ПАВЛОВ Николай Николаевич
ПАВЛОВ Николай Николаевич — Тыаһыт Кырдьык иһин туруулаһара П. Харитонов, «Өлүөнэ очуостара» xahыam, 14.07.1994 с. Хаҥалас улууһуттан тахсыбыт уонна саха литературатыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыт биһиги тумус туттуохтаах дьоннорбутуттан биирдэстэрэ — Николай Николаевич Павлов — Tыahыт буолар. Кини бөдөҥ, толуу мастардаах, дьон номоҕор киирбит уус тутааччылардаах, бултаах, балыктаах быйаҥ дойдуга — I Маалтааны нэһилиэгэр, орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүт. Төрөппүт аҕатын аата Васильев Николай Павлович диэн эбит. Кини кэргэнинээн алтата оҕоломмуттар, бастакылара Миитээ (кини эрэ Васильевынан ааттаммыт), иккистэрэ Ньукулай (Тыаһыт), Дьэбдьиэй, Охонооһой, Маша, бу кыыс уончатыгар сылдьан өлбүт уонна кыралара Григорий. Ийэлэрэ бу уолу төрөтөөт, үс хонон баран өлбүт, инньэ гынан кинини …