Норуот остуоруйаларыгар тирэҕирэн сахалыы саҥаны сайыннарыы
Бырайыак ааптара уонна толорооччута: Борисова Марфа Геннадьевна, Хаҥалас улууһун Тумул сүрүн оскуолата, алын сүһүөх кылаас учуутала.
Төрөөбүт тыл көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл — оҕоҕо тулалыыр эйгэтин билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, өйө-санаата сайдар сүрүн эйгэтэ. Норуот тыына-дьылҕата, киһи-аймах культуратыгар киллэрэр кылаата – барыта төрөөбүт тылыгар иҥэн сылдьар.
Ханнык баҕарар тыл уонна культура тыыннаах хаалар, салгыы сайдар кэскилэ, омук быһыытынан сир сирэйиттэн симэлийбэт суос-соҕотох мэктиэтэ — о5ону кыратыттан төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии буолар.
Кистэл буолбатах, билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ интернет ситимин, телефон, компьютер сабыдыалларынан, оннооҕор тыа сирин оҕолоро төрөөбүт тылларынан кэпсэппэт буоллулар. Саха омук ахсаана билиҥҥи быһа холуйууннан 500 тыһыынчаҕа да тиийэ илик диэн үөрэхтээхтэр этэллэр. Баай историялаах, дириӊ ис хоьоонноох философиялаах саха норуота атын омуктарга булкуһан сүтэн хаалара хомолтолоох суол. Онон инникибит хайдах буолуохтааҕын тымтыктанан сэгэтэн көрөр кэм кэллэ.
Бырайыак сыала: Норуот остуоруйаларын нөӊүө төрөөбүт тылы байытыы, сайыннарыы.
Бырайыак соруктара:
- оҕо ситимнээх саӊатын сайыннарыы, уус-уран уобараһы, тыл күүһүн, мандарын иӊэрэн толкуйун тобулуу;
- саха уонна араас омук остуоруйаларын тэӊнии тутан ырытыы;
- оҕо саӊарар саӊатын, итэҕэhин-быhааҕhын куруhуок дьарыгар кэтээн көрүү, үөрэтии;
- остуоруйа тылыгар-өһүгэр оҕо интэриэһин уһугуннарыы.
Бырайыак ньымалара:
— остуоруйа нөӊүө сиэри-туому, сахалыы тыллары сөргүтүү, аныгы олоххо сөптөөҕүнэн көрөн иитэр үлэҕэ туһаныы;
— Айыы үөрэҕин, төрүт культураны, фольклору, этнопедагогика принциптэрин үөрэтии;
— күннээҕи саҥарар саҥаҕа төрөөбүт тылынан толору уонна ыраастык кэпсэтэргэ уһуйар улэни утумнаахтык ыытыы;
— дьарыкка олоҕуран төрөөбүт тылынан сценарийдары суруйуу, саха остуоруйаларынан суруллубут туруорууларынан араас таһымнаах театральнай күрэхтэргэ кыттыы.
Бырайыак суолтата:
— ситимнээх саҥаны сайыннарыыга аналлаах сөптөөх норуот остуоруйалара уонна литературнай остуоруйалар талылыннылар;
— алын сүһүөх кылаас оҕолоругар аналлаах «Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор» драмкуруһуок үлэлиир бырагырааммата оҥоhулунна;
— остуоруйаларга олоҕуран сахалыы тылынан оҕолорго аналлаах спектакыллар сценарийдара сурулунна.
Оҕо кыра сааһыттан төрөөбут тылынан саҥарар, кэпсэтэр буоллаҕына, олоххо бэйэтин уратытын билинэр, аналын тобулар. Төрөөбүт тылын барҕа баайын чахчы-бааччы этигэр-хааныгар иӊэринэригэр норуот тылынан уус-уран айымньыта сүдү оруоллаах. Саха тылын уруоктарга үөрэтииннэн эрэ муҥурдаммакка, уруок таһынан ыытыллар дьарыктарга табатык киллэрдэххэ ордук таһаарыылаах буолар. Оҕо аахпыт остуоруйатын тылын-өһүн истэн, ырыта үөрэннэҕинэ, кини тобуллаҕас толкуйа, өркөн өйө, ситимнээх саҥата сайдар, дьон иннигэр иҥнибэккэ, толлубакка оруолугар киирэн саҥарар, хамсанар; өй үлэтэ манна арыллар.
Биһиги оскуолабытыгар «Эрэкэ-дьэрэкэ оолор» диэн ааттаах театральнай куруһуок 2012 сылтан саҕалаан алын сүһүөх кылаастарга уруок таһынан дьарык биир көрүҥүнэн үлэтин саҕалаабыта. Бастакы ситиһиибит: 2012 с. «Таал-Таал эмээхсин» остуоруйаны туруоран, улуустааҕы «Хаҥалас сулусчааннара» күрэххэ кыттан I истиэпэннээх дипломаннар буолбуппут.
«Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор» театральнай куруһуокка туруоруллубут спектакыллар сценарийдарын «Инфоурок» учууталлар сайтарыгар таһаарабын https://infourok.ru/user/borisova-marfa-gennadevna. Сценарийдар холобурдарын 1, 2, 3 сыһыарыыларга көрүөххүтүн, туһаныаххытын сөп.
«Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор» театральнай куруһуок ситиһиилэрэ:
Дата |
Название конкурса, репертуара |
Уровень |
Место, номинации |
2012г. |
Конкурс «Хаҥалас сулусчааннара», «Таал-Таал эмээхсин» |
Улусный |
Диплом 1ст. |
2013г. |
XVII театральный фестиваль «Синяя птица», спектакль «Кэҕэ», 2013 г. |
Республиканский |
Диплом в номинации «Открытие фестиваля» |
2014г. |
Театральный фестиваль «Күн бытархайа», 2014с. спектакль «Ый кыыһа» |
Республиканский |
Лауреат 2степени; Диплом «Лучшая режиссерская работа» |
2014г. |
XVIII театральный фестиваль «Синяя птица», спектакль «Ый кыыһа» |
Республиканский |
Диплом в номинации «Лучшая сценография» |
2015г. |
Театральный фестиваль «Туос мааскы», спектакль «Күөрэгэй» |
Республиканский |
Диплом 2 степени; |
2018г. |
Конкурс «Хаҥалас сулусчааннара», спектакль «Маллар мунньахтара» |
Улусный |
Диплом 2 степени; |
2018г. |
Конкурс театральных искусств «Маленький принц», спектакль «Маллар мунньахтара» |
Улусный |
Диплом в номинации «Лучший сценический образ» |
2022г. |
Театральный конкурс фонда «Язык предков», «Одна на всех» |
Межрегиональный |
Диплом в номинации «Литературно-музыкальная композиция» |
2022г. |
Театральный конкурс «Саха драматургиятын үрүҥ көмүс хатыҥа» |
Республиканский |
Лауреат 3ст. |
2022г. |
Театральный фестиваль им. Заслуженного артиста республики Саха (Я) С.И. Емельянова |
Улусный |
Диплом 1ст. |
2022г. |
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Умсулҕаннаах ааҕыы» монолог ааҕыытын күрэҕэ |
Республиканский |
Диплом 2 ст. |
2023г. |
IV Международный конкурс «Палитра культур» на родных языках для детей и молодежи |
Международный |
Диплом 3ст. |
2023г. |
Детский конкурс инсценировок «Волшебный сундучок-2023» |
Республиканский |
Диплом 1ст. |
КЮАР КОД
Приложение 1
Тимофей Сметанин «Күөрэгэй» остуоруйатыгар олоҕуран туруоруллубут музыкальнай спектакль сценарийа
(Кыра саастаах оскуола оҕолоругар аналлаах музыкальнай спектакль сценарийа)
Автор:Борисова М.Г.- алын сүһүөх кылаас учуутала
Туруорааччы режиссер: Борисова М.Г.
Туттулар декорация: Балаҕан иһэ, эргэ өтөх иһэ (танаска ойуу), талах олоппостор, төгүрүк остуол, сахалыы иһит-хомуос,сибэккилээх хонуу, хатыҥ, тиит мастар.
Оруолларга оонньууллар:
Күөрэгэй – Айта Трифонова
Маачаха – Юля Латышева
Күөрэгэй аҕата – Гоша Трифонов
Олоо – Сергей Громов
Мойот — Никита Гаврильев
Бөрө— Дьулус Ноговицын
Туораах – Кристина Лукина
Хатыӊнар, сибэккилэр: Айта Трифонова,Кристина Лукина, Оля Тимофеева, Виолетта Слепцова, Юля Латышева, Максимова Леяна, Никита Гаврильев
(Хатылаевтар музыкалара тыаһыыр, кырыымпа)
1 көстүү: Сыана иннигэр балаҕан иһэ көстөр. Кыракый төгүрүк остуол,талах олоппостор. Көмүлүөк оһох. Атаах уол Олоо ийэтин кытта аһыы олороллор. Күөрэгэй мас көтөҕөн киллэрэн көмүлүөк иннигэр уурар. Былаатынанан көлөһүнүн сотто-сотто оргууй остуолга чугаһыыр.
Маачаха: — Хотуой, итиччэ аҕыйах маһы аҕаллыӊ дуо? Баччааӊӊа диэри тугу гына сырыттыӊ?! Сүрэҕэлдьээн тыаҕа тахсан оту-маһы ааҕа сырыттаҕыӊ дии! Киэр бар, чугаһаама!!!
(Остуолтан турар, кыыһы сырбатаары илиитин көтөҕөр. Былаатын баанар.Кыыс илиитинэн сирэйин бүөлэнэр.)
Маачаха:- Лэппиэскэни тыытыма! Оҕом Олоо сиэҕэ. Киэһээӊӊи ыам чугаһаата, бар ынахтаргын хомуй! Сөрүөстэн баран туруоҥ да!!! (Маачаха тахсан барар). Олоо оһох таһыттан хаппыт буору хомуйан Күөрэгэйи тамныыр.
Олоо:- Күөрэгэй, сүрэҕэ суох-2!!! Куттас куобах! Абырах таӊас!!!
-Эн кус үһүгүн. Түӊ-түӊ!!!Мэ-мээ!!! Биир куһу таптыааам!!!
(Кыыс уолу оӊкумалыттан ылан үүттээх чабычахха олордор).
Олоо: (ытаан марылыыр) — Ийээ, ийээ!!! Кээл,кээл!!! Күөрэгэй кырбаан эрэээр!!!
(Айдааны истэн Маачаха киирэр. Кыыһы былаатынан сыыһа халты охсор).
