ЗАБОЛОЦКАЙ Михаил Трофимович
ЗАБОЛОЦКАЙ Михаил Трофимович
(1917-2003)
Воинское звание — лейтенант
06.42 с. ыҥырыллыбыт, 06.46 с. эргиллэн кэлбит. 2003 с. өлбүт, Дьокуускай к. көмүллүбүт.
Михаил Трофимович 1917 сыллаахха Арҕаа-Хаҥалас улууһун I Дьөппөн нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1936 сыллаахха Дьокуускайдааҕы учуутал институтугар историк-географ идэтин баһылаан, төрөөбүт улууһугар Булгунньахтаах 7 кылаастаах оскуолатыгар анаммыта. Оччотооҕу кэм ирдэбилинэн, партия ыйыытынан сиртэн сиргэ, оскуолаттан оскуолаҕа көһө сылдьан учууталынан, директорынан, үөрэх салаатын инспекторынан түөрт сыл үлэлээбитэ.
Онтон 1940 сыллаахха төрөөбүт нэһилиэгэр история, география учууталынан ананан тахсыбыта. Бу дьыл олоҕун аргыһын, учуутал институтун бүтэрбит Вера Матвеевнаны көрсөн олохторун холбообуттара.
Михаил Трофимович нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттара. От, ыһыы, хомуур үлэтигэр үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин кытары тардан үлэлэтэр үгэстээҕэ.
Ити курдук көхтөөхтүк, айымньылаахтык үлэлээн истэҕинэ арҕаа сэрии этиҥэ эппитэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ыар, унньуктаах уһун сыллара саҕаламмыттара. Дьон чулуута, чэгиэнэ, эдэрэ Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммута. 1942 сыллааҕы бэс ыйыгар киэҥ ыҥырыыга түбэһэн Михаил Трофимович армияҕа барар буолбута.
Борохуотунан, тимир суолунан айаннаан элбэх ахсааннаах саха дьонун кытта Челябинскай уобалас Чебаркуль станциятын таһыгар баар саппаас полкаҕа тиийбитэ. Бу ыҥырыллыбыт дьону сыымайдыыр, үөрэтэр уонна фроҥҥа эбэтэр байыаннай үөрэххэ салгыы ыытар учебнай полк этэ. Манна 45 уонна 82 миллиметрдээх минометтары үөрэтэн, куһаҕана суохтук ытар буолан сержант аатын ылбыта.
Аҕыйах хонон баран Арҕаа Хаҥалас Сиинэ олохтооҕо Күүстээх Бааска диэн дьаам киһитинээн Сталинградскай танковай училищеҕа ананан Курган куоракка айаннаабыттара. Бу кылгатыллыбыт кэмнээх кууруһу бүтэрэн, Челябинскай танковай заводтан танка уонна экипаж ылан Арҕаа фроҥҥа барбыта. Онно 1 гвардейскай механизированнай корпус, 2-с оһуобай гвардейскай механизированнай биригээдэ састаабыгар киирэн, 19-с танковай полкаҕа, танка командирынан анаммыта. Бу байыаннай чаас Советскай сэбилэниилээх күүстэр главнай командованиетын резервэтигэр киирсэрэ. Онон главнай командование дьаһалынан ханна сэриигэ кимэн киирии уһулуччу наада буолар хайысхаларыгар ыытыллара.
Кини чааһа аан маҥнай 1942 сыллаахха кыһын Сталинградскай кыргыһыыга генерал Паулюс командованиелаах фашистскай армияны тулалааһыҥҥа кыттыыны ылбыта. Ити кэнниттэн Михаил Трофимович танковай чааһа Соҕуруулуу-Арҕаа фронт састаабыгар киирэн Украинаны босхолооһуҥҥа барбыта. Бастакы соругунан таас чохтоох Донбаһы босхолооһун этэ. Донбасс иһин икки өттүттэн улахан дьаныардаах уһун сэрии турбута. Михаил Трофимович Донбасс сиригэр хас да кыргыһыыга кыттыбыта. Чернай Валка оройуонугар немец пехотнай группировкатын үтүрүйүүгэ кыттыыны ылбыта.
Онно фашистар инники обороналарын туораан, иккис эшелоннарын урусхаллаан, хас да артиллерискай расчеттары суох оҥорбуттара. Кинилэр кэннилэриттэн пехота төгүрүтүллүбүт фашистары сэриилээн ылбыта.
