АФАНАСЬЕВ Георгий (Егор) Васильевич

АФАНАСЬЕВ Георгий (Егор) Васильевич

1922 сыллаахха РСФСР састаабыгар Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республиката үөскээбитэ. Онон инники кэккэҕэ сылдьар хаҥаластар 1922 сыллаахха балаҕан ыйыгар Арҕаа Хаҥалас ревкомнарын съеһин ыыппыттара уонна улахан болҕомтону үөрэхтээһин сайдыытыгар уурбуттара. Саҥа олоҕу кытта дьүөрэлээх оскуолалары арыйарга уураах ылыммыттара. 1923 сыллаахха 2 Малдьаҕардар саҥа укулааттаах оскуолалары туруорсан арыйбыттара. Онон 1923 сыллаахха арыыга «Харыйа Иһигэр» чааһынай киһи, Герасимов Николай Павлович, дьиэтигэр уон биэс үөрэнээччилээх 2 кылаастаах оскуола аһыллыбыта. Оскуола бастакы сэбиэдиссэйинэн Афанасьев Георгий Васильевич үлэлээбитэ. Кини Арҕаа Хаҥалас II Маалтааны нэһилиэгэр (билиҥҥи Чараҥҥа) төрөөбүтэ.

Учуутал үөрэҕин Дьокуускайга баһылаан, дойдутугар тахсан учууталлаан барбыта.