Маачаха:- Хотуой, оҕону хайаатыӊ?! Эт диибин ди! Оҕом барахсаны сиэбит буолбат дуо?! (Уолун чабычахтан туруора-туруора):
— Оҕом барахсаны ньии! Кэл эрэ бэттэх, чэ, ытаама тоойуом. (уолун ньилбэгэр сытыарар, төбөтүттэн имэрийэр).
Тастан аҕалара киирээр,уку-суку туттар, дьахтар кыыһыра тоһуйар:
Маачаха: — Кыыһыӊ оҕобун өлөрөрүгэр тиийдэ,тугу да үлэлээбэт, мэлдьи этиһэр, киэр кын, икки харахпар көрдөрүмэ, ол эбэтэр иккиэн дьүгэлийиӊ!!!
(Куһаҕан музыка тыаһыыр)
Уот умуллар, түүн. Сарсыныгар аҕата кыыһын илдьэр.
2көстүү:
Иччитэх балаҕан иһэ көстөр. Күөрэгэй ытыы-ытыы хааһы буһарына олорор.
Хотон иһиттэн кутуйах тахсан кэлэр.
Күөрэгэй: — Иэй, барахсаны даа,хоргуйбутуӊ буолуо.
-Кэл, хааһыта амсай. Чээн, кыратыын, мин эйигин Туораах диэн ааттыам. Чэ, аьаан ис, Туораах.
Кыыс кулгааҕын тоһуйан өтөх муннугун диэки иһиллиир:
К: — Туораах, өссө до5отторуӊ бааллар эбит дии, (муннукка барар), оо, барахсаттар, онтон эьиги то5о тахсыбаккыт? (хааһы кутан биэрэр) ньиэй, харахтара чолохочуһан.
(Талах олоппоско кэлэн олорор, ийэтин саныыр).
К: — Ийэм эрэйдээх тыыннааҕа буоллар маннык эрэйи көрүөм суох этэ. (Былаатын муннугар бааммыт манньыатын ылан көрөр): — Ийэм өлөрүгэр хааллараахтаабыт манньыата: «Аҕаҕар көрдөрүмээр,бостуой туттан кэбиһиэ, кэлин бэйэҕэр наада буолуо»,- диэхтээбитэ. (Өрө тыынар , Туораах чыбыгыраабытыгар муннукка барар) .
— Бу тугуй, Туораах? (кыыс соһуйар, үөрэр).
-Тыый, бу мин манньыатым курдук манньыаттары хантан буллугут? Эчи элбээбитиин! Иэхэйбиин!!! Аҕам биһикки эрэйи-муӊу көрбөккө туспа олорор дьон буолбуппут!
Аҕа:(аҕата киирэн кэлэр): — Тоойуом, Күөрэгэй, хайдах-туох олордуӊ? Бу ийэҕиттэн кистээн, хааһылыыргар бурдук аҕаллым.
К: — Аҕаа, көр, миэхэ туох баарын — көмүс манньыаттар.
(Аҕата соһуйар, кыыһын иннигэр тобуктуу биэрэр, салҕалас илиилэринэн үс манньыаты ылар, өрө уунар, ыстаан көрөр).
Аҕа:-Манньыаттар!!! Көмүс манньыаттар!!! Хантан буллуӊ, тоойуом?
К:- Ийэӊ, аҕаӊ атаҕастаабыттар, билигин бэйэлэригэр көмөлөһөр киһи буол, эйигин үүрбүттэриттэн сирэйдэрэ сааттын диэн, манна баар сэттэ таӊара дьоно биэрдилэр.
Аҕа:- Сэттэ дьон….таӊара….дойду иччилэрэ…(кириэс охсунар), чэ, тоойуом Күөрэгэй, барыах.
К: (Кыыс хорооӊӊо тиийэн быраһаайдаста):- Барахсаттарыам, мин баран эрэбин, эһиэхэ күн аайы хааһы аҕалыам, кыһынын сиэмэ бурдук таһыам. Манньыаттарбын бука диэн манааӊ, харыстааӊ. (Тахсан барар).
3көстүү:
(Иччитэх өтөххө маачаха Олоолуун кэлэллэр).
Маачаха: — Олоо, тоойуом, бугун манна хаалан хоноҕун. Бэл ити кыыска үс манньыаты биэрбиттэр, баҕар эйиэхэ өссө элбэҕи биэриэхтэрэ. УУ-чукучук!(уолун кэтэ5иттэн имэрийэр). Аччыктаатаххына хааһыгын сиэр, арыылаах лэппиэскэ ыаҕыйаҕа баар. Чэ, чыычаах, мин бардым.
(Олоо кытыйаттан хааһы сии олорор, Туораах киирэр, уолга чугаһыыр).
Олоо:— Туох иӊсэлээх кутуйаҕай! Киэр буол!!! (Туорааҕы хаппыт буорунан тамныыр, атахха табар, кутуйах доҕолоннуу-доҕолонуу хороонугар куотар).
— Манньыат биэрээччи таӊаралара ду, абааһылара ду төһөҕө кэлэрэ буолла? Чэ, бээ утуйуохха.(улаханнык дьааһыйар, сытар).
Туораах Олоону атаҕыттан тардылыыр. Уол олоро биэрэр, куттаммыт, хараҕын улаханнык көрбүт, хаһыытыы-хаһыытыы куотар).
