«Талаан» саха фольклорун куруһуогун барыла
«Сказка» уһуйаан оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору сахалыы тыыҥҥа
иитэр үлэтин уопутуттан
Киирии тыл
Хайа баҕарар омук сайдар тирэҕэ – тылынан уус-уран айымньыта: олоҥхо, остуоруйа, таабырын, өс хоһооно, ырыа-тойук, оһуохай, чабырҕах уо.д.а. Билигин төрүт культура үүнэр-сайдар, саха норуотун фольклора, тыла-өһө сөргүтүллэр, саҥа тыыннанар кэмэ. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин төрөөбүт тылын, култууратын, искусствотын билбэт буоллаҕына, норуотун ис дууһатын өйдүүрүгэр, инникитин киһи быһыытынан сайдыытыгар, атын омук тылын үөрэтэригэр, уопсайынан барытыгар – ыарахан буолар.
Оҕо сайда улаатарыгар ордук суолталаах кэмэ – оскуолаҕа киириэн иннинээҕи сааһа буолар. Онон төрөппүттэр, оҕо тэрилтэлэрин иитээччилэрэ билиҥҥи сайдыылаах кэм бары кыаҕын аттаран, норуот педагогикатыгар тирэҕирэн, табыгастаах суолу-ииһи, ньыманы таба туһанан үгүс үлэни ыыталлара ирдэнэр.
Биһиги улууспутугар араас омуктар олороллорун, үгүс саха оҕолоро бэйэлэрин төрөөбүт тылларын билбэттэрин, нууччалыы саҥаралларын учуоттаан, норуот уус-уран айымньытыгар интиэриэһи үөскэтээри, оҕолорго төрөөбүт тыл дириҥин, ийэ тыл имэҥин иҥэрээри, 2017 сыллаахха уһуйааммытыгар сахалыы «Талаан» диэн фольклорнай куруһуок тэрийбиппит.
Куруһуок улахан, бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар ананар, нэдиэлэҕэ биирдэ 30 мүнүүтэлээх дьарык ыытыллар.
Куруһуокпут сыала: фольклор көмөтүнэн оҕо бэйэтин саха омук быһыытынан билинэрин, төрөөбүт тылын учугэйдик баһыйарын ситиһии.
Куруһуокпут соруктара:
- фольклор жанрдарын оҕо истэн араара үөрэнэрин ситиһии;
- фольклор айымньыларын көмөтүнэн оҕо тылын байытыы, уустаан-ураннаан сахалыы саҥарар, кэпсэтэр дьоҕурун сайыннарыы;
- оҕо дьоҕурун тобулан, талаанын сайыннарыы;
- норуот айымньыларын геройдарын үтүө холобурдарын сиэр-майгы өттүнэн иитиигэ көдьүүстээхтик туһаныы.
Биһиги уһуйааммытыгар алта бөлөх баар, онтон үһэ сахалыы, үһэ нууччалыы тыллаах.Үөрэх сыла саҕаланыытыгар оҕолору икки бөлөххө араарбыппыт: куруһуокка сылдьар оҕолор уонна сылдьыбат оҕолор бөлөхтөрүгэр. Оҕолор саха норуотун фольклорун төһө билэллэрин быһаарар тест (мониторинг) ыыппыппыт.
Оҕо ыйытыыга толору эппиэттээтэҕинэ – 2 баал (үрдүк); ситэтэ суох эппиэттээтэҕинэ – 1 баал (орто), эппиэт суох буоллаҕына – 0 баал (намыһах) туруоран тест тумугун быһаарбыппыт.
Куруһуокка сылдьыахтаах оҕолор Сылдьыбат оҕолор
Үрдүк баал – 0% Үрдүк баал – 0%
Орто баал – 28% Орто баал – 28%
Намыһах баал – 71,4% Намыһах баал – 71,4%
Тест түмүгэ көрдөрбүтүнэн, оҕолор бары билиилэрэ намыһах таһымнааҕа арылхайдык көстөн кэлбитэ. Ону учуоттаан, былаан оностон, дьарыктары ыытан, бырайыакпыт иһинэн куруһуок үлэтин саҕалаабыппыт.
Дьарыктар ыытыллар ньымалара:
- тылынан: бэсиэдэ,кэпсэтии, быһаарыы;
- көрдөрөн: хартыыналары, иллюстрациялары, видео-матырыйааллары көрдөрүү, тойуксуттар,ырыаһыттар,олоҥхоһуттар толорууларын иһитиннэрии;
- оҥорон көрүү: тыынар органнарга эрчиллиилэри оҥотторуу, сирэйи-хараҕы, уоһу-тылы эрчийии, артикуляционнай гимнастиканы оҥотторуу, ыллатыы, уруһуйдатыы, үҥкүүлэтии.