Биирдэ командование бирикээһинэн Михаил Трофимович экипаһа немец тыылыгар дириҥ разведкаҕа барбыта. Немецтэр инники кирбии траншеяларын үрдүнэн ааспыттар. Кинилэр сыаллара: немец хайдах обороналааҕын, ханна туох огневой точкалардааҕын билиэхтээхтэрэ. Немец тыылыгар балайда сири айаннаабыттара. Лаппа сарсыарда өстөөхтөр пушкаларынан уонна пулеметтарынан ытыалаан барбыттара. Кинилэр 76 мм пушкаларынан, икки пулеметтарын уотунан сүүрдэн иһэн харса суох ытыаласпыттара. Уонна капитан бирикээһинэн немецтэр передовойдарын эмиэ үрдүлэринэн көтүтэн дьонноругар төннүбүттэрэ. Кэлэн баран танкаларын көрбүттэрэ, биир уҥа опорнай каток көлүөһэлэрэ суох, хас да сиринэн снаряд түспүт суола хаалбыт этэ.
Капитан картатыгар бэлиэтэммит разведданнайы командованиеҕа туттарбыта. Кинилэр экипажтарыгар махтал биллэриллибитэ.
1943 сыл сааһыгар 2 Украинскай фроҥҥа түбэһэн, танк командира дуоһунастаах инники кирбиигэ кыргыһара. Ол сылдьан Донбаһы босхолооһуҥҥа улаханнык бааһыран, немец билиэнигэр түбэспитэ.
“Онтон ыла үйэ аҥара ааста” – диэн кинигэтигэр өстөөх билиэнигэр 3 сыл устата төһөлөөх эрэйи-муҥу, атаҕастабылы көрсөн сылдьыбытын киэргэппэккэ, күүркэппэккэ туох баарынан суруйбута. Бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларын, иитиллибит идеалларын иһин өлөллөрүн да кэрэйбэккэ туран охсуспут советскай буойуннар өстөөх баһылаабыт Европатын дойдуларыгар үүрүллэн сылдьаннар кыайыыга эрэллэрин биир да түгэҥҥэ сүтэрбэтэхтэрин дьиҥнээхтик тиэрдибитэ.
Билиэнтэн 1945 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр Америка сэриилэрэ босхолообуттара. Босхолонон баран хорсун-хоодуот байыас американецтардыын эсэсовецтар тобохторун эккирэтэн, баҕа өттүнэн Италияҕа барсан үс ый сэриилэһэн, атырдьах ыйыгар Уфа куоракка кэлбитэ.
Тапталлаах, ахтылҕаннаах Сахатын сиригэр Кыһыл Сулус, Аҕа дойду сэриитин уордьаннардаах, элбэх мэтээллээх 1946 сыл ахсынньытыгар эргиллибитэ. Төрөөбүт дойдутун булаат, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн, өр сылларга директорынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1965 сыллаахха “Саха АССР үтүөлээх учуутала” үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ.
Михаил Трофимович бэйэтин үлэтин таһынан суруйуунан, тылбааһынан дьарыктаммыта. Ол курдук “Үйэ аҥара анараа өттүгэр”, “Сахаарка сатабыллаах сырыылара”, “Остуоруйалар”, “Быһылааннаах айан”, “Ыаһах Ыстапаан көрдөөх кэпсээннэрэ”, “Өйдөр уонна мэйиилэр”, “Ымыы уонна чооруос”, “Дьиҥнээх доҕор” кинигэлэр автордара. 7-8 кылаас биологиятын учебнигын, В. Бианки “Мурзик” кэпсээннэрин тылбаастаабыт үтүөлээх.
Өстөөх билиэнигэр түбэспит саллааттар ахтыыларын хомуйан Михаил Трофимович Заболоцкай, Михаил Андреевич Алексеев, Вера Кирилловна Захарова, үһүөн бэйэлэрин үптэринэн “Трижды умиравшие” диэн кинигэни 2000 сыллаахха бэчээттэтэн таһаарбыттара. Сахалыы бу кинигэни “Өлүүнү үс төгүл көрсүһүү” диэн ааттыахха сөбө буолуо. Маҥнайгы төгүлүн өстөөҕү кытары хабар киирсиигэ, иккис төгүлүн – немец билиэнигэр, үһүс төгүлүн – дойдуларыгар төннөн кэлэн дьон кырыы харахтарынан көрүүлэригэр түбэһии.
