СКОРОХОДКИН Роман Васильевич

СКОРОХОДКИН Роман Васильевич
СКОРОХОДКИН Роман Васильевич

СКОРОХОДКИН Роман Васильевич

(1913-2008)

09.41 с. ыҥырыллыбыт, 03.42 с. эргиллэн кэлбит, 2008 с. өлбүт, Тиит Эбэ с. көмүллүбүт

1912 сыллаахха Уус-Алдан улууһугар төрөөбүтэ. Эрэйдээх оҕо сааһа дойдутугар ааспыта. Оскуоланы бүтэрэн Чурапчыга учуутал кууруһугар үөрэммитэ. Онтон дойдутугар Уус Алдаҥҥа, хоту, Усуйаанаҕа учууталлаабыта. 1936 с. 2 Дьөппөн оскуолатыгар ананан кэлэн үлэлээбитэ. 1941 сыллаахха Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыта. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр саҥа үөрэх дьылыгар кылааска киирэрин оннугар фроҥҥа аттаммыта. Дьоно-сэргэтэ, үөрэтэр оҕолоро кинини алгыы хаалбыттара. Ити сыл биһиэхэ барыбытыгар — фроҥҥа даҕаны, тыылга даҕаны — олус ыарахан кэм этэ. Маҥнайгы хотторуу, кэннинэн чугуйуу, элбэх куораттары, дэриэбинэлэри хаалларыы, улахан заводтары, фабрикалары сүтэрии, өлүү-сүтүү, хаан тохтуута… Маны барытын кыайан толору кэпсээбэппин. Маны барытын Роман Васильевич илэ хараҕынан көрбүт тыыннаах туоһу этэ.

1941 сыл бүтэн, 1942 сыл үүммүтэ, эмиэ биир алдьархайдаах, ынырык сыл. Тохсунньуга Новгородскай уобаласка Старай Русса аттыгар 137 стрелковай полка састаабыгар кырыктаах кыргыһыыга киирбитэ. Кини оччолорго аатырбыт «Максим» станковай пулемет маҥнайгы нүөмэринэн, биир дойдулааҕа саха киһитэ Иванов иккис нүөмэринэн этэ. Үчүгэйэ бэрт — иккиэн сахалар, иккиэн биир дойдулаахтар. Оборонаҕа уонча күн сыппыттарын кэннэ сарсыарда атаакаҕа барабыт диэн буолбута. Атаака диэн атаака. Бэлэмнэнии. Атаака иннинэ Роман Васильевич траншея устун баран истэҕинэ өстөөх снаряда түһэн «Максимнарын» тоҕу тэппит, көмөлөһөөччүтэ онно табыллан кыргыһыыттан бааһыран туораабыт. Киниэхэ пулемет биэрэ охсон, атаакаҕа бэлэм буолбут. Биэс күн кимэн киирии, иннин диэки барыы, төттөрү охсуллуу, аҕыс-балыс курдук солбуллан испиттэр. Ол аайы киһи бөҕө өлөр, алдьаныы-кээһэнии. Алтыс күнүгэр ручной пулеметунан ытыалыы-ытыалыы иннин диэки сүүрэн истэҕинэ, хаҥас илиитин тарбахтарын өстөөх буулдьата «үөрбээн» ааспыт. Бааһырбыт дьону сэрии толоонуттан таһааран истэхтэринэ, ситэн сиэбит курдук, аттыларыгар өстөөх снаряда түһэн, иккиһин бааһыран, контузияланан нэһиилэ санчааһы булларбыттар. Ол кэнниттэн биэс аҥар ый госпиталь — Ивановскай уобалас Родники куоратыгар.

1942 сыл алтынньы ыйга дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Саллааты урукку тапталлаах идэтэ — учуутал үлэтэ күүтэн турара. 1943 сыллаахха биһиги оройуоммутугар учууталлыы кэлбитэ.

Роман Васильевич үйэтин тухары төрөөбүт сахатын тылын уонна литературатын үөрэппитэ. Ити идэнэн учуутал институтун бүтэрбитэ. Үгүс ыччаты үөрэтэн, төрөөбүт тылларын таптыыр, билэр гына уһуйбута. Бэйэтин туйаҕын хатарар үөрэнээччилэрдээх.

Из характеристики учителя-фронтовика»: «Разработал свою методику преподавания якутского языка и литературы. Изучение нового материала проводилось на основе активного участия и самостоятельной работы самих учащихся. Учителем использовались самые различные методы и технологии обучения, что обеспечивало прочное, глубокое знание предмета и заинтересованность родным языком. Роман Васильевич своим примером и требовательностью умело активизировал внеклассное чтение художественной литературы.

Проводились различные экскурсии, наблюдения окружающего мира и по итогам систематически проводились творческие обобщения, сочинения. Так, например, «Зимой в лесу», «1 Жемконская деревня», «Приметы весны», «В колхозном поле», «Портреты одноклассников» и др. Окончил заочно Якутский учительский институт (1955 г.).

Доклады «Фонетический, морфологический и синтаксический разбор по якутскому языку в 5-8 классах», «Как я работаю без второгодников», «Повышение воспитывающей роли уроков литературы» отмечены жюри республиканских педагогических чтений и опубликованы в брошюрах ЯРИУУ. Высококвалифицированный учитель якутского языка и литературы Р.В. Скороходкин профессионально прорецензировал учебник «Якутский язык для 5-6 классов» авторов Дьячковского Н.Д., Афанасьева П.С, Сосина Г.Д.», – диэн суруллубут «Учууталлар энциклопедияларыгар» (2000 с.).

Роман Васильевич түөһүн билигин Аҕа дойду сэриитин II степеннээх уордьана, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Үлэҕэ туйгунун иһин” уо.д.а. мэтээллэр киэргэтэллэр. 1962 сыллаахха киниэхэ “Саха АССР үтүөлээх учуутала” диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Саха АССР Верховнай Советын Бочуотунай грамотатын икки төгүл ылбыта. Бу барыта кини бойобуой уонна өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин үрдүк сыанабылынан буолар.