Дьарыктар тиэмэлэрэ:
- өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын кытта билиһиннэрии;
- дьиэ-уот, туттар-тэрил, иһит-хомуос, таҥас-сап;
- сахалыы сиэр-туом;
- олоҥхо. Олоҥхоһут. Олоҥхолортон быһа тардыы “Дьурулуйар Ньургун Боотур”, «Эрчимэн Бэргэн»;
- норуот ырыата. Тойук – дьиэрэтии, дэгэрэҥ ырыалар;
- саха норуотун музыкальнай инструменнара (хомус, күпсүүр, дьаҕаа, сиксиир уо.д.а.)
Онтон да атын араас тиэмэлэринэн биир сылга аттарыллан баай ис хоһоонноох үлэ барар (1, 2 сыһыарыылар). Бастаан кылгастык саха сиэрин-туомун кытта билиһиннэрииттэн саҕаланар, онтон салҕыы саха фольклорун уус-уран айымньыларын араас көрүҥүн кытта билсиһии буолар.
Дьарыктар ис хоһооннорун холобурдаан көрдөрүүм. “Өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын кытта билиһиннэрии. Дьиэ-уот, туттар тэрил” диэн тиэмэни бэсиэдэ ньыматынан ыытабын, өбүгэлэрбит дьиэлэрин-уоттарын, туттар тэриллэрин туһунан кэпсиибин, хартыыналары көрдөрөбүн. «Саха инструменнара. Хомус» диэн тиэмэни хомус туһунан кэпсээн, хомуска оонньоон иһитиннэрэн, оҕолору бэйэлэрин оонньотон көрөн арыйабын (атын дьарыктар ис хоһооннорун 2 сыһыарыыга көруҥ).
Кыра оҕоҕо олоҥхо ордук өйдөннүн диэн, Е.П.Чехордуна «Олоҥхо дойдута» диэн хомуйан оҥорбут ойуулаах кинигэтигэр олоҕуран, уһуйааммытыгар Күлүк театра оҥоһуллубута. Оҕоҕо олус үчүгэйдик өйдөнөр, интэриэһин тардар гына суруллубут кинигэ буолан, оҕолору кытта үлэҕэ олус туһалаах. Куруһуок кыттыылаахтара ол кинигэттэн быһа тардан, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон геройдар тылларын нойосуус үөрэтэн, кыра бөлөх оҕолоругар бэйэлэрэ саҥаран, куукулалары хамсатан, Күлүк театрын көрдөрөн үөрдэллэр-көтүтэллэр.
Ону таһынан, урукку кэмнээҕи оонньууга маарыннатан, «Боотурдар» диэн остуол оонньуутун толкуйдаан оҥорбуппут. Бу оонньууга оҕолор кумааҕыттан кырыллыбыт боотурдары уостарынан үрэн туһуннараллар, ким боотура тиэрэ барбыт – ол оҕо кыайтарар. Бу оонньуу туһата – уһун тыыннаах буоларга эрчиллии. Оҕолор хаһан баҕарар сынньалаҥ кэмнэригэр оонньуохтарын сөп.
Бу куруһуок өссө биир сыалынан оҕолору араас фольклор күрэхтэригэр кытыннарыы буолар, дьэ онно үлэбит түмүгэ арылхайдык көстөр. Оҕо араас күрэхтэргэ кыттан истэҕин аайы аһыллан иһэр, сыанаҕа холкутук тутта-хапта үөрэнэр, бары өттүнэн сайда улаатар. Эрдэттэн оҕолор саастарыгар сөптөөх репертуар талыллар уонна сыанаҕа тахсар таҥас толкуйданар. Манна барытыгар биһиги төрөппүттэри кытта үлэлиибит. Кинилэр биһиэхэ улахан күүс — көмө буолаллар: ырыа тылын оҕолоругар нойосуус үөрэтэллэриттэн саҕалаан, таҥас-сап булуутугар, тигиитигэр тиийэ. Төрөппүтү кытта биир ситимҥэ эрэ үлэлээтэххэ улахан сыал-сорук ситиһиллэр.
Түмүк
Үөрэх сыла бүтүүтэ хонтуруолунай тест ыытыллар. Ол түмүгэ көрдөрүнэн, фольклор куруһуогар сылдьыбыт оҕолор таһымнара быдан үрдээбитэ көстөр. Оҕолор сахалыы холкутук саҥарар, кэпсэтэр буолаллар, тылларын саппааһа элбиир, саха фольклорун туһунан билиилэрэ кэҥиир, бары өттүнэн аһыллаллар, сыанаттан толлубат, холкутук туттар-хаптар буолаллар, сахалыы эйгэлэрэ сайдар.
