ЛЬВОВ Дмитрий Архипович
ЛЬВОВ Дмитрий Архипович
(1922-1991)
08.1942 с. ыҥырыллыбыт, 1946 с. эргиллэн кэлбит, 1991 с. өлбүт, Тумул с. көмүллүбүт.
Алта уон сыллааҕыта буолан ааспыт Aҕa дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт буойуттар кэлин Кыайыы кэнниттэн араас дьылҕаламмыттара. Сэрии кыттыылааҕа, биµиги учууталбыт Дмитрий Архипович Львов туһунан бу кэлэн иµэр үбүлүөйүнэн сибээстээн мин суруйарга холоннум.
19 саастаах Миитэрэй Львов диэн Тумултан төрµттээх уолга, Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище балет артистарын үөрэтэр салаатын бастакы курсун үөрэнэн бүтэрээтин кытта, 1942 сыл сайыныгар сэриигэ барарын туһунан бэбиэскэ туттарбыттара. Бэлэмнэнии, байыаннай үөрэх кэнниттэн 1943 сыллаахха фроҥҥа саа-саадах тутан киирбитэ. Дьэ онтон ыла Орловскай-Курскай туһаайыынан Хотугулуу-Арҕааҥҥы, 2-с Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыһыыларга сэрии-сибиниэс силлиэтин силэйэн өcтөөҕү сууһарсыбыта.
Сэриилэспит чaaha 13-с отдельнай минометнай биригээдэ этэ, кэлин бу чаас 284-с полкатын маҥнайгы батальонун разведчигынан буолбута.
Маҥнайгы уот сэриигэ киирэригэр буойун, суруйааччы Тимофей Сметанинныын биир фроҥҥа түбэспитим диэн кэпсиирэ. Онон сылыктаатахха, Дмитрий Архипович суруйааччы «Егор Чээрин» диэн сэһэнигэр суруллар саха уолаттарын кытта бииргэ сэриилэспит эбит. Оттон Сунтаар уола Николай Николаевич Николаев диэн радист туһунан сэһэҥҥэ элбэхтик суруллубут. Кинилиин кэлин 80-с сыллардаахха суруйсан булсубуттар эрээри, Покровскайга болдьоспут кэмнэригэр сатаан көрсүбэккэ хаалбыттарын Миитэрэй бэркэ хомойон кэпсиир этэ.
Бу фроҥҥа бииргэ сэриилэспит Тимофей Сметанин бойобуой доҕотторунуун «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит суруктарыгар «Ийэ дойдубут, норуоппут эрэлин чиэстээхтик толоруохпут!» — диэбиттэрэ. Дмитрий Архипович ол сэрии ынырык сылларыгар сылдьан баҕарбыт баҕата, инникигэ дьулуура буолара саарбаҕаламмат.
Дмитрий Архипович сэриигэ буолбут араас дьулаан түбэлтэлэри санаатаҕына түүл түһээн баттатара, олус хараастан, хаһан да өйбүттэн сүппэттэр диэн оҕолоругар, дьонугар кэпсээхтиирэ. Ол курдук сэрииттэн быыс ылан эбиэт буһарына туран повара кинини туохха эрэ соруйбутугар, бара охсон кэлбитигэр, өстөөх буулдьата табан ол поварын төбөтүн илдьи көтөн ааспыт этэ. Онно кини сорудахха ыыппатаҕа буоллар, Миитэрэй да тыыннаах хаалара биллибэт.
Быыстала суох ытыалааһынтан куотан окуопаҕа үс суукканы хонноҕун аннынан ууга туран атаарбыттааҕым уонна улаханнык тымныйан, уһуннук эмтэнэн киһи буолбутум диэн эмиэ кэпсиирэ. Дьэ өлбөт киһи өлөн биэрбэт эбит диэн да сонньуйан ылара.
1946 сыллаахха муус устарга Кыһыл Сулус уордьаннаах, «Хорсунун иһин» мэтээллээх сэрииттэн төрөөбүт Тиит Арыытыгар төннүбүтэ.
Онтон кэлин мин Харыйалаахха сэттэ кылаастаах оскуолаҕа үөрэнэ кэлэрбэр физкультура учууталынан үлэлии сылдьар этэ. Бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, орто уҥуохтаах, дуоспуруннаах көрүҥнээх, байыаннайдыҥы куоластаах отуччалаах киһи биһигини физкультураҕа үөрэтэн барбыта. Кини онно анал үөрэҕэ суох этэ гынан баран, кыһаллара, оҕолору туох эрэ үчүгэйгэ үөрэттэрбин диэн санаалааҕа өтө көстөр эбит этэ. Уруок саҕаланыытыгар БГТО, ГТО нормативтарыгар киирсэр хамсаныылардаах гимнастиканы үөрэтэн оҥорор буолан барбыппыт, онтон программа быһыытынан араас спортивнай снарядтарга, сүүрүүгэ, ойууга, хайыһарга бэрт кичэллээхтик үөрэтэрэ. Оскуолаҕа араас концертар буоллахтарына гимнастическай пирамидалары үөрэтэн көрдөртөрөрө. Хас күн аайы үөрэхпит 10-15 мүнүүтэлээх зарядкаттан саҕаланара. Чуораан иннинэ oҕo барыта тахсан көрүдүөргэ кылаастарынан туран араас хамсаныылары ааҕыы хамаанданан oҥopop этибит. Мин оччоттон баччаҕа диэри кытыгыраспынан, сымсабынан аатырбатах, бэркэ кыһаллан «үс» сыанаҕа үөрэнэрбин өйдүүбүн.
Кэлин улаатан баран иһиттэхпинэ, Дмитрий Архипович олоҕор сүрдээх кытаанахтык олорор киһи диэн дьон кэпсэтэллэрэ. Армияттан кэлэн баран, Мотрена диэн олохтоох кыыһы сөбүлүү көрөн ыал буолбуттара. Вася диэн уол оҕоломмуттара. Оҕолоноот, кэргэнэ олус ыараханнык кыаммат буола ыалдьан уонча сыл сыппыта. Кэргэнин, кыаммат киһини, бүөбэйдээн аһатан-сиэтэн, дьиэтин-уотун көрө-көрө учууталлыыра. Онтон мин оскуоланы бүтэрэн Сиинэҕэ үөрэнэ барбытым. Онус кылааһы бүтэрэн кэлээт, пионер баһаатайынан үлэлиирбэр аны киниэхэ дьукаах курдук аҕыйах ый олорбутум. Онно кэргэнэ Мотрена Васильевна суох этэ.
Сэттэ уонус сыллар саҕаланыыларыгар үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, Покровскайга үлэлээн иһэн истибитим Дмитрий Архипович Тумулга алта оҕолоох Гаврильев Семен кэргэнин Аняны кэргэн ылан олорор диэн. Анна Дмитриевна кэпсииринэн, 1973 сыллаахха бэйэтэ дьиэлээх кып-кыра сылы сыллааҕы оҕолордоох дьахтарга кэлэн, бэйэтин Васятынаан сэттэ оҕолоох ыал буолбуттара. Бэрт үчүгэйдик оҕолору улаатыннартаан, үөрэхтээн сүүрбэччэ сыл олорбуттара. Үчүгэйдик олорбуттарын тyohyтa Дмитрий Архипович Анятыттан 1974 сыллаахха Сеня диэн уолламмыта. Улахан уола Василий Дмитриевич Львов билигин Тумул биир убаастыыр ыала, дьиэлээх-уоттаах, сүөһµлээх-астаах дьон. Кырата Сенята улуус дьаһалтатын биир тутаах үлэһитэ.
П. Архипов, 2005 с.