Олоо:- Абааһы тыбыс тымныы илиитинэн тутта!!!Тыӊыраҕа уһаабытыын!!! Ийэээ!Ийээ!!!( хаһыытыы-хаһыытыы куотар)
4көстүү:
Маачаха: (Маачаха кыыһыра-кыыһыра өтөҕү уоттуур):- Сатана балаҕана абааһыламмыт, баарбын-суохпун оҕобун куттаабыт, уоттаан кэбиһиэххэ!!!(Уот тыаһа иьиллэр, буруо көстөр).
Уот умуллар, Күөрэгэй умайбыт балаҕаӊӊа кэлэн ытыыр, кутуйахтарын, манньыаттарын көрдүүр. Аҕыйах манньыаты булар, сороҕо ууллан хаалбыт эбит).
К: (Ытыы- 2 саҥарар)— Мин бу дойдуттан бардахпына сатаныыһы. Миигин маачаха ийэм сүгүн олрдуо суоҕа. Хаһан эмэ баҕар, дьолбун булар күннээх буоллахпына, аҕабын кэлэн ылыам. (Уот умуллар.Тахсар)
5көстүү:
(Күөрэгэйсибэккилээх хонууга киирэн кэлэр)
К:- Кимтэн да мөҕүллүбэккэ-таһыллыбакка көӊүл сылдьарым олус да үчүгэй!!!Чээлэй күөх хонуум барахсан, сир симэҕэ сибэккилэр олус да маанылар, кэрэлэр! Сылайдахпыын, утуктаатахпыын, кыратык сытан сынньанан ылыым. (Сытар,утуйар)
(Музыка тыаьыыр.Сибэккилэр үӊкүүлэрэ).
К:- Түүл ду илэ ду?! Тыый,өр да утуйбуппун. Хантан дьонноох сир булан киһи буолабын?!
(Туран салгыы айанныыр, бөрөҕө түбэьэр, маска тахсан олорор)
К: — Төһө өр бу курдук маһы кууһан олорорум буолла?! Сыыьа –халты туттан аллара түстүм да бүтэбин!!!
(Кыыс улахан тыастан соһуйан уһуктар, аллараа курулуур, булчут уол Мойот кэлэн бөрөнү өлөрөр).
К: — Бөрө! Бөрө!?
Мойот: — Бөрө аны суох, бу сытар ди, тыытыа суоҕа куттаныма. Хата эн кимӊиний? Хайдах манна кэлэн хааллыӊ?
К: — Күөрэгэй диэммин. Дьонноох сири көрдүү сылдьан алдьархайга тубэһэ сыыстым. Быыһаабытыӊ иһин бу манньыаттары биэрэбин, мэ.
Мойот:- Суох,миэхэ манньа наадата суох, ылбаппын.Мин Мойот диэммин ,булчут уолбун. Ийэм, аҕам суохтар.Миигин кытта барыс,мин бултуом-алтыам, эн ас астыаӊ, иистэниэӊ. (Музыка тыаһыыр,уол хомус таһааран тыаһатар, хатыӊ кыргыттар тахсаллар, хомустууллар. Кыыс олорон истэр. Уоллаах кыыс сиэттиһэн тахсан бараллар, хатыӊнар далбаатыы хаалаллар). Уоллаах кыыс ырыалара:
Көмүстүүр ини
Түөстэрдээх ини
Күөрэгэйдиир ини
Чыычаа5ым ини
О5отун ини сэгэттээй!..
Күлүктуур ини
Тыаларбыт ини
Күө5үнэн ини
Күөгэйэн ини
Көстөхтүүр!!!
Приложение 2
«Хорсун куобах туһунан остуоруйа»
алын сүһүөх кылааһын оҕолоругар аналлаах
саҥа дьыллааҕы музыкальнай композиция сценарийа
Сценарий автора-Борисова М.Г.
Оруолларга :
Хорсун Куобах – Иванова Фаина
Тииҥчээннэр – Аэлита, Сандаара, Эйнара, Күннэй
Тураах – Настя Христофорова
Кырдьааҕас куобах – Мирослав Гаврильев
Кыра куобахтар – Алина, Айыына, Василияна, Дима
Бөрө – Егор Максимов
Ымыылар — Алиса, Наташа, Рада
(Музыка тыаһыыр. Кыһыӊӊы тыа иһэ көстөр. Сыанаҕа 4 тииӊ тахсаллар)
- Аэлита:(I тииӊ ) – Дорооболоруҥ,оҕолоор, көрөөччүлэр, ыалдьыттар!
Саргылаах саӊа дьыл кэлбитинэн
Барыгытыгар үтүө киэһэ буоллун!
Сандаара: (II тииӊ) – Кэрэкэтиэн ёлкабыт!
Араас өннөөх уоттардаах,
Оҕо-аймах мустаннар
Дьиктини кэтэһэллэр!
Куннэй: (IV тииӊ) – Куруӊ тыаҕа олохтоох
Куттас куобах эрэйдээх
Кылар-кылар харахтаах
Кылгас төгүрүк кутуруктаах!
Эйнара: (III тииӊ) – Баабыр сылын атаара,
Куобах сылын көрсө
Хорсун куобах туһунан
Истэ-көрө сэргэҕэлээӊ!