2018 сыллаахха ыытыллыбыт тест түмүгэ
Куруһуокка сылдьыбыт оҕолор бөлөхтөрө Куруһуокка сылдьыбатах оҕолор бөлөхтөрө
Үрдүк баал – 85,7 % Үрдүк баал – 14,3 %
Орто баал – 14,3 % Орто баал – 71,4 %
Намыһах баал – 0,0 % Намыһах баал – 14,3 %
Норуот уус-уран айымньыта – биһиги бараммат баайбыт, атын омуктартан уратыбыт, норуот быһыытынан инники кэскилбит. Саха оҕото кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт норуотун култууратын этигэр хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт дойдутун буоруттан силис тардан, ыллыыр туойар дьоҕурун сайыннардаҕына, олоҥхону истэ-билэ улааттаҕына, саха омук сүтэн — симэлийэн хаалбакка, эдэр көлүөнэ ыччаппыт иннин диэки дьулуһуо. Ол туһугар биһиги, иитээччилэр, үлэлиибит-хамсыыбыт. Онон, саха кэнчээритин иитиигэ “Талаан” фольклор куруһуога күүс-көмө буоларыгар эрэллээхпит.
М.С. Кривошапкина, 2 нүөмэрдээх
«Сказка» уһуйаан иитээччитэ
1 сыһыарыы
Дьарыктар тиэмэлэрэ
1.Өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын кытта билиһиннэрии.
-дьиэ-уот,туттар-тэрил,иһит-хомуос, таҥас-сап. Сахалыы иһит-хомуос, таҥас-сап.
- Сахалыы сиэр-туому кытта билиһиннэрии.
- Майгы.
- Олоҥхо. Олоҥхоһут. Олоҥхолортон быһа тардыы “Дьурулуйар Ньургун Боотур”, «Эрчимэн Бэргэн».
- Норуот ырыата. Тойук – дьиэрэтии, дэгэрэҥ ырыалар.
- Саха норуотун инструменнара (хомус, күпсүүр,, дьаҕаа, сиксиир уо.д.а.)
- Саха остуоруйата,остуоруйалаһыы.
- Чабырҕах, чабырҕахсыттар.
- Өс хоһоонноро, өс хоһооннорунан кэпсэтии.
- Саха суруйааччылара, хоһоон алыптаах эйгэтигэр уһуйуу, хоһоон ааҕыытыгар күрэх.
17.Угэ
- Остуол оонньуулара(хаамыска, хабылык, тыксаан уо.д.а).
- Таабырыннар.
- Ыһыах.
21.Саха таптыыр үҥкүүтэ – оһуокай.
22.Өбүгэлэрбит оонньуулара(хамсаныылаах оонньуулар-Ойбонтон уулааһын, Хайах хостооһуна, хотойдоһуу уо.д.а)
- Тумук — Ыһыах (айылҕаҕа тахсыы).
2 сыһыарыы
Куруһуок сыллааҕы былаана
Буолар күнэ |
Тиэмэтэ |
Дьарыктаныы ис хоһооно |
Алтынньы – 1 нэдиэлэ |
1. Өбүгэлэрбит олохторун –дьаһахтарын кытта билиһиннэрии. Дьиэ-уот, туттар тэрил. |
Бэсиэдэ. Өбүгэлэрбит дьиэлэрин-уоттарын ,туттар тэриллэрин туһунан кэпсэтии.Хартыыналары көрдөрүү |
2- нэдиэлэ |
2. Сахалыы иһит-хомуос, таҥас-сап |
Бэсиэдэ. Иһит-хомуос,таҥас –сап туһунан кэпсэтии. Хартыыналары көрдөрүү. Уруһуйдатыы |
3- нэдиэлэ |
3. Сахалыы сиэри-туому кытта билиһиннэрии |
Айыы үөрэҕэ уонна алгыстар. Остуоруйа курдук оҕолорго билиһиннэрии, өйдөтүү. |
4- нэдиэлэ |
4. Майгы |
«Айыы аартыгын арый, күн уотун тутус» — судургу тылынан-өһүнэн сиэр-майгы, тутта-хапта сылдьыы бэрээдэгин туһунан кэпсэтии, (быраабылалар-сүө) үөрэтии. |
Сэтинньи – 1 нэдиэлэ |
5. Олоҥхо |
