ФЁДОРОВ Иван Архипович

ФЁДОРОВ Иван Архипович

(1919-1983)

 Политрук

07.41 с. ыҥырыллыбыт, 1942 с. эргиллэн кэлбит. 1983 с. өлбүт, Дьокуускайга көмүллүбүт

1919 с. төрүөх. Оччотооҕу оҕолор курдук оскуолаҕа үөрэнэн, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены бүтэрэн, 1935 с. учууталынан үлэтин саҕалаабыта. 1938 сылтан Нөөрүктээйи, Дьөппөн оскуолаларыгар үлэлээбитэ. Соҕотох кэриэтэ коммунист буолан, нэһилиэк общественнай олоҕор барытыгар кыттара, көҕүлээччинэн буолара. Партийнай сорудах быһыытынан туох баар тэрийэр үлэҕэ күүһэ, билиитэ тиийэринэн ылсан үлэлиирэ. Партия уураахтарын быһаарыы, дьоҥҥо тиэрдии — кини үлэтэ этэ. 1941 с. кэргэн ылбыта. Сайыныгар бастакы ыҥырыыга түбэһэн, сэриигэ барбыта. Челябинскай уобаласка Чебаркульга тиийэн политруктуу сылдьыбыта, онтон сүрэҕинэн сыыйан, төттөрү ыыппыттара. Кэлэн саҥардыы Сиинэ детдомугар директордаан эрдэҕинэ, 1942 с. партия райкомугар пропаганда салаатыгар ыҥыран ылбыттара. 1949-1953 сс. Өймөкөөн оройуонугар партия райкомун бастакы сэкэритээринэн, онтон үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрэн баран, 1955-1960 сс. Верхоянскайга сэкэритээрдээбитэ. 1960-1963 сс. профсоюзнай үлэҕэ быыбарданан үлэлээбитэ. 1963-1980 сс. Саха АССР Министэрдэрин Сэбиэтин аппараатыгар үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Иван Архипович 3-с ыҥырыылаах Саха АССР үрдүкү Сэбиэтигэр депутатынан талыллан үлэлээбитэ.

Уһун сыралаах үтүө суобастаах үлэтин иһин Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан, «Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэ ветерана» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, «Саха АССР норуотун хаһаайыстыбытын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат иҥэриллибитэ. 1983 с. олохтон туораабыта. Иван Федорович кыргыттара дьоҥҥо кэрэхсэтэр үлэһиттэр. Сиэннэрэ эһэлэрин олоҕун салгыыллар.

Ахтыы

«…Бастакы учууталым Иван Архипович Федоров туһунан хайаан да ахтан аһарыахпын баҕарабын. Кини кэлин I Дьөппөн оскуолатыгар эмиэ учууталлаабыта. И.А. Федоров сэрии сылларыттан саҕалаан, түөрт уонча сыл эппиэттээх партийнай, советскай үлэлэргэ сылдьыбыта итиэннэ олох соторутааҕыта республиканскай суолталаах пенсияҕа тахсыбыта.

А.И. Яковлев,

Е.М. Ярославскай аатынан республикатааєы

журналистскай бириэмийэ лауреата