( Тииӊнэр тахсан бараллар)
(Быыс арыллар)
2). Настя (Тураах): (Тураах сцена устун хаама сылдьан остуоруйалыыр:)
-Даах-даах, дара-раах!
— Ыраах тыаҕа биир куттас куобах олорбута эбитэ уһу. Хас мас тыаһаатаҕын, мутук тоһуннаҕын аайы куттанар эбит. Биир күн куттаммыт, иккис күн куттаммыт, биир нэдиэлэ ааспыт, биир сыл бүппүт. Куобахпыт улааппыт уонна куттанарыттан салҕан, аны киһиргиир идэлэммит.
(Куобахтар дьиэрэҥкэйдээн сыананы эргийэллэр,тохтууллар. Куобахтар Хорсун куобах тула тураллар).
3). Фаина: (Хорсун Куобах) : — Бу күнтэн ыла мин кимтэн да куттаммаппын! Мин саамай күүстээхпин! Түргэн атахтаахпын, сытыы тыӊырахтаахпын! Олох куттаммаппын! Онон бутэр! (Быар куустар, атаҕынан сири тиӊилэхтиир).
4). Мирослав:(кырдьаҕас куобах):— Нохоо, тоҕо киһиргиигин? Эйиэхэ да эт, истиэнэҕэ да эт – син биир! Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл.
Алина (I куобах):- Куобахчаан, эн саһылтан куттаммаккын дуо?
Фаина (Куобах): — Эээ, албын саһылы баҕас бэйэтин албынныыр буоллаҕым!
Айыына (II куобах): — Сур бөрөттөн эмиэ куттаммаккын дуо?
Фаина (Х. Куобах): — Сур бөрө миигин сүүрэн да сиппэт!
Василияна (III куобах): — Онтон эһэттэн куттанаҕын ду?
Фаина (Куобах): Эээ, эһэкээн билигин утуйа сыттаҕаа, аны саас биирдэ уһуктуо!
Дима (V куобах):- Киһиргиир үтүөҕэ тиэрдибэт! Уутааҕар чуумпутук, оттооҕор намыһахтык сырыт!
Наташа: (I ымыы): — Көрдөөх да куобаххын! Тугу да өйдөөбөккун, инникигин санаабаккын быһыылаах!
Алиса (I ымыы): — Сэрэнэ сырыт, мэник куобах, мээнэ киһиргээмэ! Халлаан хабарҕаҕынан, муора тобуккунан буолбут!
Рада: (II ымыы): — Куобахпыт барахсан хорсуна сүрдээх, барыбытын бөрөттөн көмүскүүр баҕалаах!
5). Фаина : — Бөрөттөн даҕаны, саьылтан даҕаны, эьэттэн даҕаны куттаммаппын. Кимтэн да куттаммаппын! Тугу элбэҕи кэпсиэхпиний?! Бөрөнү көрүстэхпинэ, бэйэтин сиэм! Бачча үчүгэй күӊӊэ онтон-мантан куттаммыта буола сылдьымаӊ! Хата ырыата ыллыах, санааны көтөҕүөх!
Н.Макарова
Хаар
1). Халлаантан хаарбыт
Хамырыктаан туьэр,
Хараӊаны сырдатан
Хатанан түһэр сиргэ.
Хос ырыата:
Тугун бэрдэй, кэрэтэй
Тула өттүм эргиччи
Түспүт хаары бүрүйэн
Туналыйда, туртайда
2). Түүтээҕэр чэпчэкитик
Төгуруйэ тэлимниир
Сыатааҕар сымнааҕстык
Сырса түһэр сиргэ.
Хос ырыата:
//_____//_____//
3). Кыстык хаарбыт маӊхайан,
Кылбачыйан, ырааһын
Үллүктэннэ хаарынан,
Үтүөкэннээх мин дойдум.
6). Аэлита: (I тииӊ ): — Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс!
Сандаара: (II тииӊ): — Киһиргиибин диэн кирсиӊ быстаарай! Сэрэнэ сырыт!
Эйнара: (III тииӊ): — Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар!- дииллэр, хата до5оттоор, хонууга баран сырса оонньуох, сүүр-дү-бүөөөт!
(Бары сырса тураллар. Маны истэн, кэннилэриттэн бөрө тиийэн кэлэр ).
7). Егор : (бөрө) — ( Аччыктаабыт, салгыны сытырҕыыр, үөмэр).
– Саатар биир эмэ куобаҕы амсайбыт киһии!( Иһин имэринэр, салбанар)
— Ыччуууу-ууууу-ууууу(улуйар), хата ирэ таарыйа рэптэ ааҕан аралдьыйыахха. (Рэп музыката тыаһыыр)
Бөрө ырыата:
Хара тыа хаһаайына,
Кыра кыллар тойонноро,
Халыӊ хаары хайытаммын
Сур бөрө обургубун
Ооо-иэ………….
Тугу булан, ханна баран,
Аһыырбын мин саныыбын.
Уӊа-хаӊас көрөттүүбүн
Онно куобах, манна тииӊ
Саһа сыталлар диибин!
Ооо-иэ………….
Ыччуууу-ууууу-ууууу- иэ!
Егор (бөрө): — Хата бэйэлэринэн иһэллэр быһыылаах, саһыахха.(Иьиллиир, харыйа кэннигэр саһар).
