оторой – моторой уолаттар,

Аламай күммүтүн көрсүөҕүн,

Саҥа күнү айхаллыаҕын!»- диэн хамсана – хамсана сүүрэллэр.

          Тымныы о5ус:

«Күдэн туман тыыннаах,

Дьанха муус оҕус

Хотугу Далай улаҕатыттан

Туран кэллим аҥылыйан!» — дьиэт эккирэппитинэн барар. Оҕолор туһааннаах миэстэлэригэр тиийэ охсуохтаахтар. Тутуллубут оҕо «тоҥмутунан ааҕыллар» , миэстэтигэр туран хаалар.  Кинини атын оҕо кэлэн таарыйдаҕа «тиллэн» салгыы оонньуур кыах ылар.