Михаил Трофимович кэргэнинээн Вера Матвеевналыын 11 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэттэрэн, дьоҥҥо биһирэнэр үтүө үлэһит дьон оҥортообуттара.
Кинилэри бүттүүн ылан көрдөххө — удьуор учууталлар, уран тарбахтаах уустар, художниктар. Кинилэр олохторун сиэннэр, хос сиэннэр салгыыллар.
Ахтыылар
Биир маннык түгэни ахтарыгар, Заболоцкай М.Т. үөрэнээччитэ бу курдук суруйар: «Биһиги оскуолабытын бүтэрэрбитигэр директордаабыт Заболоцкай М.Т. оччотооҕуга эдэрэ, эриэккэс, номоҕон дьүһүнэ, куруутун үөрэ-көтө сылдьара оҕолору бэйэтигэр тардара.
Үөрэх салаатыгар инспектордыы сылдьан кэлбит диэн улаханнык салла истэр этибит. Инспектордар диэн сүрдээх ирдэбиллээх, кытаанах дьон быһыытынан өйдөнөллөрө. Михаил Трофимович биһигини салгыы үөрэнэрбитигэр, обществоҕа туһалаах дьон буоларбытыгар истиҥ тыллары этэрэ. Эһиилигэр Михаил Трофимович сэриигэ ыҥырыллыбыта. Сэриигэ дьон барыыта, биллэн турар, олус кутурҕаннаах быһыы буолара. Барааччылар да наһаа уйадыйаллара, оттон хаалааччылар — дьахталлар, эмээхситтэр, оҕонньоттор, оҕолор — айманаллара киһи сатаан кэпсээбэт үлүгэрэ этэ. Оннук уустук балаһыанньаҕа биһиги директорбыт Михаил Трофимович сабыс — саҥа военнай гимнастерка, пилотка кэппит этэ, итиэннэ санаа түһүүтүн күлүгүн да көрдөрбөккө, уруккутун курдук күлэ-үөрэ дьонун-сэргэтин кытта бырастыылаһан барбытын киэн туттан өйдөөн хаалбыппыт…»
-«Дьэ бу үөрэхтээх, сайдыылаах киһи быһыыта»,- диэбиттэрэ кырдьаҕастар. Бу сурук автора Афанасий Михайлович Яковлев — журналист, «Лена маяктара».
Михаил Трофимович история уруогун киһи өйүгэр олус түһүмтүөтүк кэпсиирэ. Былыргы Рим, Греция полководецтарын, кыргыһыылар буолбут сирдэр ааттарын, сылларын дуоскаҕа суруйан эрилиҥнэтэрэ. Оччолорго историяҕа учебник оҕолорго баарын өйдөөбөппүн. Учууталбыт кэпсээбитин сиһилии истэрбит. Бэйэм чааһым, историяҕа мэлдьитин үчүгэйдик үөрэммитим. Ити сыл саҥа предмет үөрэтиллэр буолан, тыа хаһаайыстыбатын массыыналарын эмиэ кини билиһиннэртээбитэ. Тиит Эбэ ойуурун кэтэҕэр “Ой” аатынан холкуос массыыналара турар сарайдарыгар тиийэн, уруккуттан көрөр-билэр, соччо уустуга суох массыыналарбытын бары чаастарын дьиҥнээх ааттарын дьэ истибиппит, билбиппит. Биир кэмҥэ кини физиканы үөрэппитин эмиэ өйдүүбүн. Электричество туһунан барарбытыгар уруок кэнниттэн хаалан, өр хасыһан Морзе аппаратын курдугу таҥаммыт, сэргэ кылааска олороммут точка, тире көмөтүнэн тыл таһааран кэпсэппиппит, онтон улаханнык дьиктиргээбитим да, үөрбүтүм да.
Ол курдук, кини миэхэ тус бэйэбэр үөрэххэ-билиигэ күүстээх дьулууру көбүппүтэ, общественнай олоххо кыттарбытыгар кини биһиэхэ, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр, эмиэ бастакы үөрүйэхтэри көрдөрбүтэ.
Кириллин Д.В.,
Дьокуускай куорат, 2003 с.