(Куобахтар, тииҥнэр, ымыылар бары сырсан киирэллэр)
8). Фаина :(Куобах чөӊөчөк урдугэр тахсар уонна хаһыытыыр):
— Ээй, бука бары миигин истиӊ эрэ! Мин билигин тугу эрэ көрдөрүөм! Мин…мин…мин… (Тыла хатан хаалар, уун – утары бөрө көрөн турар эбит. Эмискэ мээчик курдук үөһэ ойор уонна бөрө көхсүгэр сырылаан түһэр да ойуур диэки куотар. Өр да өр сүүрэр. А5ылаан сылайар. Атын кыыллар бары сыана кэннигэр куустуьан, куттанан тураллар).- (тургэн музыка тыаьыыр.)
9). Эйнара : — Хорсун куобахпыт бөрөну хайдах курдук куттаата! Кини биһигини быыһаата! Ханна баарый бэйэтэ? Ыҥырыаҕын!
Бары: — Куобахчаан!- (3 төгул)
Аэлита : — Маладьыас да куобаххын! Сур бөрөну хайдах курдук куттаатыҥ! Махтанабыт эйиэхэ, баһыыба куобахчаан! Биьиги эйигин киһргиир диибит ээ.
Наташа: — Биһиги куобахпыт
Тылын тыалга бырахпат,
Доҕотторун алдьархайга
Мээнэ быраҕан хаалларбат!
Мирослав: — Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат,- диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
10). Фаина: (Чөӊөчөк үрдүгэр тахсар) — Хата, оннук эбит дуо? Ээх, дьэ куттас да куобахтаргыт! Ыллыыр:
Куобах, куобах барахсан
Ыркый ойуур быыьыгар
Сур бөрөну куттааммын
Ыллыы-туойа сылдьабын!
Бары : Сана дьылынан! Сана дьолунан! Куобах сыла аҕаллын: Ситиһиилэри, дьоллоох, эйэлээх олоҕу!
1). Куобахчааннар үӊкүүлэрэ;
2). Ымыылар үӊкүүлэрэ;
3). Тииӊнэр уӊкүүлэрэ;
4). Флешмоб – бары уӊкүүлүүллэр;
Приложение 3
Саха төрдө
(Былыргы саха норуотун номоҕор олоҕурбут театрализованнай туруоруу сценарийа)
Автор: Борисова М.Г.
Декорация—презентация: Туймаада хочото, ыраах ураьалар, дьоннор көстөллөр.
Сыана декорацията: Өрүс, сыгынах, туос ураһа, чэчирдэр, балаҕан иһэ, көмүлүөк оһох, олбохтор, туос, мас сахалыы иһиттэр, бүтэй, прожектор.
Оруолларга:
Автор тыла –Яковлева Эйнара
Омоҕой Баай оҕонньор – Максимов Егор
Күн-Түһэгэй эмээхсин-Дьячковская Сандаара
Эллэй Боотур-Максимов Лёня
Ньыкаа Харахсын (көйгө кыыс)- Иванова Фаина
Аан Чыӊыйа (мааны кыыс)- Гаврильева Алиса
Оһуокайдьыт – Гаврильев Мирослав
I уол – Гаврильев Мирослав
II уол – Васильев Дима
Массовка — былыргы сахалыы танастаах оҕолор;
(Сыанаа туос ураһа, бала5ан иннигэр Омоҕой,Күн-Түһэгэй эмээхсин кыргыттарынаан, кырыымаһыт олороллоро көстөр. Автор кырыымпа тыаьыгар доҕуьуоллатан кэпсиир).
Автор: — Былыргы дьыллар быралыйар мындааларыгар, урукку дьыллар улаҕа уорҕаларыгар үс саханы үөскэтэн, түөрт саханы төрөтөн, хонуу аайы хороҕор муостааҕы, сыһыы аайы сыспай сиэллээҕи тэнитэн, өбүгэлэрбит олорбуттара эбитэ үһү.
Ытык хайа тэллэ5эр Туймаада хочотугар Омоҕой Баай оҕолорунаан, эмээхсинэ Күн-Түһэгэйдиин байан-тайан, бур-бур буруо таһааран олорбуттар. (тахсан барар).
I көстүү: (Өрус, баал, уу тыаьа, кэҕэ этэрэ, чыычаах ырыата иһиллэр. Өрүс устун сыгынахха олорсон Эллэй устан иьэр. Кытылга тахсан тиксэр).
Эллэй:— Элбэх да уулаах дойду эбит. Манна тохтоон сынньанан, күүс-уох ылынан бардахха сатаныыһы.(Ыраах, кэлбит сирин диэки чарапчыланан көрөр).
— Аны мин ол дойдуга аймаҕым да уруум да суох, онон ол дойдуну «Суох уруу» — соҕуруу дойду диэн ааттыам. (Ураһалар диэки хаамар)
II көстүү: Сыанаҕа улахан туос ураһа, чэчир мастар тураллар.Сыана кэтэҕэр (презентацияҕа- хонуу, элбэх ураьалар, мыраан көстөллөр).
Омоҕой оҕонньор: — Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх тугу гына сылдьар киһигиний?