Олоҥхо диэн тугуй? Олоҥхо туһунан кэпсэтии. Дьурулуйар Ньургун Боотур олоҥхоттон быһа тардан ааҕыы (Е.П.Чехордуна хомуйан оҥорбут ойуу-кинигэтиттэн. Дь;Бичик,2006.-64с) |
2- нэдиэлэ |
6. Олоҥхоһут |
Олоҥхоһут диэн кимий? Араас улуус олоҥхоһуттарын туһунан билиһиннэрии. Олоҥхолортон быһа тардан иһитиннэрии (аудио,видео записьтар). |
3- нэдиэлэ |
7. Олоҥхо – «Дьурулуйар Ньургун Боотур» |
Күлүк театра. Ньургун Боотур олоҥхоттон быһа тардан нойосуус үөрэтии,толотторуу. (Е.П.Чехордуна хомуйан оҥорбут ойуу-кинигэтиттэн. Дь;Бичик,2006.-64с) |
4 – нэдиэлэ |
8. «Эрчимэн Бэргэн»олоҥхо. |
Олоҥхоттон быһа тардан ааҕыы, ис хоһоонунан оҕолору хамсатыы. Хас биирдии хамнаныы иннинэ иитээччи олоҥхо тылын этэр, оҕо хатылыыр. Кэлин үөрэнэн истэҕин аайы оҕо бэйэтэ этэр буолар. Хамнаныылар холкутук тыынан,ыксаабакка оҥоһуллаллар, оҕо сайдыытын көрөн уустугурдан иһиэххэ сөп. |
Ахсынньы – 1 нэдиэлэ |
9. Норуот ырыата.Тойук –дьиэрэтии ырыа. |
Олоҥхо, олоҥхоьут — хатылааһын. Тойуксуттары иһитиннэрии, тойук диэн тугун быһаарыы, норуот ырыаһыттарын билиһиннэрии. |
2 – нэдиэлэ |
10. Норуот ырыалара-дэгэрэҥ. |
Дэгэрэҥ ырыалары иһитиннэрии. Норуот ырыаларын үөрэтии, ыллатыы. |
3 – нэдиэлэ |
11. Саха инструменнара. Хомус. |
Бэсиэдэ. Хомус. Хомус туһунан кэпсэтии, оонньоон иһитиннэрии, оонньотуу. |
4 – нэдиэлэ |
12. Саха инструменнара. |
Күпсүүр, дьаҕаа, сиксиир, кырыымпа, дүҥүр – көрдөрүү, үөрэтии, оонньотуу. |
Тохсунньу – 2 нэдиэлэ |
13. Саха остуоруйата. |
Саха остуоруйаларын ааҕан иһитиннэрии, ырытыы, тугу өйдөөн хаалбыттарын уруһуйдатыы. («Атыыр уонна Атыыр оҕус», «Куоҕас Суор икки», П.Х.Андросов – Дьөҥкү Сээн «Эһэ арҕахха тоҕо кыстыыр буолбутай?», «Куруолук хайдах үөскээбитэй?», «Моҕотой эриэн көхсүлэммитэ», «Кэҕэ биир тылланыыта, оҕотун оҕолообот буолуута». |
3- нэдиэлэ |
14. Остуоруйалаһыы |
Саха остуоруйаларын ойуу киинэлэрин (мультиктарын) көрдөрүү (“Таал-Таал эмээхсин”, «Ба5а уонна тураах», «Чыычаах Мо5ус икки», «Алаа Мо5ус», «Буочакаан» уо.д.а ойуу киинэлэри көрдөрүөххэ сөп, ырытыы, уруһуйдатыы. |
4 – нэдиэлэ |
15. «Саха остуоруйатын алыптаах киэһэтэ» |
Инсценировка. «Бөрө уонна куобах» остуоруйаны оонньотон көрдөрүү. |
Олунньу -1 нэдиэлэ |
16. Чабырҕах |
Чабырҕах хайдах этиллэрин өйдөтүү, ааҕан иһитиннэрии, көрдөрүү. Сирэй, харах, тыл, уос-эрчийиилэрин, артикуляционнай гимнастиканы уонна сатаан тыыныы эрчиллиилэрин оҥотторуу. |
2 – нэдиэлэ |
17. Чабырҕахсыттар. |
Чабырҕаҕы үөрэтиигэ дьарыктар. Чабырҕахтары нойосуус үөрэтии, толотторуу. (П.Х.Андросов – Дьөҥкү Сээн чабырҕахтарын) |
3 – нэдиэлэ |
18. Өс хоһоонноро. |
Өс хоһоонноро диэн тугуй? Быһаарыы, өйдөтуу. Өс хоһооннорун үөрэтии. |
4 – нэдиэлэ |
19. Өс хоһооннорунан кэпсэтии. |
Остуоруйа тылын — өһүн өс хоһооннорунан уларытан, сценка оҥорон оонньотон көрдөрүөххэ сөп. |
