ОМОРУСОВ (Ефремов) Петр Гаврильевич
ОМОРУСОВ (Ефремов) Петр Гаврильевич 20-с үйэ 20-с сылларынааҕы Саха интеллигенциятын чулуулара ханнык баҕарар киһи уопсай сайдыыта ханнык историческай кэмҥэ, ханнык государственнай тутул баһылаан-көһүлээн олорор кэмигэр төрөөн-үөскээн кэлбититтэн, бэйэтин көрдөрбүтүттэн улахан тутулуктаах. Ол да буоллар, ханных баҕарар кэмҥэ айылҕа барахсан уһулуччулаах дьоннору туохтан да тутулуга суох күөрэтэн, арчылаан таһаарар. Оннук дьонунан буолаллар биир дойдулаахтарбыт, кэргэннии Оморусовтар Петр Гаврильевич уонна Анисия Михайловна. В.В. Никифоров, бырааттыы Ксенофонтовтар, М.К. Артемьев, Р.И. Оросин, уо.д.а. уонунан, сүүһүнэн ааҕыллар бэйэлэрин кэмнэрин чаҕылхай, дьиҥ-чахчы дуулаҕа санаалаах дьоннорбут ааттара-суоллара, кинилэр олорбут олохторо, охсуспут охсуһуулара норуокка иһиллэр-биллэр, кэрэхсэнэр, кэриэстэнэр буолбуттара ыраатта. Онтон кинилэри кытта бииргэ сылдьыспыт, репрессияҕа түбэспиттэр, биллибэккэ-көстүбэккэ «бандьыыттар» диэн дьаралыктаах хаалбыттар, …