Эллэй: — Ыраах соҕуруу диэкиттэн иһэр, төрдүм-ууһум биллибэт киһибин. Уута элбэҕэ бэрдиттэн сиринэн буолбакка, өрүһүнэн сүүрук устун устан иһэбин. Ыраах айантан эстии, сылайыы да барда. Үлэни кыайабын, хамнас эҥин диэҥҥэ баҕарбаппын. Миигин сылгы таҥас иннигэр үлэлэтээйэллэр диэн кэлэн турабын.
Омоҕой оҕонньор: — Чэ, сылгы таҥас иннигэр үлэлиир буоллаххына, үлэлээ даҕаны. Онтон тугун-хайдаҕын көрөн иһиллиэ.
III көстүү: (Хараҥа балаҕан иһэ көстөр.Омоҕой дьиэ кэргэнинээн бааллар.Икки киьи буруону хааьахха хаалыы-хаалыы таьырдьа таьа сылдьаллар.).
Эллэй: — Дьиэлээхтэр кэпсээҥҥит? Хайа, бу тугу гына сылдьар дьонуй?(Соьуйар).
Омоҕой оҕонньор: — Балаҕымммыт иһэ буруота бэрт буолан, хааһахха хаалаан таһырдьа тастарабын.
Эллэй: — Дьэ кырдьык, киһи тулуйан олорбот буруота эбит (сетеллер) уонна күнүстэри-түүннри хараҥаҕа олорор дьон эбиккит. Омоҕой кырдьаҕас, көҥүллээтэргин дьиэҕит иһин сырдык, буруота суох гыныам этэ.
Омоҕой оҕонньор: — Саатар эрэ буоллаҕа ди, көҥүллүүбүн.
IV көстүү: (музыка:Хатылаевтар)
Автор:— Эллэй балаҕан үрдүн дьөлө охсон оһох оҥорбут. Муос сүгэнэн балаҕан эркиннэрин тэһэн түннүктээбит. Дьиэ иһэ сырдыы түспүт, салгынныын ырааһырбыт. (Эллэй киирэ-тахса оһох оӊорон биэрэр, эркиннэри дьөлүтэлээн түннүктэри оҥортуур).
Омоҕой оҕонньор:— Эмээхсиним Күн-Түһэгэй, өйдөөн-дьүүллээн иһит эрэ. Ити кэлии киһибит Эллэй үтүө киһи буолан биэрдэ. Үлэҕэ кыайыгас, булугас өйдөөх, тыла-өһө лоп-бааччы эбит диэн көрөбүн. Эн тугу этэрдээххин?
Күн-Түһэгэй эмээхсин:— Оннук, сөпсөһөбүн. Эллэй кэлиэҕиттэн дьиэбит салгынныын ырааһырда, ити кэннэ таһыттан күн сырдыгын киллэрэн, балаҕаммыт иһэ сырдаата.
Омоҕой оҕонньор:- Эмээхсин, арай ити күҥҥэ көрдөрбөккө маанылаан ииппит кыыспытын Аан Чыҥыйаны Эллэйгэ эргэ биэрдэхпитинэ?
Күн-Түһэгэй эмээхсин:- Бэрт сөпкө эттиӊ. Кэпсэтэн көр.
Омоҕой оҕонньор:(Сорук боллур уолга): — Нохоо, баран Эллэйи булан аҕал!(Эллэй киирэр, дорооболоһор).
Омоҕой оҕонньор:- — Дьэ, Эллэй, иһит эрэ, биһиэхэ үс сылы быһа сылгы таҥас иннигэр сирдэрбэккэ үлэлээн-хамсаан, олорон кэллиҥ. Икки кыыспытыттан талбыккын ойох ыл. Биһиэхэ күтүөт оҕо буолуоххун сөптөөх киһи эбиккин.
Эллэй:— Көҥүллүүр буолларгыт, сэмэй бэйэлээх, үлэһит үтүөтэ кыыскытын Ньыкаа Харахсынныын ыал буолабын.
Омоҕой оҕонньор:(кыыһырар)- Күтүр өстөөх! Туох баайдаах-дуоллаах буолан биһиги баар-суох мааны оҕобутун Аан Чыҥыйабытын сирдиҥ!
Күн-Түһэгэй эмээхсин:— Оҕом чыычааҕым, Аан Чыҥыйам барахсан төһө эрэ хомойоохтуур.
Омоҕой оҕонньор:— Иччэтигэр, Эллэй, иһит! Көтөх, муоһа суох ынаҕы, кутуруга суох биэни ылан бараҥҥыт бу дойдуттан киэр буолуҥ! (Эллэй, Ньыкаа Харахсынныын тахсан бараллар).
V көстүү: Чыычаах ырыата, кэҕэ саҥата, ынах маӊырыыра, сылгы кистиирэ иһиллэр. Эллэйдээх алаастара, күрүө көстөр. (Уоллаах кыыс үҥкүүлэрэ).
Эллэй Ньыкаа Харахсынныын ураһа аттыгар кэлэн олороллор. Эллэй кэргэнин туос ыаҕыйа тигэргэ үөрэтэр.
Эллэй:— Ньыыкаа, бастаан туоһу, сымнаҕас буоллун диэн арыыннан сотон биэр, оччоҕо бэртээхэй иһит буолуоҕа.
Ньыыкаа Харахсын:— Эллээй, бу эн тикпит туос ыаҕыйаҥ олус үчүгэй, мааны иһит буолбут. Эн сатаабатаҕыҥ диэн суох.