Кулун тутар – 1 нэдиэлэ |
20. Саха суруйааччылара. |
Саха суруйааччыларын туһунан кэпсэтии. Оҕо суруйааччыларын кытта билиһиннэрии – П.А.Ойуунускай, А.Д.Неустроева, Т.Е.Сметанин, Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон, И.Н.Сосин, П.Н.Тобуруокап, айымньыларыттан талан ааҕан иһитиннэрии. |
2 – нэдиэлэ |
21. Хоһоон алыптаах эйгэтигэр уһуйуу. |
Саха суруйааччыларын хоһооннорун ааҕан иһитиннэрии, ырытыы, нойосуус үөрэтии, дорҕоонноохтук ааҕарга эрчийии. |
3 – нэдиэлэ |
22. Хоһоон ааҕыыга күрэх |
Хоһоону доргуччу, ис хоһоонун арыйан, дорҕоонноохтук ааҕалларын ситиһии. |
4 – нэдиэлэ |
23. «Мин сөбүлүүр кинигэм» |
Сөбүлүүр суруйааччыларын айымньытынан, бэйэлэрин илиилэринэн , төрөппүттэрин кытта, дьиэлэригэр, кинигэ оҥорон аҕалаллар-дьиэҕэ сорудах биэрии. Ол оҥорон аҕалбыт кинигэлэринэн быыстапка тэрийии. |
Муус устар – 1 нэдиэлэ |
24. Үгэни кытта билиһиннэрии |
« Сахсырҕалаах таракаан» Күн Дьирибинэ, үгэни ааҕан иһитиннэрии, ырытыы, уруһуйдатыы. |
2 – нэдиэлэ |
25. Сахалыы остуол оонньуулара. |
Бэсиэдэ. Сахалыы остуол оонньууларын кытары билиһиннэрии, оонньоон көрдөрүү, өбүгэлэрбит оонньууларын сөргүтүү (хаамыска,хабылык,тыксаан уо.д.а) |
3 – нэдиэлэ |
26. Сахалыы остуол оонньууларынан оонньотуу. |
Оонньуулар быраабылаларын быһаарыы ,оонньуурга үөрэтии. Тыксаанынан оонньотуу. Хабылыгы, хаамысканы хабарга үөрэтии. |
4 – нэдиэлэ |
27. Таабырыннар. |
Таабырын төрдө кырдьаҕас Таам Таратай буолар. Таабырын оҕо түргэнник өйдүүрүгэр көмөлөһөр, сытыы өйдөөх буоларыгар элбэҕи биэрэр. Таабырыннары тиэмэлэринэн уонна туохха сыһыаннаахтарынан арааран таабырыннатар ордук. Таабырын таайсыы, таабырын айыы,таайыыга куоталаһыы. |
Ыам ыйа – 1 нэдиэлэ |
28. Сахалар саамай улахан бырааһынньыктара – Ыһыах |
Бэсиэдэ. Ыһыах туһунан кэпсэтии. Ыһыах сиэрин-туомун туһунан билиһиннэрии,быһаарыы. |
2 – нэдиэлэ |
29. таптыыр үҥкүүтэ – оһуокай. |
Оһуокай хаамыытын үөрэтии, билиһиннэрии, оһуокайдатыы. |
3 – нэдиэлэ |
30. Өбүгэлэрбит оонньуулара. |
Өбүгэлэрбит оонньууларын сөргүтүү(хамсаныылаах оонньуулар – «Ойбонтон уулааһын”,”Атах тэпсиитэ”, «Хайах хостооһуна», «Оҕус уонна чөҥөчөк”, «Күлүүстэһии”, “Ыт буутун охсуһуута” уо.д.а) |
4 – нэдиэлэ |
31. Ыһыах |
Сыл устата барбыт үлэ түмүгэ оҕо ыһыаҕар көстөр. Ол иһин уһуйааҥҥа тунал ыһыах үгэскэ кубулуйуохтаах. Ыһыах ыһар сиэрин-туомун тутуһан, эрдэттэн сценарий суруллар. Ол сценарийга баар буолуохтаах: ыһыаҕы аһыы үгэһэ, ырыа-тойук, оһуокай, күрэхтэһиилэр, куоталаһыылар, түһүлгэннэн олорон аһааһын уонна оонньуулар. Фольклору билиһиннэрии, иһитиннэрии, үөрэтии бары көрүҥүн таба туһанар буоллахха эрэ, норуот уус-уран айымньыта оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥиэн сөп. |