ПРОКОПЬЕВ Семен Михайлович

ПРОКОПЬЕВ Семен Михайлович
ПРОКОПЬЕВ Семен Михайлович

ПРОКОПЬЕВ Семен Михайлович

(1926-2004)

Воинское звание — сержант

06.45 с. ыҥырыллыбыт, 06.50 с. эргиллэн кэлбит, 2004 с. өлбүт, Тиит Эбэҕэ көмүллүбүт

1926 сыллаахха I Дьөппөн тыатыгар, Мэндэ үрэх тардыытыгар сытар Сыырдаах алааһыгар Мэхээлэ уонна Ааныс Борокуоппайаптарга төрөөбүтэ. Үс сааһыгар ийэтэ өлбүтэ. Аҕалара үөрэхтээһин саҕаламмытыгар икки уолун уонна кыыһын үөрэттэрэ биэрбитэ. Сэмэн убайдарыттан үөрэнэн, оскуолаҕа киириэн инниттэн ааҕара. Сэттэ кылаастаах оскуоланы 1943 сыллаахха удаарынньыгынан бүтэрбитэ. Комсомол путевкатынан Алдаҥҥа горнай техникумҥа үөрэххэ ыыппыттара. Онно усулуобуйата мөлтөх буолан, үс табаарыһыныын күрээн дойдуларыгар кэлбиттэрэ. Ол сыл балык биригээдэтигэр сылдьыбыта.

Эһиилигэр Покровскайга 8-с кылааска үөрэнэ тахсыбыта. Ол дьыл 18 сааһын туолбут буолан, армияҕа барар бэбиэскэ туппута. Экзаменнарын эрдэ туттаран, бастакы борохуотунан айаҥҥа турбута.

Бииргэ ыҥырыллыбыт уолаттарын кытары Забайкальетааҕы тимир суол 76-с разъеһыгар 111-с танковай дивизия чааһыгар кэлбитэ. Ол эрээри тоҕо эрэ куорат иһэ уу-чуумпу этэ. Кэлин билбиттэрэ — дивизия фроҥҥа барбыт.

Ити курдук Семен Михайлович Саха сириттэн кэлбит икки уолу кытары 629-с туспа сапернай батальон састаабыгар сэриигэ кыттыбыта. Оччолорго атырдьах ыйыгар 111-с танковай дивизия Квантунскай армия биир улахан бөҕөргөтүүлээх сиригэр Хайларга сэриилэрин кыргыһыыга киллэрбитэ. Оттон армия сорох биригээдэлэрэ номнуо Улахан Хинганы туораан Порт-Артур диэки кимэн киирэн испиттэрэ. Саҥа кэлбит буойуттары тута Маньчжурияҕа тириэрпиттэрэ. Сапернай батальон суолу-ииһи, муосталары чөлүгэр түһэриинэн дьарыктаммыта.

Кэлин Семен Михайлович полк оскуолатыгар үөрэнэн сержант званиетын ылбыта уонна урут сулууспалаабыт сапернай батальонугар кэлбитэ. Биэс сыл устатыгар кини элбэҕи көрбүтэ-билбитэ, үгүскэ үөрэммитэ.

1950 сыллаахха армияттан демобилизацияламмыта, төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.

Семен Михайлович учуутал буолар баҕа санаалааҕа. Ол иһин сэрии иннинэ үөрэммит Покровскай орто оскуолатыгар үөрэҕин салгыырга санаммыта. Бастаан утаа кыра оҕолору кытта бииргэ үөрэнэриттэн кыбыста саныыра. Ол эрээри сыыйа-баайа үөрэммитэ. Бииргэ үөрэнэр оҕолоро кинини убаастаан “биһиги сержаммыт” диэн ааттыыллара.

Ити курдук үс сыл биллибэккэ ааспыта. Ситии-хотуу аттестатын ылар кэмэ субу тиийэн кэлбитэ. Семен Михайлович биир бигэ санааны ылынан докумуонун учуутал институтугар туттарбыта, үөрэххэ киирбитэ. Онтон физика-математика факультетын ситиһиилээхтик бүтэрэн төрөөбүт дойдутугар, I Дьөппөҥҥө, учууталынан ананан кэлбитэ. Ити кэмтэн ыла урут бэйэтэ үөрэммит оскуолатыгар отуттан тахса сыл үлэлээбитэ.

Итиччэ өр сылларга тыа сирин учуутала кырдьыар диэри сылайары билбэккэ үлэлээн, төһөлөөх оҕону үөрэтэн, иитэн таһаарбыта буолуой, төһөлөөх сыратын биэрбитэ буолуой! Семен Михайлович уруогун таһынан кылаас таһынааҕы иитэр үлэни кыайа-хото тутара. Оскуола үөрэнээччилэрин уонна учууталларын худжественнай салайааччыта, дэгиттэр спортсмен, лектор, профсоюз салайааччыта этэ.

Хара үлэлиэҕиттэн ыла Семен Михайлович оҕолор ортолоругар дуобат оонньууну тарҕатар сыалы-соругу туруорбута. Бэйэтэ бэртээхэй дуобатчыт буолан, оскуола иһигэр турнирдары кэрэхсэбиллээхтик тэрийэн ыыталыыра. Кини эрчийбит оҕолоро улуус уонна республика күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кытталлара.

Семен Михайлович аҥардас оҕолорунан муҥурдаммакка, улахан дьон ортотугар кытта саахыматы-дуобаты тарҕатара. Дуобаты кэрэхсээччилэри түмэ тардан улуус киинигэр буолар күрэхтэһиилэри биири да көтүппэт этэ. Семен Михайлович сыралаах үлэтинэн нэһилиэктэн хас да разрядтаах дуобатчыт үүнэн тахсыбыта буолар. Кырдьаҕас учуутал общественнай үлэтэ үрдүк сыанабылы ылбыта. Ол курдук кини физкультура уонна спорт улуустааҕы уонна республикатааҕы комитеттарын Бочуотунай грамоталарынан элбэхтик наҕараадаламмыта.

1987 сыллаахтан Семен Михайлович үтүөлээх сынньалаҥҥа тахсыбыта. Күһүн-саас бултан арахпат этэ. Кини бирииһигэр хаһыс да сылын улууска турнир ыытыллар.