Эллэй:— Мантан ыла эн тикпит иһиттэриҥ өссө үчүгэй, мааны буолуохтара. Киһи киһиттэн көрөн үөрэнэр куолута.
Ньыыкаа Харахсын:— Эллээй, манна кэлэн туспа ыал буолан олорорбут олус да үчүгэй! Дьиэ-уот, күрүө-хаһаа бөҕөтүн тутуннубут. Ол эрэн ийэлээх, аҕабын, дьоннорбун а5ыннахпыын!
Эллэй:— Саннарҕаама, Ньыыкаа, ааспыкка бара сылдьан дьоҥҥун ыалдьыттата ыҥыртаабытым. Бу күннэргэ кэлэллэрэ буолуо. Чэ, хата кытаат туостаргын бэлэмннээн ис.
( Сылгылар кистииллэрэ, туйах тыаһа иһиллэр).
Ньыыкаа Харахсын: — Иэхэйбиин! Дьонум иһэллээр!
— Аҕаа, ийээ! Ыҥырыыбытын быһа гыммакка кэлбиккитигэр олус да үөрдүбүт!
(Ийэлээх аҕаларын ураһа иннигэр бастыҥ олбоххо сиэтэн илдьэн олордоллор).
Эллэй:— Бар дьонум! Самаан сайыммытын көрсө, ыал буолан уруурҕаспыппытын, дьиэ-уот туттубут малааһыммытын бэлиэтии кэлбиккитинэн ыһыах ыстахпыт буоллун!
— Уруй!
Бары:— Уруй!
Эллэй:— Айхал!
Бары:Айхал! -3 төгүл
(Кыргыттар олбохторун, иһиттэрин-хомуостарын туппутунан бары киирэн олороллор.Музыка тыаһыыр, аһыыллар).
Iуол:(Эт сии олорор)— Көр бу, Эллэйин сүөһүтүн этэ чыҥха атын амтаннаах эбээт! Бу эмиһин, минньигэһин көрүҥ!
IIуол:(Чороонноох кымыһы амсайар)– Тыый, бу туох уохтаах утаҕай? Маны хайдах оҥорор буолаҕыт?
Ньыыкаа Харахсын: — Бу утаҕы биэ үүтүн кыынньаран оҥоробут. Кымыс дэнэр.
Эллэй:(Улахан чороонтон хамыйа5ынан баһан кымыһы ыһа-ыһа алгыыр).
Самаан сайыммытын,
Ыҥырыылаах ыалдьыттарбытын көрсө
Күүгэнирэр уохтаах кымыспытынан
Ыһыах ыстахпыт буоллун!
Омоҕой оҕонньор:— Дьэ кымыс диэн кырдьык бэртээхэй утах эбит.( Бытыгын соттор). Чэ, эрэ быһыйдар, күүстээхтэр ханна бааргытый? Күөн көрсүһэр күрэхтэһиини саҕалааҥ!
(Кэҕэ этэрэ,чыычаах саҥата, хомус тыаһа иһиллэр).
1). Хапсаҕайдьыттар киирэллэр. (Мирослав, Дима)
2). Мас тардыһыыта (Алина, Айыына)
3). Атах оонньуута: Буур, куобах, кылыҥкай (Настя, Наташа,Рада)
4). Сахалыы «Битии» үҥкүү (Кыргыттар)
5). Оһуокай (Мирослав)
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
Саха омук саргыта
Самныбакка саланыа,
Урааҥхайбыт тойуга
Уостан уоска бэриллиэ,
Кылыһахтаах тойуга
Кыырпах саҕах кэриэтэ
Кыырай ыраах халлааҥҥа
Кылбарыйан кыырайыа,
Оһуо-оһуо-оһуокай!
Оһуокайдыыр оһуокай!
Эһиэ-эһиэ-эһиэкэй!
Эһиэкэйдиир эһиэкэй!
6). Хор: ырыа «Төрөөбүт төрүт тылбыт»
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Ийэ Мичээринии минньигэс,
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Аҕа алгыhыныы амарах,
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Элиэнэ эҥээрини эриэккэс,
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Алаас симэҕинии сиэдэрэй!
Оhуокайдыыр оhуокай,
Эhиэкэйдиир эhиэкэй.
Оhуокайдыыр оhуокай,
Эhиэкэйдиир эhиэкэй.
Этэҕэ- тэтэҕэ, иэрэҥ-дьиэрэҥ,
Холкуй-илкий, кубулуҥ- дьибилиҥ,
Балыа-будуу, оонньуур балаҕан,
Одулуур дохсун, дараҥа кээнчэ,
Дар-дар сыарҕа, чуо-чуо чолбон,
Эрэгэнэ дьэргэл, араҕана доҕолон,
Этэҕэ- тэтэҕэ, иэрэҥ-дьиэрэҥ,
Холкуй-илкий, кубулуҥ- дьибилиҥ,
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Олонхо курдук алыптаах,
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Тойук курдук тутуулаах,
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Элиэнэ эҥээрини эриэккэс,
Төрөөбүт төрүт тылбыт
Алаас симэҕинии сиэдэрэй!
Оhуокайдыыр оhуокай,
Эhиэкэйдиир эhиэкэй.
Оhуокайдыыр оhуокай,
Эhиэкэйдиир эhиэкэй.
Төрөөбүт төрүт тылы
Харыстыаҕыҥ, оҕолоор!